Тохсунньу 13 күнэ – Арассыыйа Бэчээтин күнэ. Бу күн биһиги оскуолабытыгар «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарык Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата бэлэмнээн таһаарар матырыйаалларынан ыытылынна.
Ол курдук «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» тохсунньу 13 күнүнээҕи тиэмэтэ Арассыыйа Бэчээтин күнүгэр ананан ыытылынна.
Бэчээт туһунан «Разговоры о важном» федеральнай бырайыакка туспа тиэмэ быһыытынан киирбитэ кумааҕы хаһыат, сурунаал, кинигэ улаханнык сыаналанарын бэлиэтэ диэн ылынныбыт. Онон бу тиэмэни оҕолорбутугар үөрэ-көтө кэпсээтибит.
Хаһыаты, сурунаалы таһаарар үлэһиттэр идэлэрин туһунан кылаас салайааччылара уонна оскуолабыт бибилэтиэкэрэ С.А. Прокопьева билиһиннэрдилэр. 2025 сыл Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччилэр сыллара, Улуу Кыайыы 80 сыла. Бу дойду олоҕор үс улахан суолталаах хайысхалары «Кэскиллэр» тэҥҥэ тутан, ситимнээн, дьарык матырыйаалларын олус дириҥ ис хоһоонноох гына оҥорбуттар. Холобур, алын кылаас үөрэнээччилэригэр «Кыайыы кэмбиэрэ» баар. Ол кэмбиэргэ оҕо Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан кэпсиир карточкалары таһааралларын ылан кырыйан мунньан иһиэхтээх. Бу сырыыга Герой-куораттар туһунан кэпсиир карточкалар бааллар. Оҕолор сүрдээҕин сөбүлээтилэр.
Дьарык тиэмэтигэр сөп түбэһиннэрэн, биир дойдулаахпыт, оскуолабыт аатын сүгэр сахалартан бастакы норуот поэта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа С.Р. Кулачиков-Эллэй төрөөбүтэ 120 сылыгар «Кэскил» хаһыакка тахсыбыт үлэлэри аахтыбыт, сыаналаатыбыт, бу тула кэпсэттибит.
Онон тохсунньу 13 күнүнээҕи дьарык биир дьарыгынан бүтэн хаалбат ис хоһоонноох. 2025 сыл устата киһи эргийэн кэлэн хаста да туһаныан сөп https://keskil14.ru/tohsunnu-13-k-ne-arassyyja-becheetin-k-ne-den-rossijskoj-pechati/
С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын коллектива, Таатта