Күндү оҕолор, төрөппүттэр, учууталлар, педагогтар!
Олохсуйбут үгэстэргэ олоҕуран саҥаны, сонуну айан-тутан таһаарыы, киэҥ дириҥ толкуй, бэйэ-бэйэни кытта сатаан алтыһыы, бодоруһуу, хамаанданан үлэ – бу аныгы киһи ханнык баҕарар эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлииригэр сүрүн тосхоллорунан буолаллар. Билиҥҥи түргэн тэтимнээх, сайдылаах олоххо оҕоҕо бу тосхоллор сатабылларын иҥэрии түргэн уонна судургу буолла. Оҕолор олох тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылаан бэйэлэрин бэйэлэрэ сайыннарар, бэйэлэрин бэйэлэрэ үөрэтэр үөрүйэхтэри баһылыыллар. Онуоха бары өттүнэн сиппит-хоппут медиаконтены оҕолорбутун кытта тэҥҥэ оҥорон таһаарыы ордук улахан суолталаах.
Саха сиригэр оҕоҕо аналлаах медиа эйгэни сайыннарыы урут-уруккуттан баара. Оччолорго “Кэскил”-“Бэлэм буол” уонна “Юность Севера” хаһыаттар олуктарынан өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар 300-тэн тахса юнкорпостар тэриллэн үлэлии сылдьыбыттара. Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата бу үтүө үгэһи аныгы технологияларга олоҕуран сайыннарар, оҕолору кытта медиа эйгэни сайыннарыыга үлэлиир.
2022 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҥа дьылга диэри саха тылын сайыннарар государственнай программа чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ 40 оскуолатыгар медиа-кииннэри аһан саҕалаабыппыт. Ити уопут кэрэхсэбиллээҕин, туһалааҕын өйдөөн, инновация уонна инфокоммуникационнай технология Министиэристибэтин информационнай обществоны сайыннарыыга государственнай программатыгар тирэҕирэн, 2022-2023 үөрэх дьылыгар өрөспүүбүлүкэ 21 улууһун хабан, медиа-оскуолалар ахсааннарын 158 оскуолаҕа диэри улаатыннардыбыт. Билигин 158 медиа оскуолаҕа 470-тан тахса педагог, 800-кэ оҕо дьарыктанар.
Оскуола үөрэнээччилэригэр аналлаах патриотическай ньыманан оҕону иитэр-үөрэтэр киэҥ араҥаны ситимниир “Саас” мобильнай сыһыарыыны оҥорон таһаардыбыт. Оҕолор учууталларын кытта бэйэлэрэ история, география, саха тылын уруоктарыгар анаммыт тэттик видеоларга сценарий суруйан, тылын-өһүн чочуйан, видеотын устан, монтажтаан оҥороллор. 158 медиа-оскуола барыта холбоон, сылга Саха сирин улуустарын, нэһилиэктэрин историятын, сирин-уотун уратытын туһунан оҕо оҕоҕо кэпсиир 15 тыһыынча видеоконтены оҥорор таһаарар. Оҕолор оҥорбут видеоларын учууталлар география, история, саха тылын уонна литературатын уруоктарыгар туттар буоллулар.
“Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата саха тылыгар дэгиттэр эйгэни тэрийиигэ улахан болҕомтотун уурар. Оҕолорбут оҥорон таһаарбыт видеоларын “Чуораанчык”, “Колокольчик+”, “Бэлэм Буол”, “Юность Севера” сурунаалларбытын, «Кэскил” хаһыаппытын, кэскил14.ру саайпытын кытта алтыһыннары тутан тарҕатабыт. Биэс сиэрийэлээх сахалыы тылынан “Чуораанчык” ойуулугун оҥорон таһаардыбыт.
“Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин профессиональнай үөрэхтээһинин сайыннарар институту кытта тэтимнээх үлэни ыытар. Оскуолаҕа медиа кииннэри үлэлэтэргэ ханнык ньымалары туһанарга, учуутал оҕону кытта видеоконтены оҥорон таһаарыыга үлэ бастыҥ уопуттарын үллэстэр. Дьонугар-сэргэтигэр, төрөөбүт дойдутугар чугас Киһи Киһитин иитэн таһаарыыга тирэх өйдөбүллэри иҥэрэр.
Медиа-оскуолалар үлэлэрин чэрчитинэн, 2022 сылтан саҕалаан “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” региональнай компонент уруоктарын бэлэмнээн таһаарар. Бу бырайыак иитинэн, 1 кылаастан 11 кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыт “Өксөкүлээх үөрэҕэ” уруок олоххо киирэн, сахалыы тыллаах оскуолалар туһанар буоллулар.
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата оскуола саастаах оҕолорго «Төрүччү» бырайыагы иилээн-саҕалаан үлэлэтэр. Биһиги бу бырайыагы саҕалыырбытыгар оҕо чинчийэр үлэтин сахалыы тылынан көмүскүүр кыахтаах диэн өйү-санааны тутуспуппут уонна бэйэтин төрдүн-ууһун туһунан төрөөбүт тылынан кэпсиирэ киниэхэ быдан чугас буолар диэн санааҕа тирэҕирбиппит. «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата 2022 сылтан Саха өрөспүүбүлүкэтин Хотугу норуоттарын генеалогия уонна этнология научнай-чинчийэр институту, Саха сиринээҕи наука дьоҕус Академиятын кытта «Төрүччү» куонкуруһу ыытар. Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыттан 300-кэ оҕо кыттыыны ылар. Бастыҥ үлэлээх оҕолорбутун 2023 сылга В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» XХVII научнай-практическай конференцияҕа сөптөөх секцияларынан киллэрэн кытыннарбыппыт. Ол түмүгэр төрүччүтүн үөрэппит үс оҕобут Россия научнай түһүлгэлэригэр тиийэннэр лауреат, дипломант үрдүк аатын ылбыта. Оҕолор, кинилэр төрөппүттэрин ортолоругар төрдү-ууһу наука таһымыгар таһааран үөрэтии, чинчийии улахан сэҥээриини ылбытын көрөммүт, «Төрүччү» куонкуруһу ааспыт сылга иккис төгүлүн тэрийэн ыыттыбыт. 200-кэ оҕоттон 10 бастыҥ үлэлээх оҕону таламмыт В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» XVIII научнай-практическай конференцияҕа киллэрдибит.
Быйыл «Инникигэ хардыы» научнай конференцияҕа төрүччү «Төрдү-ууһу чинчийии» диэн туспа секция быһыытынан киирдэ. Бу «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата төрүччү хайысхатыгар ыытан кэлбит үлэтин биир саамай улахан ситиһиитэ буолар.
“Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата оҕо айар-тутар, толкуйдаан, оҥорон таһаарар кыаҕын, дьоҕурун сайыннаран, оҕолорбутун кытта тэҥҥэ иитэр-үөрэтэр суолталаах, дириҥ ис хоһоонноох сахалыы медиа эйгэни тэрийиигэ үлэлиибит.
Оҕо оҕоттон атына суох. Бэрт кыра кэм иһигэр улаатар, сайдар аналлаах. Ол кэми мүччү тутумуоҕуҥ!
Бэчээт күнүнэн!
Ольга СЕМЕНОВА,
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ.