Аныгы ыччат аахпат буолла дииллэр. Ол биричиинэтэ элбэххэ сытар дии саныыбын. Урукку оҕолор билиини радио, телевизор, кинигэ, хаһыат нөҥүө эрэ ылаллар эбит. Урут ыал үксэ хаhыат, сурунаал суруйтарар эбит буоллаҕына, билигин хаhыат суруйтаран ааҕар ыал отой аҕыйах. Ыал бары сонуну хаhыаттан ааҕан билэр этэ. Ийэм кэпсииринэн, урут хаhан почтаҕа хаhыат кэлэрин күүтэллэрэ эбитэ үһү.
Оттон билигин хайдаҕый? Интернет, көмпүүтэр, сиэп төлөпүөнэ, планшет, электроннай кинигэ арааһа баар буолла. Бу эмиэ үчүгэй дии саныыбын. Аныгы технология биhиэхэ быдан чугас, өрүүтүн илиибит иhигэр баар уонна дөбөҥнүк өйдөнүмтүө. Аны бассаап, инстаграм, В контакте, Телеграмм, о.д.а. ситимнэр бааллар. Итиннэ даҕаны киhи арааhы ааҕыан, билиэн-көрүөн сөп.
Ол эрээри, олохпут балысханнык сайдан, үйэ уларыйан, кэми кытта тэҥҥэ хардыылыырбыт үчүгэй. Интэриниэти хасыһан, наадалаахпытын булан ылан туһанабыт. Олус элбэх информация баара табыгастаах даҕаны, туһалаах даҕаны курдук. Киһи аахпат буоллаҕына, сатаммат. Ааҕар киһи дууһалыын уоскуйар, сүрэхтиин манньыйар, элбэх саҥаны билэр, ыарырҕатар ыйытыытыгар көмөнү булар. Онон хаhыат биһиги олохпутугар эргиччи туһалаах. Төһөнөн элбэҕи ааҕабыт да, иннибит диэки сайдыыга баран иһэбит. Ааҕар киһи аахпат киhитээҕэр быдан билиилээх буолар. Үгүс оҕо кинигэни, хаhыаты төрөппүтүн көрөн үөрэнэр.
Биhиэхэ оскуолаҕа элбэх оҕо тапталлаах хаhыаппытын «Кэскили» суруйтарабыт. Оҕо ааҕар буолаатын кытта, төрөппүттэр «Кэскил» хаһыаты ааҕыыга чугаһатыахтарын наада дии саныыбын. Оскуолаҕа оҕолорго, төрөппүттэргэ хаһыаты сурутууга үлэлэһиэххэ наада.
Ааҕыы киhи олоҕор улахан оруолу ылар. Хаhыаты кыра эрдэхтэн аахтахха, сатаан саҥарар, дьону кытта кэпсэтэр, бэйэ санаатын тиэрдэр дьон буола улаатабыт.
Марина Васильева, VIII кылаас үөрэнээччитэ,
Н.И. Кочнев аатынан I Хаҥалас орто оскуолатын «Ыллык» эдкорпост чилиэнэ,
Ньурба.
XXI үйэ технология, саҥаттан саҥа арыйыылар, сибээс сайдыбыт кэмэ буолар. Интернет билиҥҥи олоххо улахан суолталаах уонна киһи олоҕор элбэх миэстэни ылар. Урут ыалга төлөпүөн биир, эбэтэр, олох да суох эбит буоллаҕына, билигин киһи, оҕо аайы тус-туспа төлөпүөннээх. Онно биһиги күн ахсын интернет уонна араас сыһыарыылар көмөлөрүнэн онлайн оонньуохпутун, киинэ көрүөхпүтүн, кими баҕарар кытта кэпсэтиэхпитин, кинигэ ааҕыахпытын сөп.
Оттон билиҥҥи үйэҕэ оҕо-аймах хаһыакка наадыйар дуо?
Хаһыаты ааҕыы ханнык баҕарар үйэҕэ туһалаах.Төһөнөн элбэҕи ааҕаҕын — соччонон элбэх билиини ылаҕын. Хаһыаты ааҕан, оҕо өйө-санаата, тулалыыр эйгэни көрүүтэ сайдар. Ону таһынан оҕо билиитэ кэҥиир, элбэҕи аахтаҕына грамматиката сайдар.
Оттон сахалыы тылынан суруллубут хаһыаттары аахтаҕына, кини урут билбэтэх тылларын булан, ол туох суолталааҕын билэн, бэйэтигэр итинник, кыра да буоллар, саҥа арыйыылары оҥорор.
Лена Заборовская, VIII кылаас үөрэнээччитэ,
Боронук орто оскуолата, Дьааҥы.
Билиҥҥи үйэҕэ туох барыта технологиянан оҥоһуллар. Технология сыл аайы тупсан, сайдан иһэр. Онуоха хаһыат эмиэ туһалаах: киһи олоҕун сайыннарар, киһини элбэх билиигэ угуйар. Холобур, хаһыаттан аан бастаан сөбүлүү көрбүт ыстатыйаҕын ааҕаҕын. Туох эмэ интэриэһинэйи оҥорбут буоллахтарына, эн эмиэ ону хатылыыгын, элбэххэ үөрэнэҕин. Сорох дьону холобур оҥостоҕун, тоҕо диэтэххэ, ити киһи бэйэтин ситиһиитин туһунан кэпсээтэҕинэ, эн эмиэ оннук буолуоххун баҕараҕын.
Хаһыат суоҕа эбитэ буоллар, киһи үчүгэйдик оннукка-манныкка үөрэниэ суоҕа этэ. Аҥаардас тэлэбиисэринэн муҥурданыы астыга суох. Ол иһин хаһыаты хаһан баҕарар көрө сылдьыахха наада.
Ливия Другина, VIII кылаас үөрэнээччитэ,
Боронук орто оскуолата, Дьааҥы.
“Кэскилтэн” сөбүлээн ааҕар ааптардарым
“Кэскил” хаһыаттан сөбүлээн ааҕар ааптарым Айсен Николаев-Лэҥкэ, оттон суруналыыстартан Айыына Трофимова.
Айсен Николаев-Лэҥкэ саамай сөбүлээн ааҕар “Арай биирдэ” диэн рубрикабар киһини салыннарар кэпсээннэри суруйар. Ааҕа олорон, киһи этэ тардар, олус куттанар. Барыта хараххар илэ буолан көстөргө дылы буолар. Ол гынан баран, маннык кэпсээннэри ааҕарбын сөбүлүүбүн. Дьонум куруук сүбэлииллэр, туох барыта иччилээх диэн. Онуоха сиэри-туому тутуһуохха наада дииллэр. Бу рубрика оҕолору онно-манна бардахха сэрэхтээх буолууга, сиэри-туому тутуһарга, сири-уоту ытыктыырга, о.д.а. үөрэтэр.
Сөбүлээн ааҕар суруналыыһым Айыына Трофимова биллэр дьонтон интервью ылан суруйар, араас рубрикалары бэлэмниир, оонньуулары толкуйдуур. Ол олус интэриэһинэй, кэрэхсибиллээх. Мин санаабар, Айыына Трофимова суруналыыстыканы саҥардыы саҕалаабыт дьоҥҥо холобур буолар.
Маша Мордовская, Боронук орто оскуолата, VIII кылаас үөрэнээччитэ.
Бэлэмнээтэ Жанна Леонтьева.