Дьокуускай куорат 17 №-дээх оскуолатын 5 «в» кылааһын үөрэнээччилэрэ, учууталлара Ирина Егоровна Тарабукина сорудаҕынан саҥа түспүт хаар туһунан дьоҕус дьүһүйүүлэрин ыыттылар. Сорох оҕолор хаар уобараһын аатыттан суруйбуттара олус интэриэһинэй.
Леонид Филиппов: Мин — хаарбын
Мин — хаарбын. Саҥа түспүт сымнаҕас сыа хаарбын… Мин бу күнү кэтэспитим аҕай! Мин ийэм — Былыт. Ийэм Былыт бу кэм туһунан кэпсиирин сөҕө-махтайа истэрим. Бүгүн кыһын маҥнайгы күнэ, дьэ, үүннэ. Мин бүгүн Сиргэ түһэбин. Күүтүҥ миигин, оҕолоор! Бииргэ оонньуохпун, хаарынан бырахсыахпыт, хаар киһини оҥоруохпут!
Артем Ядреев: Маҥан түү былаат буоламмын
Хачыгырас хаар буоламмын, кыһыны, тымныыны аҕалан, тиийэн кэллим эһиэхэ! Маҥан түү былаат буоламмын, мастары бүрүйдүм, сылаас суорҕан буоламмын алаастары, тыалары үллүктээтим. Күнү кытта күлүмүрдээммин, бар дьону үөрдэбин…
Туяна Березина: Барыта ып — ыраас, муус-маҥан
Мин хаар түһэрин наһаа сөбүлүүбүн. Хаар түстэҕинэ, бадараан, кир суох буолар. Барыта ып — ыраас, муус-маҥан буолар. Саҥа хаар айылҕаны бүтүннүү бүрүйэр. Мастар халыҥ хаар анныгар саһаллар, оччого кыһын тоҥмоттор, үлүйбэттэр. Саха сиригэр кыһын уһун уонна тымныы. Мин Саха сиригэр төрөөбүт буоламмын, саҥа хаар түһэрин өрүү күүтэбин.
Эркин Пудов: Халлаан сылыйар, салгын ырааһырар
Маҥнайгы хаар Саха сиригэр алтынньы ый бастакы күннэригэр, үксүн мин ийэм төрөөбүт күнүгэр, алтынньы 10 күнүгэр, күүскэ түһээччи. Мин маҥнайгы хаар түһэр кэмин наһаа сөбүлүүбүн, тоҕо диэтэххэ, тыал чуумпурар, халлаан сылыйар уонна уулуссаҕа таҕыстахха, наһаа үчүгэй буолар. Уонна салгын ырааһырар.
Владимир Ионов: Хаар кыырпахтарын кэрэтэ
Сарсыарда турбутум — тула өттүм сабыс-саҥа муус-маҥан хаарынан бүрүллүбүт. Саха киһитэ кыстыкка эрдэттэн бэлэмнэнэр, онон маҥнайгы хаары кэтэһэр уонна кэрэхсиир үгэстээх. Киэһэ уулусса лаампатын уотугар хойуу маҥан хаар түһэрин одуулуу көрөрбүн олус сөбүлүүбүн, хаар кыырпахтарын кэрэтиттэн сүргэм көтөҕүллэр!