XXI үйэҕэ хаһыаты ааҕааччы ахсаана аҕыйаан, ааҕар-иһитиннэрэр ситимнэр наадалара мөккүөргэ да турдар, эдэр ыччаттарга суруналыыстыканан интириэһиргээн, сөбүлээн дьарыктанааччы ахсаана элбээн иһэр.
Быйыл, ол эбэтэр 2020 сылга, Уһук Илин региоҥҥа оҕо-аймах суруналыыстыкатын сайыннарыыга биир улахан хардыы оҥоһулунна. Муус устарга Ленскай кыраай саайтыгар “Премия в области детской и юношеской журналистики и общественных коммуникаций” диэн аан бастакытын ыытыллар үөрэнээччилэргэ аналлаах Уһук Илин федеральнай универститет ыытар куонкурсун балаһыанньата тахсыбыта. Бу балаһыанньаны көрөн баран ийэм кыттыаххын сөп эбит диэн матырыйаалларбытын ыыппыппыт. Балаһыанньа быһыытынан куонкуруска оскуола саайтарын, хаһыаттарын, электроннай ситимнэрин таһаарааччылар, оҥорооччулар араас номинацияларга биирдиилээн эбэтэр айар бөлөхтөрүнэн кыттыахтарын сөп.
Үөрэх, үлэ быыһыгар кэтэхтэн ыытыллыбыт көрүү туһунан умна да быһыытыйбыппыт. Кыттыбытым туһунан сертификат кэлбэтэ диэн ийэм долгуйан суруйсан, кэлбит хоруй соһутта даҕаны, үөртэ даҕаны. “Бастыҥ саайт” диэн номинацияҕа III истиэпэннээх лауреат буолбутум туһунан сертификат уонна наҕараадалааһын ссыылкатын ыыппыттар. Саха сириттэн элбэх кыттаачы миэстэлэспит эбит,ол олус үөрүүлээх.
Бириэмийэҕэ тиксибит саайтым туһунан билиһиннэрэр буоллахха, чинчийэр үлэм чэрчитинэн оҥоһуллубута. Кыайыы 75 сылын көрсө миэхэ И.В.Пухов аатынан Окоемовка сүрүн оскуолатын историяҕа учуутала Геннадий Дмитриевич Пестряков бу кэмҥэ диэри улаханнык тыытыллыбатах история биир боппуруоһун чинчийэргэ сүбэһит-салайааччы буолла. Бу-сэрии сылларыгар штрафной роталарга, батальоннарга түбэһэн ыарахан дьылҕаламмыт саха саллааттарын олохторун үөрэтии, кинилэр ааттарын үйэтитиигэ үлэлэһии. Булбут сүүстэн тахса штрафной чаастарга сулууспалаабыт саха саллааттарыттан, сураҕа суох сүппүт, өлбүт буойуттар ааттара, хомойуох иһин, сорохторо “Память” кинигэҕэ киирбэтэхтэрин туһунан түмүк оҥороммун,конференцияларга кыттан экспертэргэ билиһиннэрдим. Билигин бу үлэбин салгыы ыыта сылдьабын, “ОБД” диэн “Обобщенный банк данных Мемориал” интириниэт ситимиттэн саллааттары ааттарын буламмын сурунабын, “Память” кинигэҕэ киирбиттэр дуу суох дуу диэммин көрдүүбүн, тэҥниибин, бэлиэтэнэбин.
Миэхэ чинчийэр үлэбэр салайааччым Геннадий Дмитриевич Пестряков, Саха национальнай архыыбын сүрүннүүр археограва Александр Александрович Калашников, энтузиаст –кыраайы үөрэтээччи Михаил Егорович Друзьянов сүбэлэрин туһанабын. Маны таһынан улахан көмөнү буойун биир дойдулааҕым Николай Михайлович Крылов кыыһа Анна Николаевна Колесова оҥорон, матырыйаалынан, ахтыыларынан хааччыйан үлэбин элбэх конференцияларга кэпсиир кыахтанным. Мин үлэм сүрүн девиһэ: “Память должна быть справедливой”, атыннык эттэххэ, сэрии сылларыгар сулууспалаабыт буойуттар бары историяҕа суруллуохтаахтар, кинигэҕэ киириэхтээхтэр. Оччоҕо эрэ биһиги сэрии толоонугар охтубут буойуттар кэриэстэригэр “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диир кыахтанабыт.
Суруналыыстыкаҕа бастакы хардыыбын мин кыра кылааска үөрэнэ сылдьан Курбуһахха, эһээм төрөөбүт-үөскээбит эбэтигэр муҥхаҕа сылдьыбыппыттан астынан, сөҕөн-махтайан “Кэскил” оҕо хаһыатыгар суруйан саҕалаабытым. Уонча сыл устата “Мүрү саһарҕата”, “Кэскил”, “Юность Севера”, “Учуутал аргыһа” хаһыаттарга, “Үрүйэчээн” сыһыарыыга, “Хатан” сурунаалга сүүстэн тахса суруйуулары таһаартардым. Сүрүннээн бэйэм кыттыбыт тэрээһиннэрбиттэн, ырааҕынан-чугаһынан айаннарбыттан бэлиэтээһиннэри суруйан саастыылаахтарбар,биир дойдулаахтарбар билиһиннэрэр этим.
Быйыл оскуолабын, В.А.Протодьяконов-Кулантай аатынан Майаҕас орто оскуолатын 9 кылааһын туйгуннук бүтэрэммин химик буолар баҕа санаалаах утумнаахтык дьарыктана сылдьабын. Араас сылларга миэхэ ситиһиилэри аҕалбыт оҕо-аймах“Кэскил”, учууталларга аналлааах“Учуутал аргыһа”, улууһум “Мүрү саһарҕата”хаһыаттарыгар махталым муҥура суох: Аан дойдутааҕы өй оонньуулара -2018, “Кэскил” хаһыат бириэмийэтин күрэҕэ, “Малая пресса” бириэмийэтэ, Уус-Алдан улууһун Баһылыгын “Бастыҥ активист” номинацията, “Мүрү саһарҕата”хаһыат лауреата, Москва к. ыытыллар “Старт в науку” конференция кыайыылааҕын аата, Н.Д.Ховров аатынан маҥнайгы стипендия, элбэх улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи конференциялар, олонхо толоруутугар куонкурустар дипломнара, өрөспүүбүлэкэтэҕи Олонхо ыһыаҕын тимири уһаарааччылар күрэхтэрин “Кэскиллээх уус” номинацията.
Айталана Пухова,В.А.Протодьяконов-Кулантай аатынан
Майаҕас орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ, Уус-Алдан.