Сэтинньи 1-10 күннэригэр Саха сирин оскуолаларын иһигэр Бүтүн Арассыыйатааҕы «Бастыҥ оскуола остолобуойа» күрэх эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэ ыытылынна.
Күрэххэ Булуҥ, Үөһээ Бүлүү, Эдьигээн, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Таатта, Томпо, Хаҥалас улуустарыттан уонна Нерюнгри, Дьокуускай куораттан барыта 13 оскуолаттан сайаапка киирбититтэн, «Бастыҥ куорат оскуолатын остолобуойа» диэн анал аакка 3 оскуола, «Бастыҥ тыа сирин оскуолатын остолобуойа» аакка 10 оскуола кыттыыны ылла. Ол туһунан СӨ үөрэх уонна наука министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Дьүүллүүр сүбэ күрэх кыттыылаахтарын рейтиннэрин таһаарбыт түмүгэр, кыайыылааҕынан уонна «Бастыҥ куорат оскуолатын остолобуойа» диэн анал аат хаһаайынынан Нерюнгри куорат 2-c нүөмэрдээх гимназията ааттанна. Онтон «Бастыҥ тыа оскуолатын остолобуойа» ааты Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан 1-гы нүөмэрдээх оскуола ылла.
Күрэх кыайыылаахтара Бүтүн Арассыыйатааҕы түһүмэххэ Саха сирин аатыттан бу сэтинньи уонна ахсынньы ыйдарга кыттыыны ылыахтара. Ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ!