Муус устар 26 күнүгэр А.С.Шахурдин аатынан биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр Төҥүлү орто оскуолатыгар бастыҥтан бастыҥнар биир түһүлгэҕэ муһуннулар. Чаҕылхай оҕолору, бастыҥ үөрэнээччилэри биир түһүлгэҕэ муһаннар сылын аайы үрдүктүк чиэстииллэр.
Бастыҥнартан бастыҥ бу туох тэрээһинэй диэн ыйытыкка үгүс ааҕааччы киирбит буолуохтаах. Бастыҥтан бастыҥнар — үөрэх чааһыгар чаҕылхай көрдөрүүлээх, оскуола, нэһилиэк олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар оҕолорго анаммыт тэрээһин буолар. Сыл устата бастыҥ оҕолору кэтээн көрөн, үөрэх сылын бүтүүтэ чиэстиир кэмнэрэ тиийэн кэлэр. Бастыҥ оҕолор хайҕал сурук, мэтээл, сэмэй бэлэх ылан үлэлэрин үрдүктүк сыаналаабыттарыттан харахтара сандаарыйа чаҕылыйан илии тутурдаах өттүк харалаах бу киэһээни түмүктээтилэр .
Эн, мин, кини — бары дэгиттэр таланнаах дьоннор буолабыт. Биһиги эмиэ талааммытын көрдөрөн бастыҥ үөрэнээччи аатын сүгүөхпүтүн сөп, бастыҥ уөрэнээччи аатын сүгэр саныырга да олус үчүгэй!
Гаврил ПРОКОПЬЕВ, VIII кылаас, Төҥүлү орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас