Алтынньы 12 күнүгэр Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар «Бастыҥнар хамсааһыннарыгар» саҥа талыллыбыт актыбыыс оҕолору чиэстээһин буолан ааста. Олус долгутуулаах уонна үчүгэй тэрээһин диэн бары сөбүлээтибит.
Саҥа киирбит оҕолору былырыыҥҥы актыбыыстары оонньоттулар, сэргэхситтилэр. Бу тэрээһини оҕолор бэйэлэрэ тэрийбиттэрэ олус үчүгэй дии санаатым. Аан бастаан активка саҥа киирбит оҕолор хамаандаҕа арахсан бэйэлэрин билиһиннэрбиттэрэ, ол кэнниттэн квест-оонньуу «Первые всегда вперед!» диэн ыытыллыбыта. Ол кэнниттэн эстафета «Мы Первые» диэн спортивнай күрэҕэ сүрдээх үчүгэйдик ааста. Оҕолор көхтөөхтүк кыттан, үчүгэй түмүктэри ситистилэр. Тэрээһин түмүгэр ыйытыктарга эппиэттээһин, анал кэпсэтии буолбута. Холобура: «Лидер диэн кимий? Туох хаачыстыбалаах буолуохтааҕый?» уо.д.а. боппуруостарга эппиэттииргэ тургутууну ааспыппыт. Бу саамай долгутуулаах түгэммит этэ. Хата, кэпсэтиини бары этэҥҥэ ааспыппыт.
Наһаа сонун тэрээһин буолла диэн хамсааһын кыттыылаахтара астынныбыт.
Аля Андреева,
Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун 11 кылааһын үөрэнээччитэ,
Таатта улууһа.
keskil14.ru