Кулун тутар 25-26 күннэригэр Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр илин эҥэр улуустар икки ардыларынааҕы «Дьоҕур» бэстибээл буолан ааспыта. Таатта улууһун хамаандатын чилиэнин, Г.Д.Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан Чымынаайы орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитин Мочегусов Илианы кытары кэпсэттибит.
– Үтүө күнүнэн, Илиан! Бэстибээл туһунан сырдат эрэ.
– «Дьоҕур» бэстибээл Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр буолбута. Таатта, Чурапчы, Мэҥэ-Хаҥалас, Амма улуустарыттан 51 биир оҕо кэлбитэ. Чымынаайы орто оскуолатын математика учуутала Ольга Михайловна Тистяхова арыаллаан илдьэ сылдьыбыта.
– Таатта улууһун хамаандатыгар оҕолору хайдах сүүмэрдээн ылбыттарай?
– Кулун тутар 13 күнүгэр «Дьоҕур» бэстибээл улуус таһымыгар ыытыллыбыта, ол түмүгүнэн 10 уһулуччу математик иһигэр киирбит оҕолор талыллыбыппыт.
– Эн санааҕар бэстибээл хайдах ааспытай? Туох ситиһиилээххитий?
– Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Уопсайа 6 хамаанда баара. Биһиги хамаандабыт аата «Таатта» диэн этэ. Биир оонньууга 30 мүнүүтэ бэриллэр, бу бириэмэ иһигэр хамаандалар задача суоттууллар, онтон биир оҕо тахсан дуоска иннигэр суоту көмүскүүр, ону дьүүллүүр сүбэ көрөн баал туруорар, Хамаанда ыйытыы биэрдэҕинэ биир баал эбии бэриллэр. Олус элбэх саҥаны билбитим, оҕолору кытта билсибитим, доҕордоспутум. Эһиил эмиэ баран кыттар баҕа санаалаахпын. Биһиги хамаанда бастакы миэстэ буолан олус үөрбүппүт, дьолломоппут.
– Кэпсэтиин иһин улахан махтал. Үөрэххэр, тус олоххор үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Кэпсэтиини ыытта: Нария Хоютанова,
Г.Д. Бястинов-Бэс Дьарааһын аатынан
Чымынаайы орто оскуолатын юнкорра,
9 кылаас