1969 сыллаахха оччотооҕу Орто Бүлүү совхоз Тааһаҕардааҕы отделениятын туруу үлэһиттэрэ сылгыһыт Поскачин Дмитрий Афанасьевич, тракторист Павлов Яков Дмитриевич, рабочай Иванов Иван Афанасьевич от үлэтин кэннэ күһүн Москваҕа Бүтүн Союзтааҕы тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар барар чиэскэ тиксибиттэр. Ол туһунан 86 сааһыгар үктэммит Поскачин Дмитрий Афанасьевич бу курдук кэпсиир:
— 1969 сыллаахха от үлэтин кэннэ биир нэһилиэктэн үһүө буолан Москваҕа барбыппыт. Өссө Тоҕустан, Бороҕонтон биирдии киһи баара. Бастыҥ үлэһиттэр диэн бириэмийэбит. Ол саҕана совхоз директора М. Е. Спиридонов этэ. Быыстапканы кэрийэн көрбүппүт, кыһыл болуоссакка сылдьыбыппыт, Ленин мавзолейыгар уочарат бөҕөнөн киирэн ааспыппыт. Сиппэрэҥ, ардахтаах күннэр турбуттара. Астара үчүгэй этэ. Инники аҕам Поскачин Афанасий Андреевич эмиэ быыстапкаҕа бара сылдьыбыта.
Кыыһым, Агафья Дмитрьевна оскуолаҕа үөрэнэр сылларыгар сайынын алтыс кылаастан дояркалыыр этэ. Үчүгэй үлэтин иһин 1983 сыллаахха 8 кылааска үөрэнэ сылдьан эмиэ быыстапкаҕа сылдьыбыта. Орто Бүлүү совхозтан Дьөккөн, Хампа, Тоҕус оҕолорун кытта Харлампьева Матрена диэн бииргэ үөрэнэр кыыһын кытта барбыттара. Агафья Дмитрьевна кэпсииринэн манна суох элбэх да элбэх фрукта сиэбиттэр, экскурсияларга сылдьыбыттар. «Золотой Колос” гостиницаҕа олорбуттар.
Бу курдук сэбиэскэй кэмҥэ совхоз салалтата туруу үлэһит дьоннорун Москваҕа быыстапкаҕа ыытан чиэстиир-бочуоттуур эбиттэр.
Ахтыыны ыллылар
Суханов Айаал, Герасимов Владимир,
«Дабаан” эдкордара,
Тааһаҕар, Бүлүү.