Балаҕан ыйын 1 күнүгэр бастакы кылааска киирии долгуйуутун, үөрүүтүн ааһан, оскуола, үөрэх ирдэбилигэр сөп түбэһэн, учуутал кэпсиирин ылынан, ааҕарга, суоттуурга үөрэнэн, бастакы чиэппэри түмүктээн, дьэ, чахчы, бастакы кылаас оҕото буолар Туоһу суругу илиилэригэр тутар үөрүүлээх күннэрэ буолан, оҕолордооҕор учууталлара Айыына Дмитриевна Егорова уонна төрөппүттэрэ долгуйан ыллылар.
Үөрүүлээх тэрээһини бастакы кылаастар хоһоон ааҕан арыйдылар. Айыына Дмитриевна оҕолортон ыйытта: «Икки ыйга туохха үөрэннигит». Оҕолор тэбис -тэҥҥэ: «Ааҕарга, суруйарга, суоттуурга, бэрээдэккэ, доҕордуу буоларга», — хардардылар.
Оҕолор икки хамаандаҕа арахсан 4 сорудахтаах тургутууну аастылар.1 сорудах — аһаҕас уонна бүтэй дорҕоону булуу; 2 сорудах — суот; 3 сорудах — дьиэ, ойуур кыылларын арааран наардааһын; 4 сорудах — биир мүнүүтэ иһигэр үөрэнэр суумканы хомуйуу. Тургутук түмүгэр, Доҕордоһуу кыайан, сакалаат уонна кэмпиэт туттарылынна.
Бары бастакы кылаас үөрэнээччитин мэктиэ тылын эттилэр.
- уруокка хойутаабакка,
- уруогу болҕомтолоохтук олорон истиэхпит,
- үөрэнэр кинигэлэрбитин, тэтэрээттэрбитин ыраастык тутутуохпут,
- бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн улаатыахпыт,
- ыраастык таҥна-симэнэ сылдьыахпыт.
Оскуола иитэр-үөрэтэр саабыһа Татьяна Гаврильевна Кысылбаикова бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ буолбуттарын туоһулуур туоһу суругу туттартаата.
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.