Бүгүн, ол эбэтэр ахсынньы 5 күнүгэр, XI кылаастарга үгэскэ кубулуйбут тургутуу – өйтөн суруйуу. Бу түһүмэҕи этэҥҥэ аастахтарына эрэ ЕГЭ-ҕэ киирэллэр.
Россия үрдүнэн 650 тыһыынча оскуоланы бүтэрээччи өйтөн суруйда. 4 чаас устата үлэлээтилэр. Тиэмэлэрин хайысхалара эрдэттэн биллибитэ: «Отцы и дети», «Мечта и реальность», «Месть и великодушие», «Искусство и ремесло», «Доброта и жестокость».
Үлэлэрин кээмэйэ 350 тылтан аҕыйах буолуо суохтаах. Бэлэми устуу, Интернети туһаныы, цитаталарынан дойҕохтооһун көҥүллэммэт. Сүрүнэ – оҕо бэйэтин санаатын сатаан сааһылаан суруйара ирдэниллэр. 100 тылга 5-тэн элбэх сыыһа баар буоллаҕына, “зачет” турбат.
Доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор истибиттэн суруйууну (изложениены)талар бырааптаахтар.
Саха Сирин выпускниктара хайдах суруйбуттарын сотору билиэхпит.