Командировкаҕа сылдьан, хаһыат туһунан кэпсиирбэр, үөрэнээччилэртэн СӨ бастакы Президенэ кимин ыйытааччыбын. Хомойуох иһин, биир эмэ оҕо билэр буолар…
Көлүөнэ уларыйара, бириэмэ түргэнник ааһара, дьэ, ити. Кырдьыга да, кинилэр атын кэм оҕолоро буоллахтара эбээт. Төрүөхтэрин быдан иннинэ буолан ааспыт түгэни, событиены, үлэлээбит дьону төрөппүттэрэ, учууталлара кэпсээбэт, бэйэлэрэ интэриэһиргээн, хасыһан аахпат буоллахтарына, чахчыта да, хантан билиэхтэрэй?
Оҕолоор, эһиги Дьокуускайга кэллэххитинэ, “Эллэй Боотур” хаҥкылыыр муус дыбарыаһы, Медицина национальнай киинин (Медцентр), Саха театрын, о.д.а. баараҕай тутуулары кэрэхсии көрөргүт буолуо дии? Итини барытын СӨ бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев 90-с сылларга туттарбыта.
Ол эрээри кини туһунан итинник аҥардас тутууларынан эрэ кэпсиир, биллэн турар, кыра. Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ хаһаайыстыбаннай боппуруостарын быһаарарынан эрэ муҥурданар салайааччы буолбатах. Кини инникини өтө көрөр, хас эмэ сылы урутаан былаанныыр, куйаарынан эргийэр киэҥ далааһыннаах толкуйдаах, ырааҕы анаарар дьоҕурдаах аҕа баһылык, суолдьут сулуспут. Ол иһин да ырыынак уустук кэмигэр, төһө эмэ сорохтортон сэмэлэннэр, “Азия оҕолоро” оонньуулары туруулаһан туран ыыппыта. Ол эмиэ кини бүгүҥҥүнэн эрэ буолбакка, кэскиллээҕи саныырыттан. Кэм-кэрдии, бириэмэ көрдөрдө: билигин “Азия оҕолорун” аан дойдуга билэллэр, сүүһүнэн араас дойдуттан күрэхтэһэ кэлэллэр.
Сэбиэскэй Сойуус эстибит урусхаллаах быыһык кэмигэр саха омук дьолугар өрөспүүбүлүкэни салайбыт, саханы саха дэппит, сайдар суолун тобулбут ытыктабыллаах бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаев бүгүн, сэтинньи 13 күнүгэр, 81 сааһын туолла.
Саха Сирин үөрэнээччилэрэ хаачыстыбалаах үчүгэй хаһыаттаах буоллуннар диэн, “Кэскили”, “Юность Севераны” элбэх балаһанан, итиэннэ өҥнөөх кыраасканан бэчээттэнэллэригэр уураахтаан, күн бүгүн хаһыаттарбыт 16 балаһанан, дьэрэкээн ойуулаах-уруһуйдаах, өҥнөөх хаартыскалаах тахса тураллара – махтала киниэхэ.
Михаил Ефимович хаһан эрэ үбүлүөйбүтүгэр этэн турар: “Үлэм күнүн хаһыат сонунун ааҕартан саҕалыыбын. Бастаан оҕолорго аналлаах “Кэскили” көрөбүн. Кэнчээри ыччат туох толкуйдааҕын, тугу саныырын биллэххэ эрэ, инники былааны торумнуур табыгастаах”, — диэн. Дьэ, чахчы, ити да түгэн бигэргэтэр буолбаат, Михаил Ефимович норуотун туһугар ис сүрэҕиттэн кыһаллар, кыһалҕатын, кэскилин, сайдар суолун, омук быһыытынан үүнэр-үксүүр кыаҕын туһунан толкуйдуур Улахан, Уһулуччу, Улуу салайааччы буоларын?!
Кэнчээри ыччакка сүрүн болҕомтотун уурбут бастакы Президеммит Михаил Ефимович Николаевы өссө төгүл “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын тыһыынчанан ааҕааччыларын ааттарыттан эҕэрдэлиибит!
Оттон аныгы кэм оҕолоругар этэбит – М.Е. Николаев туһунан кинигэлэртэн, Интернеттэн, хаһыаттан булан ааҕыҥ диэн.
Кини туһунан Олег Сидоров “Михаил Николаев” диэн кинигэтэ “Жизнь Замечательных Людей” сериянан тахсыбыта. Тумарча “Биһиги Аан Дархаммыт”, Матвей Мучин “Лидер среди равных”, Иван Николаев “Лидер реформ” кинигэлэр баар.
Михаил Ефимович бэйэтэ суруйбут кинигэтэ да элбэх: “Путь созидания”, “Вызовы Арктики”, “Циркумполярный музей — единая сеть мирового наследия”, “Образование — основа будущего”, “Время ставит новые задачи”, “Академия наук — надежная опора Якутии на пути прогресса и духовности”, “Поговорим начистоту”, “К 25-летию провозглашения Декларации о государственном суверенитете Республики Саха (Якутия)”, “Я твой сын, Саха Сирэ!”, “Арктика: боль и надежда России”, “Выявить человека творческого”, “Могучим разумом, чистым сердцем. Слово о Гаврииле Иосифовиче Чиряеве”, “Наука в судьбе Арктики и Севера”, о.д.а.
Анисия Иевлева.