Остуоруйа кырдалын устун ыам ыйын 11 күнүгэр Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбыннай тыйаатырыгар балет сүрүн артыыстара уонна А.Н. Посельскайдар ааттарынан Дьокуускайдааҕы балет оскуолатын үөрэнээччилэрэ дьикти, алыптаах «Сказочная долина», ол эбэтэр, «Остуоруйа кырдала» испэктээги көрдөрдүлэр. Бу күн күнүс уонна киэһэ саалаҕа толору көрөөччү умсугуйан, сэргии көрдө.
Маннык далааһыннаах туруорууга тыйаатыр 6 артыыһа уонна балет оскуолатын 80 үөрэнээччитэ кыттыыны ылла. Испэктээк тухары, Саха судаарыстыбыннай филармониятын оркестра, Максим Ноговицын дирижердаах, тыыннаах музыканан доҕуһуоллаата. Балет сынаарыйын уонна либреттотын ааптара – искусствоведение кандидата Парасковья Еремеевна Заболоцкая. Испэктээк муусукатын Саха сирин искусствотын үтүөлээх деятелэ, Саха сирин гимнин ааптара Кирилл Афанасьевич Герасимов суруйда. Үҥкүүнү Россия үтүөлээх артыыһа Екатерина Лаврентьевна Тайшина туруорда.
— Балет искусствота олус уустук искусство. Манна хас да көрүҥ бииргэ алтыһар: литература (фольклор), музыка, хореография, ону таһынан, сценография, көстүүмнэр, о.д.а. «Остуоруйа кырдала» бастакы национальнай оҕо балета буолар. Оскуолабыт дириэктэрэ Д.И. Дмитриева көҕүлээһининэн оҥоһулунна. Сынаарый уонна либретто «Үчүгэй Үөдүйээн» саха норуотун остуоруйатыгар уонна Иван Гоголев-Кындыл «Кыталыктар кырдалларыгар» пьесатыгар олоҕурда, − диэн П.Е. Заболоцкая бэлиэтээтэ.
Сыанаҕа артыыстар оруолларыгар киирэн, уобарастарын олус бэркэ тириэртилэр.
Алеша Ноговицын, балет оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ, Куһаҕан Ходьугур оруолун оонньоото:
— Мин «Остуоруйа кырдала» балекка биир сүрүн оруолу – Куһаҕан Ходьугуру оонньуубун. Ол курдук, оруолбар кыра мэник-тэник уол өйдөнөн, көнөр суолга туран үчүгэй оҕо буолара үҥкүү нөнүө ойууланар. Бу оруолбун көрөөччүгэ тиэрдэрбэр олус элбэхтэ бэлэмнэммиппит.
Күнүскү испэктээккэ үксэ оҕо аймах муһунна. Саха политехническэй лицейин II «ж» кылааһын үөрэнээччилэрэ кылааһынан испэктээги сэҥээрэн көрдүлэр.
Роберт Башарин:
— Сегодня мы всем классом сходили на первый национальный детский балет «Сказочная долина». Мне особенно понравилось и запомнилось, как танцевали разные звери: зайчики, белочки, птички, оленята и медвежата. Еще мне понравился младший брат, как он отважно бросился защищать своего старшего брата и не испугался волков. Еще были очень красивые белые птицы-стерхи похожие на ангелов. Я бы хотел, чтобы мы еще раз сходили с классом на какое-нибудь представление – это очень интересно и весело.
Мия Беленкова:
— Мне очень понравился спектакль, было все очень красиво. Особенно понравилась главная героиня – девушка стерх. Потому что у нее был красивый образ, она очень добрая и красивая.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Ю.С. Куприянов, солбуйааччыта В.В. Левочкин, ону тэҥэ, үөрэҕирии уонна наука миниистирин солбуйааччы В.И. Тихонов, «Целевой фонд будущих поколений РС(Я)» генеральнай дириэктэрэ В.А. Егоров, «Малая академия наук» ректора В.К. Павлов ыалдьыттаатылар.
Маны тэҥэ, үтүөнү оҥоруу чэрчитинэн, балет оскуолата «Берегиня» тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо дьиэтигэр уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи сааһын ситэ илик оҕолор социальнай-реабилитационнай кииннэригэр босхо билиэт бэлэхтээн, үлэһиттэр уонна иитиллээччилэр үөрүүлэрэ муҥура суох:
— Мы, воспитанники ГКУ РС(Я) «Республиканский социально-реабилитационный центр для несовершеннолетних» выражаем благодарность за приглашение на балет «Сказочная долина» 11 мая 2022 г. Постановка нам очень понравилась, мы были воодушевлены мастерством юных артистов, ведь это ежедневный, упорный и тяжелый труд. Сказка очень добрая, заставила нас задуматься о доброте, о природе, о близких. Желаем вам в будущем дальнейших творческих побед и высот.
Биллэрин курдук, ханнык баҕарар тэрээһин элбэх үбү-харчыны эрэйэр. Онуоха, оскуола испэктээк туруоруутугар, көстүүмнэри тигиигэ «Целевой фонд будущих поколений» Грантын сүүйбүтүн туһанна. Оскуола кэлэктиибин, үөрэнээччилэрин аатыттан «Целевой фонд будущих поколений» махтанабыт.
«Остуоруйа кырдала» бастакы саха национальнай оҕо балета киэҥ эйгэҕэ толору көрөөччүлээх улахан биһирэбили ылан, өссө да инникилээх испэктээк буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Айталина Гоголева