Олунньу 15 күнүгэр В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатыгар уолаттарга аналлаах «Басхан» дьыалабыай оонньуу сүүмээрдиир түһүмэҕэ ыытылынна. Оонньуу Сахабыт сиригэр биллэриллибит Үлэ сылыгар ананан дириҥ, киэҥ суолтаны, өйдөбүлү ылан ыытылынна.
Бу күрэх сыала-соруга норуот үгэһигэр, тылыгар, култууратыгар тирэҕирэн өбүгэлэрбит уол оҕону иитиигэ уурбут болҕомтолорун үйэтитии буолар, иккиһинэн, уол оҕо дириҥ өйдөбүллээх, киэҥ билиилээх, ырааҕы ырыҥалыыр киэҥ толкуйдаах буоларын ситиһии, үсүһүнэн, төрөөбүт дойдуга, Ийэ сиргэ, үтүө үгэстэргэ, төрүт култуураҕа сыһыарыы.
«Басхан» оонньууну иилээн-саҕалаан ыыттылар оскуолабыт дириэктэри иитиигэ советнига А.Я. Капитонова, “Оҕонньор лаборатория” салайааччыта С.Д. Пудова, история учууталлара С.М. Васильев, Д.Ю. Васильев, «Басхан» куруһуок салайааччыта П.В. Старостин, оскуола библиотекара Г.В. Бочкарева.
Уолаттарбыт уопсайа 6 түһүмэххэ күрэхтэстилэр.
«Удьуор утума» бастакы түһүмэххэ — кытааччы удьуор утумун, төрүттэрин төһө ыраах көлүөнэҕэ диэри билэрэ-көрөрө сыаналанар. Төрүччүлэригэр туох талааннаах, дьоҕурдаах, кыахтаах биллэр көстөр ааттаах дьоннор олорон ааспыттарын сырдаттылар.
Иккис түһүмэххэ араас кэмҥэ олорон-үлэлээн ааспыт Үлэ Геройдарын олохторун, үлэлэрин сырдаттылар.
Үһүс түһүмэххэ — «Өркөн-өй» викторина (cаха сылгыта: тэрилигэр, сааһыгар, дьүһүнүгэр сыһыаннаах ыйытыыларга хоруйдаатылар).
Төрдүс түһүмэххэ «Саха норуота киэн туттардаахпыт дуо?» диэн ыйытык тула куолу сэһэргэһии буолла.
Бэһис “Айыы умсулҕана” түһүмэххэ хоһоон строкатын тутатына ситэрэн, салҕаан айан, холонон көрдүлэр.
Алтыс түһүмэххэ Исидор Барахов туһунан эрдэ презентация оҥорон видеонан кэпсээтилэр.
Куолуһут уолаттар киэҥ билиилэрин, өйдөрүн санааларын тургутан алта түһүмэҕи аастылар.
Алта түһүмэх түмүгүнэн орто сүһүөх кылаастарга Костя Семенов (5 “б” кылаас) кыайыылаах буолла.
Муҥутуур кыайыылаах аатын уонна оскуола чиэһин улуустааҕы “Басхан” дьыалабай оонньууга көмүскүү барар чиэскэ тигистэ 8 “а” кылаас үөрэнээччитэ — Дима Тимофеев. Кыайыылаах бу оонньуу туһунан санаатын үллэстэр:
— «Басхаҥҥа» кыттаммын мин элбэх билбэппин биллим, сайынным дии саныыбын. Араас түһүмэхтэр бааллар, холобур, саха сылгытын туһунан эрдэ билбэт эбит буоллахпына, бу күрэххэ бэлэмнэнээри саҥаны үөрэтэн биллим, кыттыбатаҕым буоллар, билбэккэ хаалыам этэ. Удьуордарбын ийэм өттүттэн билэр этим, оттон аҕам өттүттэн эбээбэр эрийэн, ыйыталаһан, өбүгэлэрим туһунан олус элбэх интэриэһинэйи биллим. Куолу түһүлгэтигэр санааны аһаҕастык ырытарга үөрэнним, атын уолаттар санааларын сэҥээрэ иһиттим. Улаханнык ыарырҕаппатым. Барахов туһунан видеоны ийэбин кытта тэҥҥэ оҥорон, кини олус чаҕылхай олоҕун туһунан элбэҕи биллим, киэн тутта санаатым, холобур оҥостуохха наада диэтим. Маннык күрэхтэһии буолбута олус үчүгэй, биһиэхэ, уолаттарга, туһалаах. Кыайаммын олус үөрдүм, өссө сыаналаах бэлэх тутаммын үөрүүм үс бүк үрдээтэ.
Оксана Петрова, В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатын пресс-киинэ.