Бу күннэргэ санаам ордук көтөҕүллэн сылдьар. Тоҕо? Халлаан сылыйан, сааспыт кэллэ. Күн чаҕылыччы тыгар. Сааскы чэмэлкэй күнү кытта тэҥҥэ олохпор улахан кыайыыны ситистим.
«Чурапчы улууһугар ыытыллар “Басхан” дьылабыай оонньууга кыттаҕын дуо?» диэн ыйыппыттарыгар сөбүлэспитим.
Басхан “бас, көс” диэн өйдөбүллээх. Бу дьылабыай оонньуу. Уол оҕону сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн иитэр, уопсастыбаҕа таһаарар, билиһиннэрэр. Уол оҕо оруолун үрдэтэр.
Бастаан кыах бөҕө этим. Чугаһаан истэҕин аайы кыаҕым, күүһүм өһүллэн иһэр курдук буолбута. Саатар, бириэмэ түргэн баҕайытык барар. “Басханым” буолара бу тиийэн кэллэ. Икки күн хаалбытыгар аккаастанар эбиппин дии санаатым. “Бэлэмим кыра, онон барарым туһата суох”, – диэн ийэбэр эттим. Ийэм: “Онтон учууталларыҥ? Кинилэр эмиэ бэлэмнэнэргэр кыттыстахтара дии. Мээнэ ылан суох диир кыаҕын суох!” – диэтэ. Кырдьык даҕаны, хайдах бачча тиийэн баран барытын быраҕыахпыный?! Эппиэтинэһи барытын ылан туран, тиһэҕэр диэри барыахтаахпын.
Чурапчыга гимназияҕа кыратык хойутаан тиийдим. “Басхан” саҥа саҕаланан эрэр этэ. Олунньу ыйга Санкт-Петербурга бииргэ сылдьыбыт табаарыстарбын көрүстүм. Кинилэр эмиэ кытта кэлбиттэр. Оонньуубут биэс түһүмэхтээх: I түһүмэх – визитка, II – салайааччылар туhунан 5 мүн. диэри этии, ханнык салайааччы туһунан кэпсииргин талан ылаҕын. III түһүмэх – блиц-ыйытык, IV – дебат, V – тиэмэни талан ылан хоһуйуу.
Бастакы түһүмэххэ долгуйарым да бэрт. Учууталбын кытта хоһоон тылынан кэпсииргэ былааннаабыппыт. Син кэпсээтим. Иккис түһүмэххэ син биир долгуйабын. Салайааччылар тустарынан этиигэ миэхэ Максим Кирович Аммосов түбэспитэ. Бэйэм баҕарарым курдук, көхтөөхтүк эппэтим. Ситэ арыллыбатах курдук сананным. Блиц-ыйытыкка “өрөспүүбүлүкэ күнэ хаһан буоларый?”, “саха тылын сайыннарбыт киһи кимий?” курдук боппуруостар бааллар.
Дебаттарбыт билигин баар проблема тула уонна ону туоратарга тугу гыныахтаахпытын туһунан буолла. Уолаттар тыа хаһаайыстыбатын, үөрэхтээһин туһунан кэпсээбиттэрэ, боппуруостарга эппиэттээбиттэрэ. Мин ыччат ортотугар спорт суолтатын, спорду көҕүлүүргэ туох наадатын туһунан кэпсээтим, санаабын үллэһинним. Бэһис түһүмэххэ биһиэхэ ситэтэ суох хоһооннору түҥэппиттэрэ. Биһиги сорукпут диэн бу хоһоону салгыы ситэриэхтээхпит. Туох баар толкуйбун түмэн, сааһылаан суруйдум уонна ааҕан иһитиннэрдим. Куһаҕана суох буолбута.
Ити курдук түһүмэх аайы арыллан истим. Түмүккэ иккис миэстэ буоллум.
Үөрдүм. Ордук дойдубар, ийэбэр, оскуолабар, учууталларбар кыайыылаах буолан тиийэрбиттэн долгуйдум. Кинилэргэ барыларыгар истиҥник махтанным, миэхэ эрэммиттэригэр, сүбэ-ама, өйөбүл буолбуттарыгар.
Дьурустаан АРТЕМЬЕВ, Х кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы