В.М.Новиков –Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатыгар Төрөөбүт ийэ тыл күнүн ыытыы чэрчитинэн, оскуолабыт VIII-X кылаас уолаттарыгар, “Басхан” дьылабыай оонньуу тэриллэн ыытылынна.
Күрэххэ Платонов Алеша – VIII кылаас, Уваров Эльдар, Захаров Марк – IX кылаас, Платонов Петр, Бубякин Богдан X кылаас уолаттара кыттыыны ыллылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Амма улууһун сэбиэтин депутата, оскуола дириэктэрэ Гаврил Дмитриевич Захаров уонна Эмис нэһилиэгин сэбиэтин депутаттара Ульяна Устиновна Захарова, Борис Сергеевич Яковлев үлэлээтилэр.
“Басхан” – лидер тыл тылбааһа, бас-көс, баһылыыр диэн суолталаах. Эр киһи ханна да буоллун бас киһи, тумус туттар киһи буолар. Ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх, дириҥник анааран толкуйдуур, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, сатабыллаах салайааччы, басхан киһи буолуохтаах. Бу дьылабыай оонньуу өрөспүүбүлүкэҕэ сыллата ыытыллар буолан, интириэһи, көҕү тардар.
Оонньуу түһүмэхтэрэ уларыйбаттар, ол курдук: «Удьуор утума» – төрдү – ууһу билиһиннэрии, «Дойду салайааччылара – мин харахпынан» – Россия, Саха сирин уонна тас дойду салайааччыларын туһунан бэйэ санаатын этинии, «Өркөн өй» – блиц-ыйытыылар, «Дьыалабыай оонньуу» – дебат оонньуу, «Айыы умсулҕана» – хоһоон устуруокаларын тута айан ситэрии.
Олус умсугутуулаах күрэс түмүгэр, “Кылаан Кыайыылааҕынан” X кылаас үөрэнээччитэ Богдан Бубякин буолла, кыайыыны таһынан “Удьуор утума” анал ааты сүктэ. Кини биһиги оскуолабыт аатын күрэх улуустааҕы түһүмэҕэр көмүскүөҕэ. Уолбутугар үрдүк ситиһиини баҕарабыт. Маны сэргэ уолаттар анал ааттар хаһаайыттара буоллулар: Уваров Элдьар “Өркөн өй”, Захаров Марк “ Мындыр өй”, Платонов Алеша “Сайдам санаа”, Платонов Петр “Тобуллаҕас өй”.
Уолаттарбыт бары даҕаны сахалыы тыыннаах, иитиллиилээх, дириҥ көрүүлээх ыччаттар эбиттэр. Улууспут киэн туттуута буола улааталларыгар, дьоһун дьон буолалларыгар бу күрэх олук буолуоҕа диэн эрэнэбит.
Виктория Степанова,
XI кылаас үөрэнээччитэ