Бүгүн Лена саҥа пуховик кэтэн кэлбит. Женя ону көрөөт да, настарыанньата алдьанна. Тоҕо диэтэххэ, наһаа ымсыырда. Ол күнүүлээбит санаатын сатаан туттуммакка, Ленаҕа тиийэн, бары истэллэрин курдук соруйан улаханнык эттэ: «Пыа, кытайдар «Канада Густара» дии. Пахайбын даҕаны». Лена барахсан кыбыстан кытаран хаалла: «Буоллун ээ», — диэн ботугураата.
Дьэ, Лена бэрт былдьаһары сатыыр ээ. Ити кыдьыгыттан бэйэтэ да эрэйдэнээхтиир, атыттары да кыынньыыр. Оттон эһиги кини курдук дьону ордугургуур кэмэлдьилээххит дуо?
Бу ыйытыыларга хоруйдаан, бэйэҕитин бэрэбиэркэлэнэн көрүҥ эрэ.
Баалларгытын маннык ааҕаҕыт: А эппиэт аайы 1 баалы суруйаҕыт, Б — 2, В — 3.
- Туох эмэ туһалааҕы оҥордоххуна, хайҕал көрдүүгүн дуо?
А) мэлдьи;
Б) үксүн;
В) биирдэ эмэ.
- Сөбүлээбэт дьоҥҥун кытта кэпсэтэргиттэн куотунааччыҥ дуо?
А) оннук;
Б) ардыгар;
В) хаһан эмэ.
- Дьоҥҥо үтүө тыллары, кэмпилимиэни төһө этэҕин?
А) суох;
Б) сороҕор;
В) Үгүстүк.
- Соҕотох хааларгыттан куттанаҕын?
А) куттанабын;
Б) сороҕор;
В) биирдэ эмэ.
- Бэйэҕин абааһы көрөөччүҥ дуо?
А) элбэхтэ;
Б) биирдэ эмэ;
В) суох.
- Бэйэҕиттэн астыммат буолуу түгэнэ баар буолааччы дуо?
А) элбэхтэ;
Б) биирдэ эмэ;
В) суох.
- «Куһаҕан киһи диэн суох. Ханнык баҕарар киһини өйдүөххэ эрэ наада». Бу этиини кытта сөпсөһөҕүн?
А) сөбүлэспэппин, оннук буолбатах;
Б) ардыгар эмиэ оннук санааччыбын;
В)оннук-оннук, сөпкө этэҕит.
- Эн бииргэ үөрэнэр доҕотторуҥ, алтыһар дьонуҥ эн тускунан соччото суохтук саҥараллара буолуо дии санааччыгын дуо?
А) Арааһа, оннук быһыылаах;
Б) Ардыгар оннук санаан ылааччыбын;
В) Эс, ама хайаан оннук буолуой?
- Эйигин соруйаары, дьаһайаары, хамаандалаары гыннахтарына, эн соруйан өсөһөҥҥүн, барытын төттөрү оҥорооччугун?
А) оннук;
Б) сороҕор;
В) биирдэ эмэ.
Киһиргэс, бэйэлэрин биллэрэ, ордуктарын көрдөрө сатыыр дьону хайдах ылынаҕын?
А)Төрүт сөбүлээбэппин, онтукабын таспар биллэрэбин;
Б) Хайдах балаһыанньатыттан көрөн сыһыаннаһабын;
В) Кыһаллыбаппын, наадыйбаппьн.
- Эйиэхэ наһаа үчүгэй буола сатыыр доҕотторуҥ ис сүрэхтэриттэн итинник истиҥник сыһыаннаһалларыгар итэҕэйэҕин дуо?
А) Итэҕэйэбин;
Б) Саарбахтыыбын;
В) Суох, сымыйалара ини дии саныыбын.
- Кылааскар сөптөөх балаһыанньаны, аптарытыаты ыла сылдьабын дии саныыгын дуо?
А) суох;
Б) наһаа оннук буолбатах;
В) оннук.
0-15: Эн наар болҕомто киинигэр сылдьыаххын, бары эйигин сэҥээриэхтэрин, кэрэхсиэхтэрин баҕараҕын. Биирдэ эмэ аахайбатахтарына, ону наһаа ыарыылаахтык ылынаҕын, санаарҕыыгын, кыыһыраҕын. Атын дьон ситиһиититтэн үөрбэккин, төттөрүтүн, настарыанньаҥ түһэр.
Итинник майгылаах олорорго уустук. Олоххор сүүс араас киһилиин алтыһыаҥ дии. Олор бары: «Чээн», — дии сылдьыахтара суоҕа. Ол аайы кыынньан, кыйаханан истэххинэ, дьэ, хайдах буолаҕын? Ньиэрбэҕэр оҕустарар буоллаҕыҥ дии. Ол иһин ордугургуур куһаҕан кэмэлдьигин суох гын. Билигин оҕоҕун, майгыгын үчүгэй өттүгэр уларытар кыахтааххын.
15-23: Эн оҕо эрээригин, кэнэн буолбатаххын, улахан киһилии оҕуруктаах өйдөөххүн. Олох обургу номнуо эйигин итинник киитэрэй буоларга үөрэппит. Хаһан эрэ эн дьоҥҥо барыларыгар итэҕэйэриҥ, эрэнэриҥ. Онтон биир түбэлтэ кэнниттэн уруок ылаҥҥын, аны сэрэнэн-сэрбэнэн кэпсэтэр, толкуйдаан баран саҥарар буолбуккун. Оннооҕор бэйэҥ эмоцияларгын кытта хонтуруоллуугун. Күнүүлүүр, ымсыырар да буоллаххына, таскар ону биллэрбэккин. Ол оннугар сыыйа-баайа ону ситиһэҕин. Барыларыттан ордук буолаарыгын, сыал-сорук туруорунан, эбии дьарыктанаҕын, бэлэмнэнэҕин, оҥостоҕун. Дьэ, уонна онтукаҕын, кинилэрдээҕэр үчүгэйгин, тоҕоостоох түгэн көһүннэ эрэ көрдөрөҕүн.
Былааннаан, дьаныһан, сорунан туран оҥороруҥ, сыалгын ситиһэриҥ хайҕаллаах. Ол эрээри, сыылла сылдьан, сыарҕа быатын быһарыҥ, бэрт былдьаһарыҥ, албыныҥ-көлдьүнүҥ син-биир хаһан эмэ биллиэҕэ, таскар тахсыаҕа. Онон истиҥ буоларга кыһалын, дьоҥҥо эрэлгин сүтэримэ.
24-36: Хата, эйиэхэ ымсыырар, күнүүлүүр, ордугургуур диэн өйдөбүл суох эбит. Ол иһин барыларын кытта тапсаҕын, дьону үчүгэйдик саныыгын, элбэх доҕордооххун, наар үөрэ-көтө сылдьаҕын. Маладьыас! Инникитин да маннык буол, оччоҕо олохтон дуоһуйууну элбэхтэ ылыаҥ.