Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар анаан эрдэ, нэһилиэк аайы сиэдэрэй олбох тикпиттэрэ. Ыһыах ыытыллар трибуната араас дьэрэкээн сахалыы олбохторунан тэлгэммитэ ыһыахтыы кэлбит дьоҥҥо болҕомтону, ытыктабылы уурбуттар диэн сыаналаатым.
Ыалдьыттары кыынньар кымыһынан күндүлээтилэр, мастан оҥоһуллубут сувениры, тигии олбохтору бэлэхтээтилэр. Түгэхтэй алааһыгар киириигэ анаан 3 электромобиль Красноярскай кыраайтан сакаастаан аҕалтарбыттар. Уопсайа 8 элекртомобиль сүүрэн, аҕам саастаахтар сынньалаҥнык сылдьан көрү-нары көрдүлэр. Асфальт суол, буолан сырыы түргэн.
Түгэхтэй алаас кытыытыгар,ойуур диэки уунан сайҕанар туалет, илиини суунарга раковина баара ,киһини соһутар.
Кэнтиктиир аартыкка балаакканан түһэр сытар дьоҥҥо, киһи сынньалаҥнык, чэнчистик сылдьарыгар сөптөөх усулуобуйа баар диэн дьон-сэргэ кэпсиирин истибитим. Улуус дьаһалтата бар дьон туһугар кыһамньытын уурбута дьоһуннаах.
Надя Котоконова
«Тымтык» пост,
Ороһу.