Быйыл тапталлаах суруйааччыбыт Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылын көрсө, Таатта улууһун Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун саха тылыгар уонна литературатыгар учууталларын көҕүлээһиннэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ хабааннаах, далааһыннаах үлэ ыытылынна.
Биир күннээх тэрээһин буолбакка, оҕону, учууталы, төрөппүтү уонна общественноһы барытын хабар, хамнатар, тиһиктээх үлэ барбыта кэрэхсэбиллээх. Ыытыллыбыт үлэ хас биирдии салаанан түмүллэн киэҥ эйгэҕэ, дьон көрүүтүгэр-истиитигэр тахсан истэ. Онуоха «Кэскил» оҕо хаһыата, Саха сирин араадьыйата, «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньата, «Айар» кинигэ кыһата улаханнык көмөлөспүттэрин бэлиэтиир наадалаах. Ону, биллэн турар, холбоһук кэлэктиибэ бэйэтин дьон интэриэһин тардар үлэтинэн ситистэҕэ.
Элбэх үлэ көрүҥүттэн айар үлэ күрэҕин түмүгэ кинигэ буолан тахса оҕуста, өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕанна. Өссө араас көрүҥнэргэ бастаабыттарга анал бэлэх быһыытынан бэриллэн, кыттыылаахтары үөртэ.
Амма Аччыгыйа оҕолорго аналлаах «Тоҕус төгүл тоҕо?» кинигэтэ оҕо оскуолаҕа киириэҕиттэн ааҕыллар. Манна киирбит тоҕус айымньы оҕону толкуйдатар, бэйэтин быһыытын-майгытын сыымайданарыгар, ырытынарыгар күһэйэр. Онон үгүс көлүөнэ үөрэнээччилэри сиэрдээх, үтүө майгылаах киһи буоларга иитэн кэлбит кинигэ буолар. Оҕону эрэ буолуо дуо, улахан дьону, ол иһигэр учууталлары, төрөппүтү эмиэ.
Суруйааччы тэттик кэпсээннэрэ ааҕарга чэпчэкилэр, биир хайысханы арыйар буолан түргэнник өйдөнүмтүөлэр. Ол суолунан бу күрэххэ кыттыбыт оҕолор бэйэлэрин айымньыларын суруйбуттар. Онон суруйааччы ньыматын бэйэлэрэ да билбэттэринэн сүһэн ылбыттар. Буоллаҕа бу дии — үөрэх диэн.
Суруйар тиэмэлэрэ олохтон ылыллыахтааҕын өйдөөн, аныгы олох сиэринэн «Буонус», «Олимпиада», «Флешка», «Бассаап» диэн ааттаах кэпсээннэри суруйбут оҕолор бааллар. Хас биирдиилэрэ тус-туһунан сиэр-майгы кыһалҕатын көтөҕөллөр.
Эмиэ итинник билиҥҥи кэм кыһалҕатыгар сөп түбэһиннэрэн 5 кылаас үөрэнээччитэ Уйгулаана Аргунова (Нам, Д.Ф. Алексеев аатынан 1 Хомустаах ОО) суруйбут «Баһырҕас» диэн кэпсээнэ киһини долгутар. Ааптар ыты сүрүн дьоруой оҥорон, кини дууһатын ис мучумаанын арыйбыта биллиилээх суруйааччыларбыт Николай Лугиновы, Василий Васильевы-Харысхалы санаталлар. Ол аата бу оҕо болҕомтолоох ааҕааччы эбитин, айымньыны «сатаан ааҕар» үөрэнээччи буоларын хайгыыбыт эрэ. Итиниэхэ чугас айымньынан «Оҕонньор харчыта» диэн кэпсээн буолар. Ааптар 11 кылаас үөрэнээччитэ Николай Турчин (Таатта, Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга) сүрдээх судургу сюжетынан чиэһинэйэ суох буолууну саралыыр кэпсээнэ иитэр-үөрэтэр суолтата улахан.
Оттон тыл-өс бары баайын кылгас кэпсээнигэр киллэрэ сатаабыт 8 кылаас үөрэнээччитэ Дана Постникова (Таатта, Ытык Күөл лиссиэйэ) кэпсээнэ киһи болҕомтотун, биллэн турар, тылынан-өһүнэн тардар. Манна ааптар олоҥхо олуктарын, сомоҕо домохтору, өс хоһооннору хойуутук туттар, сатабыллаахтык сөптөөх миэстэтигэр киллэрэн биэрэн иһэринэн кэрэхсэтэр.
Эппитим курдук кэпсээн туһаайыыта хас даҕаны. Иэччэхтээх кинигэ буолан биэрдэ. Кэпсээннэр ааптардарыттан атын оҕолор сюжет булуутугар, таҥыытыгар, суруйуу тутулугар, наарданыытыгар үөрэниэхтэрэ, оттон учууталлар бу кинигэттэн бэйэлэрин үлэлэригэр элбэх туһалааҕы булуохтара. Төрөппүттэргэ, атын дьон-сэргэ истиитигэр, дьүүллэһитигэр «Бассаап», «Буруйу билинии», «Олимпиада», «Убай», «Баһырҕас» кэпсээннэри таһааран, киэҥ кэпсэтиини таһаарыахха, сөптөөх суолу булууга көмөлөһүннэриэххэ сөп. Муҥ саатар кылаас чаастарыгар, төрөппүт мунньаҕар бу боппуруоһу көтөҕүөххэ диэн этиилээхпин.
Харбалаахтар иитиигэ-үөрэтиигэ уруккуттан саҥа көрүҥнэри, ньымалары киллэрэллэрин биһиги бэркэ диэн билэбит. «Ытык Таатта — остуоруйа, тыл, култуура биһигэ» диэн бырайыакпытынан Н.Е. Мординовка-Амма Аччыгыйыгар анаммыт музейга, Мординовтар кыһыҥҥы, сайыҥҥы олохторугар элбэх учууталы, оҕону көҕүлээн аҕалан сырытыннарбыппыт.Оччолоргокинилэр элбэх чинчийэр, айар үлэ идиэйэтин биэрбиттэрэ. Оҕону иитиигэ норуот иитэр ньымаларын туттууга төрүт дьарык олук буолуохтааҕын учуоттаан, саха олоҕун ыйдарынан халандаарын тутуһан, онно сөп түбэһиннэрэн иитии ситимин бастакынан 90 сыллардаахха оҥорбуттара, киэҥник тарҕаппыттара. Аны уус-ураннык ааҕыыны утумнаахтык, чуолаан уолаттары күүскэ кытыннаран тэрийбит, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт дьонунан эмиэ кинилэр буолаллар. Оҕону ааҕыыга тардыыга дьиэ кэргэн суолтатын учуоттаан «Дьиэ кэргэн хаһыата» диэн бырайыагы толкуйдаан сылтан сыл утумнаах улэ ыытааччылар эмиэ кинилэр. Аны быйыл дьиэ кэргэҥҥэ ыытар үгэс булбут викториналарыттан саҕалаан,«Дьиэ кэргэн олимпиадата» диэни олоххо киллэрдилэр. Ити курдук айымньылаахтык үлэлии — хамныы сылдьар учууталларга, бу кинигэни хомуйан оҥорооччуларга Валентина Семеновна Кривошапкинаҕа, Варвара Павловна Трофимовнаҕа махталбытын биллэрэбит.
Өрөспүүбүлүкэ учууталлара, биһиги хаапыдыра бу соторутааҕыта Валентина Семеновнаҕа СӨ үтүөлээх учуутала аата иҥэриллибитинэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит, көхтөөх үлэтэ сыаналаммытынан астынарбытын тиэрдэбит.
ҮөС уо ИҮҮ тылга хаапыдыратын аҕа учуутала В.Р. Шишигина, АБ үтүөлээх учуутала.