Ойор-тэбэр оҕо саас уйата – уһуйаан. Кырачаан киһи үүнэр-сайдар дьиэтэ – уһуйаан. Мин сылдьар уһуйааным Дьокуускай куорат хабайар-хаба ортотугар турар, №9 – дээх «Якутяночка» буолар. Манна 3 сааспар аан бастаан кэлбитим, үс мэндиэмэннээх улахан уораҕай, эйэҕэс иитээччилэр, минньигэс астаах повардар, сайаҕас улэһиттэр, араас дьарыктар баалларын сонурҕуу көрбүтүм. Сыыйа барыларын кытта билсэн, алтыһан, билигин уһуйааммытыгар бары биир улахан дьиэ курдукпут.
Биһиги «Якутяночкабыт» 2023 сылга 35 сааһын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүгэр бэлэмнэнэр. Уһуйааммыт кырачааннар тыллара-өстөрө тупсарын, оҕолор саҥалара-иҥэлэрэ сайдарын туһугар ураты болҕомтону уурар. Түргэн тэтимнээх олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан араас саҥа соруктары, сыаллары толорор, олоххо киллэрэр. Педколлективка 30 специалист баар, олортон 83% үрдүк категориялаах.
2015 сыллаахха ООО РИВ В.В. Воскович аатынан тьюторскай киин статуһун ылбыта элбэҕи кэпсиир. 2020 сылтан үөрэх салалтатын бирикээһинэн СИО (Сетевое инновационное объединение) буолан сүөм үрдээбитэ, эбии былаанар оҥоһуллубуттара, оҕону оонньуу көмөтүнэн олох киэн оҥкулун билиһиннэрэр бырайыактар баар буолбуттара. Ону сэргэ, аныгы цифровой эйгэ балысханнык сайда турар кэмигэр кырачааннар логическай толкуйдарын, дьоҕурдарын сайыннарары күүһүрдэр ньыманан күүскэ үлэлиир. Бу күһүҥҥэттэн уһуйааммыт федеральнай экспериментальнай былаһаакка статуһун ылан, «Культурный код» диэн улахан бырайыакка кыттыста. Мин дьиэ кэргэним манна эмиэ бэйэтин кылаатын киллэрдэ, биэс көлүөнэ тухары биһиги аймахха кэрэ эйгэтигэр оҕону уһуйуу ситимин сиһилээтибит.
Үбүлүөйдээх сылбытыгар былаанныыр үлэ билиҥҥэттэн бара турар, сүрүн сорукпут – уһуйааммыт тас көстүүтүн тупсарыы. Уһуйаан тас көстүүтүнэн оҕо болҕомтотун тардар, кэрэҕэ сирдиир, ыраахтан угуйар, кырачааннары билии-көрүү эйгэтигэр сирдиир буолуохтаах дии саныыбыт. Кырдьыгы эттэххэ, биһиэхээ ол эрэ тиийбэт!!! Уһуйааммыт тас көстүүтүн (фасадын) саҥардыы, аныгы олоххо сөп тубэһиннэрэн чочуйуу. Бу кыьалҕаны туоратар сыалтан «ППМИ-2023» бырайыакка аан бастакыбытын төрөппүттэр уонна уһуйааммыт улэһиттэрин көҕүлээһининэн кытта сылдьабыт. Ыра оҥостубут баҕа санаабыт олоххо киирэрэ буоллар, уһуйааммыт тас көстүүтэ тупсар күнэ үүннэр бары үөрүөхпут-дьоллонуохпут этэ. Саҥа ситиһии сиэттиһиэ, өссө үрдүккэ кынаттаныа этибит. «Дьол хараҕа суох» диэн мээнэҕэ эппэтэх буолуохтаахтар, ол курдук оҕолор, иитээччилэрбит, төрөппүттэрбит бары эрэнэбит.
Лилия Шарина – Чөмчүүк,
«Дьэдьэннэр» бэлэмнэнии бөлөх
иитиллээччилэрэ, иитээччитэ,
төрөппүттэрэ.