Сэтинньи ый – саха дьонугар күүтүүлээх, кэтэһиилээх кэм. Күөл мууһа туран, өбүгэбит төрүт үгэһинэн муҥха саҕаланар.
Собо барахсан саха норуотун былыр-былыргыттан аһатан-сиэтэн кэлбит абыраллаах балык. Сэрии аччык кэмнэригэр балык киһи бөҕө олоҕун быыһаабыта.
Бу күннэргэ С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолатыгар сылын аайы ыытыллар улахан тэрээһин – муҥха буолла. Үөрэнээччилэр, учууталлар, төрөппүттэр уонна Хадаар олохтоохторо бары бииргэ түмсэн үөрэ-көтө кыттыыны ыллылар.
«Саҥа балыктаах» күөлгэ автобуһунан айаннаан барбыппыт. Төрөппүттэр, учууталлар, эһэлэр оҕолору муҥхалыырга үөрэттилэр. Улахан кылаас уолаттара анньыынан ойбон алларан, үтүмэх сүүрдүбүттэрэ, бэчимэ тардыбыттара.
Кыра уолаттары сүүрүнэн ойбон мууһун ыраастыырга үөрэппиттэрэ.
Күөх боллох көмүс хатырыктааҕынан күндүлээн, элбэх балыгы бэрсибититтэн сүргэбит көтөҕүллүбүтэ.
Ыраас, чэбдик салгынынан тыынан, хаарга оонньоон-көрүлээн, өбүгэбит үтүө үгэһин иҥэринэн олус сэргэх, үтүө күннэри атаардыбыт. Дьиэбитигэр өттүк харалаах, илии тутуурдаах үөрэн- көтөн кэллибит.
Алёна НОЕВА, VIII кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы