Дойдуга таптал оҕо эрдэхтэн саҕаланар. Айбыт амарах аҕаны, төрөппүт күн-күбэй ийэни кытта төрөөбүт дойду биир ситимнээхтэр. Дойду ахтылҕана — дьиэ ахтылҕана. Оттон дьиэҥ иһигэр чугас дьонуҥ. Ырааҕы анаарыы ити курдук саҕаланар эбээт! Биһиги оскуолабытыттан 5 төрөппүт, быйыл дойдуга куттал суоһаан, Анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүлэринэн барбыттара. Кинилэри ытыктаан, махталбытын биллэрэн элбэх болҕомто ууруллар.
Ол курдук, дьиэ тутта сылдьан, туора туран хаалбакка көмөҕө барбыт аҕа дьиэ кэргэнигэр оскуола волонтердара тиийэн бөх-сыыс таһыытыгар көмөнү оҥорон кэлбиттэрэ.
Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүгэр сөп түбэһиннэрэн кинилэр дьиэ кэргэннэриттэн ийэлэрин кылаас чааһыгар ыныран истиҥ иһирэх кэпсэтии ыытылынна. Аҕа барахсан мэлдьи дурда-хахха буолар аналлааҕын, дьиэттэн тахсан барда да кэтэһиилээх буоларын, ийэлэр истиҥ кэпсээннэрин оҕолор олус долгуйан, болҕомтолоохтук иһиттилэр. Бу кытаанах кэмнэр ааһа охсон бары этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхтэр. Маннык көрсүһүүлэри тэрийэн ыыппыт учууталларга махтал тылын эттилэр.
Карадчина Мария Романовна,
М.Т.Егоров аатынан 2-с нүөмэрдээх
Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын
социальнай педагога