Дьокуускай куоракка 2019 сылтан уол оҕону иитиигэ туһаайыллыбыт «Барҕа» куруһуок үлэлиир. Билигин уһуйааҥҥа 1-7 кылаас үөрэнээччилэрэ — барыта уонча уол дьарыктанар. Саха төрүт үгэһигэр олоҕурбут ураты куруһуогу Дорҕоон Дохсун Ворогушин иилээн-саҕалаан ыытар.
Дорҕоон Дохсун бэйэтэ Томпо улууһуттан Саһыл нэһилиэгиттэн төрүттээх. 2013 сыллаахха фольклористика салаатын бүтэрэн, үлэтин Мэҥэ-Хаҥаласка саҕалыыр. Эдэр учуутал Бэстээх маҥнайгы ҥүөмэрдээх, Владимир Петрович Ларионов аатынан Майа оскуолаларыгар үлэлээбитэ. Билигин «Барҕа» бырагыраама Майа сэлиэнньэтин иһинэн үлэлиир.
Тэрийээччи, ааптар Дорҕоон Дохсун Ворогушин бырайыак туһунан маннык кэпсиир:
— «Барҕа» куруһуок уол оҕону этин-сиинин, сахалыы толкуйун, тылын, уруһуйдуур дьоҕурун, илиитин имин дьүөрэлии сайыннарар уһуйаан буолар. «Барҕа» Л.А. Афанасьев-Тэрис, Б.Ф. Неустроев-Мандар Уус үлэлэригэр тирэҕирэр ааптарыскай бырайыак. «Уол оҕону төрүт үгэһинэн иитии суоллара уонна ньымалара» диэн дипломнай үлэм чэрчитинэн 2013 сылтан саҕалаан үлэлии сылдьабын. Сүрүн болҕомтону оҕо сайдыытын хаамыытыгар уурабын, холобура, оҕо уруһуйдуур дьоҕура арылла илик буоллаҕына, каллиграфиянан сайыннаран биэрэбит. Хайаан даҕаны оҕону икки чаас үлэлииргэ үөрэтэ сатыыбын.
Эппитим курдук, бырайыакпар Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис «Сарыал хамнаныыта» — оҕо сахалыы толкуйун, саҥатын, этин-сиинин дьүөрэлии сайыннарар үөрэҕин тиһигэр, Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус хомуйбут оһуордарынан «Ойуу-бичик» каллиграфия үөрэҕэр тирэҕирэбин.
«Барҕа» ааптарыскай үөрэҕин көрүҥнэрэ
«Сарыал хамнаныыта» — оҕо этин-сиинин, өйгө оҥорон көрөр дьоҕурун тэҥҥэ дьүөрэлии сайыннарар үөрэх тиһигэ (ОФП), Л.А.Афанасьев-Тэрис ньымата.
«Хотуур хоһууна» — былыргы хотуур хамсаныытыгар олоҕуран айыллыбыт киһини эргиччи сайыннарар үөрэх көрүҥэ.
«Олоппос үҥкүүтэ» (иҥиир, координация, растяжка) — «Хатка йога» уонна «Винчун» көрүҥнэргэ олоҕурар үөрэх ньымата.
«Этно-каллиграфия» — Б.Ф.Неустроев-Мандар уус хомуйбут оһуордарынан ойуу-бичик үөрэҕэ, саха омугун оһуорунан оҕо уруһуйдуур, айар дьоҕурун, тулуурун уһугуннарар, сайыннарар үөрэх тиһигэ.
«Тыл иччитин иҥэрии» — олоҥхо тиэкиһинэн оҕо сахалыы ааҕыытын, өйгө оҥорон көрүүтүн, кичэйэн болҕомтотун салайан буочарын тупсаран, аралдьыйбакка үлэлии үөрэнэригэр туһаайыллар үөрэх тиһигэ.
Түмүккэ, ханнык баҕарар омук тумус туттар, бигэ туруктаах эр дьону сатаан иитэн таһаарар буоллаҕына, тыыннаах буолар уонна тыыннаах хаалар диэн этиэхпин баҕарабын.
***
Уол оҕо — норуот кэскилэ. Норуот дьылҕата уол оҕоттон, эр киһиттэн саҕыллар. Сахалар былыр-былыргыттан уол оҕоҕо суолта уураллара төрүт үгэстэрбититтэн, итэҕэллэрбититтэн да көстөр. Дэлэҕэ даҕаны, уол оҕо борбуйун кыаныаҕыттан Аан Дархан буолуор диэри бар дьон кыһалҕата, эрэйэ кини олоҕунан кэлэн ааһар диэн этиэхтэрэ дуо? Ол иһин билиҥҥи дьалхааннаах олоххо уол оҕону иитиигэ улахан болҕомто ууруллара улахан суолталаах.
Анна СЛЕПЦОВА.
keskil14.ru