Бүлүү улууһун М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын 4-с кылааһын үөрэнээччилэрэ күһүҥҥү сынньалаҥнарын туhалаахтык атаарбыттарын туһунан учууталлара Людмила Тарасова билиһиннэрэр.
Биhиги 4-с кылааска үѳрэнэбит, кылааспытыгар тохсуобут. Учууталбытын кытта биир ватсап группалаахпыт, онно куруук бэйэ-бэйэбитин кытта билсэ олоробут. Күһүҥҥү сынньалаҥмытын бары дьиэҕэ олордорбут даҕаны, туhалаахтык атаара сылдьабыт.
Дьиэҕэ таах сыппат туhуттан, учууталбыт этиитинэн, Инга, Алик, Диана, Айаана интернетинэн математика уонна нуучча тылын олимпиадатыгар кыттан, миэстэлэhэн, диплом, сертификат ылбыттара.
Бүлүүтээҕи «Кэскил» оҕо киинэ тэрийбит онлайн биктэриинэтигэр, оонньууларыгар кыттан, сертификаттары туппуппут.
Нэhилиэкпит бибилэтиэкэтин үлэhитэ А.М.Сидорова ыыппыт «Кинигэ дойдутугар» онлайн квиз күрэҕэр кыттан холоммуппут. Сынньалаҥмыт кэмигэр хас биирдиибит туох дьарыктаахпытын учууталбытыгар кэпсээбиппит.
— Мин Like приложениеҕа видео кѳрѳбүн. Онно арбалет оҥорор видео тахсыбытын кѳрѳн бэйэбэр оҥосторго санаммытым. Υтүктэн, харандаастарынан кыра арбалеты начаас оҥорбутум, онтукам сатанна, үчүгэйдик ытар. Видеолары кѳрѳн, арааhы бары оҥорорго үѳрэнэбин.
— Ийэбэр кѳмѳлѳһѳбүн, ордор бириэмэбэр «Кэскил» хаhыат таайбараҥнарын таайабын, кинигэни ааҕабын.
— Таhырдьа оонньуубун, аҕабар кѳмѳлѳһѳбүн. Кинигэни ааҕабын, кинигэ киhи ѳйүн сайыннарар. Кинигэни элбэхтик ааҕыахтаахпыт.
— Таhырдьа сылаас буолан, салгыҥҥа сылдьабыт, оонньуубун. Күһүҥҥү сынньалаҥ саамай түбүктээх. Кыстыкка бэлэмнэнэн, идэhэ туттабыт, муус ылабыт, сылгыларбытын тутабыт. Мин кыра эрдэхпиттэн дьоммун батыhарбын сѳбүлүүбүн. Ол иhин үлэттэн туора турбакка, барытыгар илии-атах буолабын, кѳмѳлѳһѳбүн. Ыарахан үлэни үлэлии үѳрэннэхпинэ, улааттахпына эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, кыахтаах, доруобай, сатабыллаах киhи буолуом.
— Мин сынньалаҥым кэмигэр алмазнай мозаиканан дьарыктанабын.
— Мин ырысыаптары кѳрѳн, сѳбүлээбиппин астыыбын. Бэйэм салаат, кекс, пицца, бутерброд астыы үѳрэммитим. Минньигэс астары: кексик, тортик, смузи курдуктары тыыннаҕымсытан, харахтаан уруhуйдуурбун сѳбүлүүбүн.
— Дьиэбэр балтыбын, бырааппын кѳрѳрүм быыhыгар ватсапка киирэн эмоджилары үтүктэн оҥорон кырааскалыыбын.
— Мин сынньалаҥмар кинигэни ааҕабын, уруhуйдуубун, ийэбэр кѳмѳлѳһѳбүн, балтылаах бырааппын кытта оонньуубун. Күнүс чугас элгээҥҥэ ынахпытын уулата барабыт, ынахтары аhатабын, окко оонньуубут.
— Биhиги ийэбит иистэнньэҥ талааннаах буолан, миигин уонна эдьиийбин иистэнэргэ үѳрэтэр. Мин билигин брошканы оҥоробун. Бүтэрдэхпинэ ийэбэр бэлэхтиэм.