Төрөөбүт нэһилиэкпит үөрэхтээһинигэр, историятын үйэтитиигэ сүдү кылааты киллэрбит энтузиаст учуутал, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, “Хорсунун иһин”мэтээл кавалера, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын утүөлээх учуутала, Саха АССР физкультураҕа уонна спортка туйгуна, Баппаҕаайы оскуолатыгар физкультура, саха тылын учууталынан үлэлээбит Алексеев Егор Сидорович 100 сааһыгар аналлаах быыстапканы педагог – библиотекарь Платонова Саргылана Семеновна хомуйан оҥордо.
Егор Сидорович Алексеев тохсунньу ый 9 күнүгэр 1924 сыллаахха Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Оскуоланы 1941 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн, Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирэр.
1944 сыллаахтан 1948 сылга диэри Японияны утары Забайкальскай фроҥҥа сулууспалыыр. 292- с стрелковай Хинганскай дивизия састаабыгар киирэн, Маньчжурияны босхолуур кыргыһыыга кыттыбыта. «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Егор Сидорович бэйэтин идэтигэр олус бэриниилээхтик Баппаҕаайытын оскуолатыгар 50-ча сыл үлэлээбитэ, үгүс сыратын оҕолорго анаабыта. Нэһилиэккэ корреспонденныыра, суруйуулара улуус. ѳрѳспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар элбэхтик тахсара.
Кэргэнэ Аграфена Семеновналыын 5 оҕоломмуттара. Егор Сидорович холку-сэмэй майгылаах, сайаҕас санаалаах улахан эйэлээх дьиэ кэргэн ытыктыыр, таптыыр аҕа баһылыга. Кини педагогическай династиятын сиэннэрэ салгыыллар.
Быыстапкаҕа Егор Сидорович үѳрэммит аттестата, диплома, дастабырыанньалара, свидетельстволара, наҕараадатын бэлиэлэрэ, мэтээллэрэ ууруллубуттар.
Ону кытта 1957, 1973 -74, 1980 сыллардааҕы буочарын хаалларбыт чэрэниилэнэн, уруучуканан суруллубут тэтэрээттэргэ уруоктарын хаамыытын, сыллааҕы уруоктарын халандаарынан былааннара, 1965 – 66, 1967 – 68 үѳрэх сылларын сурунааллара бааллар.
Араас темаларынан альбомнары хомуйан муспут эбит: хаһыаттартан үлэһит, сэриигэ сылдьыбыт дьон тустарынан, бэйэтин ыстатыйалара, Саха сирин историята, сэһэннэр, искусство, кѳр –күлүү, оонньуулар уо д.а. Дьиэ кэргэнин, эдэр сааһын, үлэтин, нэһилиэк актыбыыһа буоларын кэпсиир хаартыскалах фотоальбомнар уонна суруктар бааллар.
Быыстапкаҕа Алексеев Е.С. олоҕун туһунан кэпсиир матырыйааллары Илбэҥэҕэ олорор кыыһа Куприянова Люция Егоровна уонна сиэннэрэ булан биэрдилэр. Егор Сидорович үбүлүѳйдээх сылынан оскуолабытыгар Бүлүү, Горнай улуустарын эдэр учууталлара кыттыылаах региональнай «Молодые педагоги – радость полета» куонкурус ыытыллыбыта. Кини сиэннэрэ онно кэлэ сылдьан эһэлэрин туһунан ахтан- санаан кэпсииллэр.
Самсонова Аграфена Сергеевна, Ньурба улууһун Күндээдэ оскуолатын математика учуутала: Эһэм Егор Сидорович Алексеев саха тылын учуутала уонна эдэр сылдьан физкультура учууталынан үлэлээбитэ. Кини эһээ быһыытынан үчүгэй баҕайы истиҥ эһээ буолааччы, биһигини үөрэхпитигэр кѳҕүлээччи. Куруутун үөрэххитигэр кыһаллыҥ, үчүгэй үөрэхтээх киһи буолуҥ диэччи уонна хас чиэппэр түмүгүнэн харчы биэрэрэ. Биһиги ол саҕана 7 сиэн манна Илбэҥэҕэ олорор, үѳрэнэр этибит. Онно ким туйгун үѳрэхтээххэ 30 дуу, 35 дуу солкуобай биэрэрэ, хорошистарга 10 солкуобайынан кыраны биэрэрэ уонна орто үөрэхтээхтэргэ аныгыскы чиэппэргэ үчүгэй үөрэхтээх буолуҥ диэн 15 игин солкуобай биэрэрэ быһыылаах этэ. Ол оннук хас чиэппэр аайы биһигини стимуллааччы уонна үөрэхпитигэр үчүгэй, элбэх харчыны ылаары кыһалын да кыһалын буоларбыт. Кини сиэннэриттэн 2 кыыс үөрэхпитин туйгунунан бүтэрбиппит, Баппаҕаайы орто оскуолатын. Уонна бары үлэһит, ким үрдүк үөрэхтээх, үрдүк үөрэхтэнэн үлэлии сылдьаллар. Икки сиэнэ учууталларбыт, мин уонна Илья Егорович.
Алексеев Илья Егорович, Горнай улууһун Кировскай оскуолатын дириэктэрэ:
Мин 2005 сыллаахха Баппаҕаайы орто оскуолатын бүтэрбитим. Эһэм быйыл 2024 сылга төрөөбүтэ 100 сааһын туолла. Ийэлээх аҕата орто сэниэ ыаллар этэ, бииргэ төрөөбүттэр 5 уолаттар, кини саамай улаханнара этэ. Бүлүүтээҕи училищеҕа үѳрэнэ сылдьан 1944 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан барбыта, Забайкальскай фроҥҥа сулууспалаан милитаристическай Японияны кытта сэриигэ кыттыспыта. Сэрииттэн кэлэн баран, 1948 сыллаахтан Баппаҕаайы орто оскуолатыгар олох хойукка диэри, 50 сыл кэриҥэ саха тылын учууталынан үлэлээбитэ.
Оскуола оҕолоро, кэлбит ыалдьыттар Егор Сидорович туһунан элбэҕи биллилэр, сэргээтилэр, нэһилиэгин туһугар чахчы үгүс сыратын уурбутун, улахан кылааты киллэрбитин кѳрдүлэр.
Анастасия Степанова , XI кылаас.
«Кѳмүс бѳрүѳ» пресс-киин эдкора.
Илбэҥэ, Бүлүү.