Муус устар 22 күнүгэр Баппаҕаайы оскуолатыгар Михаил Андреевич Алексеев төрөөбүтэ 105 сааhыгар аналлаах дьоһуннаах тэрээhин үрдүк таhымҥа ыытылынна. Υѳһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарын үѳрэҕирии салаатын, Н.И.Протопопова аатынан «Кэскил» оҕо киинин салайааччылара, лицей, куорат оскуолаларын, гимназиятын, Тааhаҕар, Хампа, Дьѳккѳн, Лѳкѳчѳѳн оскуолаларын математика, физика предметтэрин учууталлара кыттыыны ыллылар. Бу туһунан М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын «Көмүс бөрүө» эдкорпоһун салайааччыта Людмила Тарасова сырдатар.
Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССРС норуотун, РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүѳлээх учуутала, СР Ѳксѳкүлээх Ѳлѳксѳй аатынан государственнай бириэмийэ лауреата Михаил Андреевич Алексеев 1917 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр Бүлүү улууһун Баппаҕаайы нэһилиэгин Харбалаах ѳтѳҕѳр тѳрѳѳбүтэ. Кини үгүс ыарахаттары тулуйан, элбэҕи ситиспит киhи, олоҕун, саха ыччатын техническэй үѳрэхтээһиҥҥэ киллэрбит сүдү кылааттаах.
Бүлүү улууhун Баппаҕаайы оскуолатыгар 2005 сыллаахха муус устар 11 күнүгэр Саха Республикатын президенэ В.А.Штыров Ыйааҕынан биhиги биир дойдулаахпыт ССРС норуотун учуутала Михаил Андреевич Алексеев аата иҥэриллибитэ. Кини аатын үйэтитэргэ эппиэтинэстээх буоларбытынан элбэх үлэлэр, тэрээhиннэр буолаллар.
Бу дьоһуннаах тэрээhиҥҥэ Михаил Андреевичка анаммыт саҥа аhаҕас музей- саала оскуолабытыгар арылынна. Урукку музейы саҥардан, эбии матырыйаалы хомуйан, тѳрүччүтүн оҥорон, музей ис тиэмэтин арыйарга үгүс сыраларын уурбут, түбүгүрбүт, улахан үлэни ыыппыт дьоммут физика учуутала Федорова Татьяна Васильевна, история учуутала Иванова Сардана Петровна, алын кылаас учууталлара Шамаева Айталина Николаевна, Оленова Светлана Дмитриевна, омук тылын учуутала Харлампьева Христина Васильевна. Музей- сааланы үѳрүүлээхтик арыйан, кэлбит ыалдьыттарга музей ис хоhоонун, Михаил Андреевич тѳрүччүтүн, олоҕун сиhилии кэпсээтилэр Шамаева А.Н., Иванова С.П., Федорова Т.В. Аныгы үйэ технологиятынан музейы арыйыы түгэннэрэ барыта YouTube каналынан быhа эфиргэ кѳһүннэ.
Михаил Андреевич техническэй үѳрэхтээhиҥҥэ бастакы олуктары уурбут учуутал буоларынан тэрээhин иккис чааhыгар «Политехническое образование как трансформация идей М.А.Алексеева: перспективы развития в условиях сельской школы» тѳгүрүк остуол тула бэрт суолталаах кэпсэтии буолбута. Тѳгүрүк остуол кыттааччыларын Саха республикатын Ил Дархана А.С.Николаев, Ил Түмэн наукаҕа, үѳрэххэ, култуураҕа, иhитиннэрэр –биллэрэр сириэстибэлэргэ уонна түмэт тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэстээтэлэ, Ил Түмэн дьокутаата Ф.В.Габышева видеонан эҕэрдэлээтилэр. Кэпсэтии интернет Zoom платформатынан тэҥҥэ ыытылынна. Якутскай куораттан ИРО и ПК институтун дириэктэрэ Павлов Нь.М., республика политехническэй хайысхалаах түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ, 14 №-дээх оскуола дириэктэрэ Тимофеева Н.К., Сунтаар политехническэй лицей-интернатын дириэктэрэ Сосин О.К., Ньурба техническэй лицейиттэн Федоров А.Ю., Кузьмина Е.Е., республикатааҕы лицей-интернат дириэктэрэ Шамаев И.И., Михаил Андреевич уола Алексеев М.М., бэл Канадаттан тиийэ үѳрэнээччитэ Баишева Л.М. Zoom нѳҥүѳ кыттыыны ыллылар, учууталларын Михаил Андреевиhы үтүѳ тылларынан ахтан санаатылар, туhааннаах тиэмэҕэ этиннилэр, эҕэрдэлээтилэр.Мантан Баппаҕаайы оскуолатын дириэктэрэ Макаров В.В., улуустааҕы үѳрэҕирии салаатын начальнига Семенова Н.М. кэпсэтиини салайдылар, түмүктэри таhаардылар; Υѳһээ Бүлүүтээҕи үѳрэҕирии салаатын начальнигын солбуйааччыта Филиппов О.Е., математика учууталлара Алексеева Р.Р., Константинова А.Г., Дранаева К.В., Михалева В.В. аныгы үѳрэх стратегиятын кытта ханыылаhар хайысхаларга тобулан үлэлииллэрин, ситиhиилэрин иhитиннэрдилэр.
Кэлбит ыалдьыттартан М.А.Алексеев үѳрэнээччилэрэ, үѳрэнээччилэрин оҕолоро кинини кытта алтыспыт чугас дьонноро бааллара, бары сылаас тылынан ахтан-санаан ыллылар.
М.А.Алексеев олоҕун туhунан «Харбалаахтан силис тардан» киинэ салгыыта «Сырдык аартык» диэн ааттанан саҥа сүрэхтэннэ. Ханнык баҕарар суол тѳрдѳ киhи тѳрѳѳбүт тиэргэниттэн, оҕо сааhын, оонньообут—кѳрүлээбит ыырыттан саҕаланар. Мэхээлэ уол үѳрэх сырдык аартыгын арыйа аан маҥнай сыарҕалаах акка олорон туруммут кэмин устуута кѳһүннэ. Киинэ ааптара, оператора педагог – библиотекарь Платонова С.С., оруолларга нэhилиэк дьоно, оскуола оҕолоро оонньоотулар.
Биhиги биир дойдулаахпыт, киэн туттар киhибит, ССРС норуотун учуутала Михаил Андреевич Алексеев үтүө аатын үйэтитэрдии тэринэн, сыал-сорук туруорунан, кини тѳрүттээбит кэскиллээх хайысхатын салгыы сайыннараары, үтүѳ түмүктэрдээх үрдүк ситиhиилэнээри үѳрэнэбит, үлэлиибит.