Күһүҥҥү сынньалаҥы оҕо барыта олус күүтэр. Тоҕо диэтэххэ, бу кэмҥэ таһырдьа сылаас, төһө баҕарар оонньуохха сөп. Күөллэр муустара туран, муус үрдүнэн балыктааһын саҕаланар.
Бу бэйэтэ туспа олус умсугутуулаах, кэтэһиилээх кэм буоллаҕа. Ол иһин хоту сиргэ ордук кэтэһиилээх диэххэ сөп. Балыксыттар бу кэмҥэ дьыл туоруур балыктарын бултаан хаалар былдьаһыктаах кэмнэрэ.
Сережа Макаров — Өлөөкө-Күөл оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ. Быйыл аҕатын кытта бураанынан аан бастаан балыкка барсан кэллэ. Кини ол туһунан маннык кэпсиинр: «Мин аҕабын кытта үс аҥаар чаас айаннаан, ыраах баар «Үрэх Сайылыга» диэн уруут-урут эбэм аах олорбут сирдэригэр баран түөрт хонон кэллим.
Онно сордоҥу, быраҥааттаны, суокуру уонна муҥуру балыктаатыбыт. Мин балыктары чокуйааччы үлэтин толордум. Ойбону алларар, мууһу ыраастыыр үлэ ыарахаттардаах эбит да буоллар, үөрэнэ сатаатым. Балыктыыр наһаа үчүгэй эбит , олус сөбүлээтим. Эһиил эмиэ барыаҕым. Уол оҕо, эр киһи балыктаан, бултаан-алтаан сылдьыахтаах. Эһэм, убайым, аҕам курдук балыксыт бэрдэ буолуоҕум».
Сережа сынньалаҥын туһалаахтык атааран элбэҕи билэн-көрөн, элбэххэ үөрэнэн астынан аҕай кэлбит. Аара суолга мап-маҥан куобаҕы көрбүт, ол туһунан үөрэн-көтөн кэпсиир. Оттон эһиги оҕолоор, төһө туһалаахтык сынньанаҕыт?
И.Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.