Учууталбыт Наталья Васильевна көҕүлээһининэн, кылааһынан муус аннынан балыктыы бара сырыттыбыт. Сарсыарда 10 чааска миэстэбитигэр тиийэн, балааккаларбытын туруоран, балыктаан саҕалаабыппыт.
Мин урут аҕабыныын балыктаабыт буоламмын, оҕолору балыктыырга үөрэппитим.
Ким саамай бастакы уонна саамай улахан балыгы хаптарарыгар күрэхтэспиппит.
Илона уонна Ангелина бастакы балыгы хаптаран, кыргыттар хамаандалара кыайыыны ситистибит. Аҕалар балык араастарын туһунан кэпсээтилэр, балыгы тутар албастарын үллэһиннилэр.
Айылҕаҕа сибиэһэй салгыны сиэн, оонньоон-көрүлээн, балыктааһын туһунан элбэҕи билэн-көрөн, астынан кэллибит. Бу үтүө үгэс буолан, сылын аайы балыктыы барыах буоллубут.
Василиса Брызгалова, VII “б” кылаас.
Павловскай, Мэҥэ Хаҥалас.