Оҕо айымньытын дыбарыаһын уонна “Юный горожанин” Дьокуускай куораттааҕы оҕо хамсааһынын көҕүлээһининэн, «Костёр и палатка» бырайыак үлэлиир. Бырайыак оҕо туризмын сайыннарыыга сөптөөх усулуобуйаны тэрийэр сыаллаах буолан оҕолорго анаан туризмҥа, кыраайы үөрэтиигэ анааллаах күрэхтэр, викториналар, экскурсиялар буолаллар.
Биир оннук тэрээһининэн спортивнай ориентирование күрэҕэ буолар. Күрэх балаҕан ыйын хас сэрэдэтин ахсын «Балаҕан ыйын сэрэдэлэрэ» (Сентябрьские среды) диэн ааттанан ыытылынна.
Манна Дьокуускай куорат араас оскуолаларыттан хомуур хамаандалар кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар. Күрэхтэһии норуоттар икки ардыларынааҕы ориентирование күрэҕин быраабылатынан барда. Ол курдук, 11-14 саастаах кыттааччылар хайысхаларын бэйэлэрэ талаллар, оттон 16-18 саастаах оҕолор анаммыт хайысханан күрэхтэһэллэр.
Үрдүкү кылаас оҕолоро хаhыс да сылларын кыттар буоланнар, күрэх сүһүөхтэрин хайдах ааhары билэллэр уонна сатыыллар эбит. Күрэх буолар сэрэдэлэригэр ардаҕа суох ыраас, сылаас күннэр туран биэрдилэр. Птицефабрика мыраанын үрдүгэр кэрэ көстүүлээх ырааһыйаҕа оҕолор сүүрэн-көтөн, оонньоон, сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн, күүс-сэниэ ыллылар.
Оҕолор, бу спортивнай көрүҥҥэ бэйэҕитин боруобалаан көрүҥ, аныгыс ыытыллар күрэхтэргэ кыттаргытыгар ыҥырабыт.
Аиза уонна Аэлита Кобяковалар – Дьокуускай куорат 25 №-дээх оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччилэрэ , Оҕо айымньытын дыбарыаһын “Медиажурналистика” куруһуогун иитиллээччилэрэ