Бүгүн 1975 с. «Хотугу сулус» сурунаал 8 нүөмэригэр бэчээттэммит Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон олоҕун олуктарын ахтыыга тиһэн хаалларбытын таһаарабыт.
Мин университетым
Мин Октябрьскай революция буолуон 11 сыл иннинэ төрөөбүппүн. Таатта быыкаайык, Ханньас (Хайнятский) диэн хараҥа нэhилиэгэр. Бу нэhилиэккэ (биир атын сиргэ учууталлыы сылдьар киhини аахпатахха) үөрэхтээх киhи букатын суоҕа. Нэhилиэк мунньаҕар атын нэhилиэк киhитэ кэлэн суруксуттаан барара. Ол оннугар Испиилээх, Добун ойуун диэн икки ойууннаах, Төкүөйэ, Топпой ойоҕо диэн икки мэнэриктээх эбиттэр. Хата, маны таhынан үс тимир ууhа баара: Ньукууhа уус, Бүөтүкэ уус, Соппуруон уус. Уустарбытынан баҕас атын нэhилиэктэртэн ордук санатар этибит. Дөксө биир ааттаах мас ууhа баара, Боруонньа Обуутап диэн. Кини Чурапчы балыыhатын, куорат дьиэлэрин тутара. Билиҥҥи үөрэх министерствотын (уруккута учуутал семинарията) дьиэтин кини, Боруонньа маастар, туппут. Оттон Дьокуускай төhөлөөх дьиэтин туппутун ким да чинчийэн көрө илик. Боруонньаттан ураты дөксө биир, кырааскаhыт Сэмэнчик диэн, ааттаах мас ууhа баара. Кини наар олоппоhу, остуолу, ыскаабы, дьааhыгы уонна киhи хоруобун оҥороро. Бу Сэмэнчик Чөркөөх Таҥаратын дьиэтин туох баар ойуутун-мандарын, ханастааhын барытын кыhыл көмүhүнэн бүрүйэн оҥорбута. Биhиги кинилэрдиин эт ыаллыы этибит. Кини маhын кэрчигэр мин оҕо эрдэхпинэ үгүстүк ымсыырбыт киhибин. Аны санаатахха, олус уус киhи эбит. Хомойуох иhин, кини оҥорбут Таҥаратын дьиэтин ойуутуттан-мандарыттан билигин туох да орпотох…
Бу дьонтон ураты 4 олоҥхоhуттаах этибит. Онтон иккилэрин – Куохайааны уонна Кылачыыhабы – П.А.Ойуунускай бэйэтин олоҥхотугар махтанар-хайгыыр быhыынан ахтан, сурукка киллэрэн турар.
Бу дьонтон да ураты ыраах иhиллэр үтүө сурахтаах эмиэ дьоннордоох этибит. Дьарааhын диэн ааттаах от охсооччу киhилээхпит. Кини үс киhи охсорун охсор быhыылааҕа, үксүгэр ыҥырыыга сылдьара. Кылачыыс уола Ньукулай диэн, олус кыайыылаах-хотуулаах, ураты сындааhыннаах үлэhит киhи баара. Кини солооhун сири табыйааччы, тоҥ-ириэнэх буору хаhааччы ааттааҕа. Ураты иҥиирдээх-сүрэхтээх киhи. Кини олоҕо кэнники арыый тупсубута. Биир ыал киниэхэ былыргы муус умуhаҕын дириҥэттэрбит. Ону логлорута туран, умуhах түгэҕиттэн боччуктаах харчыны булан ылбыт. Онон үйэ тухарытынааҕы эрэйин кыратык боруостата түспүт сурахтааҕа.
Кинилэр чугастарыгар биир Баҕадьыhыт Уола диэн киhи олорбута. Кини ааттаах илим, муҥха баайааччы. Аҕатын, бэйэтин идэтэ наар муҥха баайыыта этэ. Ол барахсан, эчи, тарбаҕа имигэhин эриэхсит. Былыр кылтан хатан, баайан муҥханы оҥоруу алдьархайдаах үгүс үлэттэн, үгүс сыраттан тахсара. Мин бэйэм эмиэ кыратык илим, куйуур, сэлээппэ, туу баайбыт киhибин, онон билэбин – бүтүн муҥханы баайыы төhөлөөх эрэйтэн тахсарын.
Нэhилиэгим бэлиэ дьонноро итинэн бүппэттэр. Кылыгыр, Даллары диэн икки харахтара суох бурдук тардааччы бухатыыр оҕонньоттордоох этибит. Оччотооҕуга миэлиҥсэ диэн суоҕа. Миэлиҥсэни бу икки оҕонньоттор солбуйаллара, атын нэhилиэк баайдара кинилэргэ кытары кэлэн бурдук тартараллара.
Буруолааҕынан 50-ча ыаллаах биhиги кыра нэhилиэкпитигэр көскө кэлбит дьон эмиэ бааллара. Ол курдук Өтөх Көлүйэ диэн сиргэ татаардар (башкирдар быhыылаах эбит) тыаны солонон, дьиэ туттан оҕолуун-уруулуун олорбуттара. Аҕам ол ыалга үгүстүк сылдьара, кинилэрдиин доҕордоhоро. Оттон Уhун Күөл диэн сиргэ Өндөрөй нуучча олорбут. Кини удьуордара, Захаркиннар диэн дьон, билигин Чөркөөххө бааллар.
Былыргы үйэҕэ кыаммат буолбут кырдьаҕас дьон, оҕото суох буоллахтарына, ыал устун бараллара. Оччотооҕуга пенсия, пособие диэн төрүт суоҕа. Онон оннук кырдьаҕастары, инвалидтары нэhилиэк иитэрэ, ол аата түhээн быhыытынан ыалларга хонон-өрөөн ааhаллара. Биhиги нэhилиэккэ оннук икки кумалаан эмээхсин баара — Мүөттүүр уонна Лаҥкына. Мүөттүүр эрэйдээх тоҥон өлбүтэ. Ону көрө Чурапчыттан П.Н.Сокольников кэлэ сылдьыбыт сурахтааҕа.
Дьэ, итинник нэhилиэккэ мин төрөөн-үөскээн киhи буолтум. Оччотооҕуга электричество, радио, кино, массыына, самолет, трактор, автобус, телевизор диэн киhи түhээн да биттэммэт, сураҕын даҕаны истибэт этэ. «Таhырдьа таҕыстахха – хаар маҥхайар, дьиэҕэ киирдэххэ – уот кытарар», онтон атын туох да сонун суох бүтэй үйэтэ. Биир алааска – биир ыал. Кыhынын сыарҕа тыаhа кыыкыныыр, хотон халҕанын аана, айалаан-дьойолоон эрэрдии, хаахыныыр уонна уу-чуумпу, барбах, тыынарыҥ эрэ тыаhа тымныыга, итии тимир курдук, сирдьигиниир, туман буолан былыттыы ыйаанан хаалар.
Нэhилиэк олоҕо итинник, бэрт чуумпу, чуҥкук этэ. Билбиппит – тымтык, оhох уота, талкы мас, бурдук тардар таас, хотон, балбаах, оҕуhунан от тиэйии, хонук маhы килиин сүгэнэн кэрдии. Оҕо-дьахтар бэйэ-бэйэбитин күhүн б и и р эмэ күөл муҥхатыгар көрсүhэрбит, биитэр хайа эмэ урууга, биитэр ат сүүрүүтүгэр.
Кыhыҥҥы киэhэ биhиги таабырын таайсарбыт биитэр остуоруйалаhарбыт. Сороҕор абааhыны, ойууттары кэпсииллэр. Оттон Кириhиэнньэ саҕана – таас тардыыта, этэрбэс хаамтарыыта, остоол сүүрдүүтэ, ойбоҥҥо сүллүүкүүн иhиллээhинэ буолар. Ол сымыйа итэҕэл оҕо өйүгэр-санаатыгар кутталы, ынырыгы эрэ хаалларара.
Сороҕор биhиэхэ Миинэ Уола (Дьөгүөрэп диэн) ааттаах сэhэнньит киhи хонон ааhар. Аны санаатахха, букатын бөлөhүөк быhыылаах эбит. Арыт Борукуоппай Оккуотун, Уйбаан Кулукуоскай биитэр Аллака Бааса диэн ырыаhыт дьон сылдьан, ыллаан ааhаллара. Сороҕор олоҥхоhут кэлэр. Биитэр бэйэҥ дьукааҕыҥ болдьоон, анаан-минээн олоҥхолуур. Дьэ, бу улахан бырааhынньык буолар. Чугастааҕы ыал бары мустар. Үлэ-хамнас эрдэ бүтэр. Саамай кураанах мас бэлэмнэнэн, уот-күөс оргуйа олорор, оhох кыыма тиhигэ быстыбакка ыраах алаас уҥуортан кытыастар. Быhата, улахан бырааhынньык буолар. «Но!» диэн, көтөҕүүлээх хаhыыттан балаҕан үрдэ өрүтэ ойуолуу-ойуолуу түhэргэ дылы гынар. Олоҥхоhут туойдаҕына хобордоох, солуур барыта бииргэ ыллаhар.
1929 сыл.
Ити кыhыммыт. Оттон сайыммыт – наар от-бурдук үлэтин былдьаhыга. Саха киhитин сынньалаҥ кэмэ бэрт кыра – саас бурдук үлэтэ буолуор диэри, күhүн — от үлэтин кэнниттэн хаар түhүөр диэри.
Саамай былдьаhыктаах кэм – сайын. Кылгаhа бэрт, ол иhин. Сайын ким даҕаны ускай-тэскэй сылдьыбат, аан-арадьаас, уу-hаар буолбат. От-бурдук үлэтигэр оҕолуун, дьахтардыын дьукку бары кыттаҕын, биир да омурҕаны көтүппэккин. Бөтүрүөп күнүттэн Сэмэнэпкэ диэри хадьымалга хам хатаҕын. Былыргы саха сайынын бэрт кылгастык утуйар, төбөтүн сыттыкка ууран иhэн, тура охсон отун үлэтигэр барар. Ол оннугар кини кыhын уутун ситэр. Ол сөп: кыhын уhун, түүнэ да уhун. Оттон сайын кылгас, түүнэ да кылгас. Ол иhин саха киhи, айылҕа оҕото, айылҕатын сокуонун батар.
Үлэтин түмүк-түмүк кэмнэрин былыргы саха малааhынынан бэлиэтиир. Сайылыкка таҕыстаҕына – саламаат сиир, баай киhи – ыhыах ыhар. Окко киирэргэр – алаадьы сиигин. Ол «Бөтүрүөп алаадьыта» диэн ааттанар. Күhүн от үлэтэ бүттэҕинэ, «кыдама сууйуута» диэн ааттаан эмиэ саламаат биитэр көбүөрдээх лэппээски сиигин. Күhүн хаар түстэҕинэ, сир тоҥноҕуна идэhэ, чоҕучу сиэнэр. Ороhуостубаҕа саха киhи дьиэтигэр күөх оту тэлгэтэр уонна куйаха буhарар. Оттон Кириhиэнньэҕэ алаадьылыыр. Былыргы биhиги бырааhынньыкпыт итинэн бүттэ да быhыылаах. Баскыhыанньа, өрөбүл күннэр төрүт да суохтар – сылы быhа төгүрүччү үлэ.
Мин эмиэ ити курдук үлэҕэ үөрэммитим. Оҕуска иҥнэр буолуохпуттан ыла аҕабын кытта куруутун бииргэ сылдьан бурдук ыhыытыгар, сир солооhунугар, окко үлэлэhэрим. Дьиэ иhин, дьиэ таhын үлэтэ манан ахан буолбат.
Сэтттэ сааспар дьонум миигин оскуолаҕа үөрэттэрэ биэртэрэ. Чөркөөх оскуолатыгар Сергей Иванович Прокопьев диэн нуучча учууталыгар үөрэммитим. Оччотооҕуга, 1913 сыллаахха, Чөркөөххө уонча эрэ дьиэ баара: Баhыыкка балаҕана, Таҥара дьиэтэ, оскуола, бырааба, эмтиэкэ, аҕабыыт дьиэтэ, Бэспиэрэhит Маайа дьиэтэ, Борис, Карнель атыыhыттар дьиэлэрэ.
Бастаан Чөркөөҕү көрөрбөр дьиэлэрин түнүктэрэ улаханын олус сөхпүтүм. Учууталым ахсааны ыйыппытын кыайан билбэтэҕим. Дьиҥинэн даҕаны бэйэм биир кэпсээммэр суруйбут Тооппооор уол курдук тойооску быhыылааҕым. Ону сахалыы билбэт Сергей Иванович барахсан хайдах үөрэппитин билигин бэркиhии саныыбын. «Маҥнайгы учууталбар» диэн ырыатыгар Амма Аччыгыйа суруйбутун курдук, баҕар, кини сатаан кыайан үөрэппэтэҕэ буоллар, мин билигин «таалабар таҥнаста» сытар киhи буолуох этим.
Мин саастыыта дьон үөрэммит кэммит Ийэ дойдуга дьалхааннаах дьыллар этилэр. 1914-1918 сыллардаахха маҥнайгы империалистическай сэрии буолта. Онтон Октябрьскай революция кэлбитэ. Онтон Колчак былааhа. Ол кэнниттэн гражданскай сэрии. Норуот хаhаайыстыбата, олоҕо улаханнык үгдэрийбит кэмэ этэ. Биллэн турар, бу оскуола олоҕор, үөрэххэ да охсуута улахана. 1922 сыллаахха Чурапчыга биhиги кэлэн үөрэнэн испит оскуолабытын бандьыыттар уматан кэбиспиттэрэ. Ити иннинэ аҕам өлөн, 12 сааспыттан дьиэ үлэhитэ буолан үс сыл кэриҥэ үөрэммэккэ, наар от оттоон, мас мастаан алааспар кыстаабытым. Онон барыта ойом-сайам, одоҥ-додоҥ соҕус үөрэх буолан испитэ. Хата, ол дьылларга, нэhилиэкпитигэр биир да үөрэхтээх киhи суох буолан, ревком суруксутунан үлэлээбитим.
1923 сыллаахха, Эллэй оччотооҕуга хоhуйбутунуу эттэххэ, «долгуйар Дьокуускай куоракка дьоллонор сир баарын» билэн, куораты аан бастаан көрбүтүм. Ол дьыл куорат биир оскуолатын 7-ис кылааhын бүтэрэн, 1924 сыллаахха педагогическай техникум маҥнайгы курсугар киирбитим. Түөрт сыл гынан, ол аата 1928 сыллаахха, техникуммун бүтэрэн, бэйэм үөрэммит оскуолабар, Чөркөөххө, оскуола сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээн баартым. Онтон ыла син араас үлэлэргэ сырыттым да, техникуммуттан атын ханна да салгыы үөрэммэтэҕим. Бу техникум биэрбит билиитинэн, кини иитиитинэн сэбилэнэн, син тугу эрэ бар дьоҥҥо наадалааҕы үлэлээн-хамнаан, бэйэм үйэбин моҥоон эрэбин.
Үөрэхпин бастаан бүтэрэн дойдубар, тыа сиригэр тахсыбыппар оҕонньоттор кэпсэтэллэрэ: «Миитэрэй бу куорат үөрэҕин бүтэрбит. Дойдутугар учууталлыы тахсыбыт үhү», – дииллэрэ. «Бу куорат үөрэҕин бүтэрбит» диэн тыл хайдах курдук улаханнык иhиллэрий!
«Соҕотох собо тыастаах» диэн сахаҕа өс хоhооно баар. Бу нэhилиэккэ соҕотоҕун эн үөрэхтээх буоллаххына, эппиэтиҥ улахан буолара. Ол анараа өттүгэр, бүтүн биир улууска сахаттан соҕотох биир учуутал үөскээбит кэмэ эмиэ баар эбитэ буолуо. Дөксө ол анараа өттүгэр бүтүн Саха сирин усталаах туоратыгар сахаттан соҕотох биир эрэ Сокольников луохтуур үөскээн тахсыбыт кэмэ эмиэ баар эбитэ буолуо. Оттон билигин хайдаҕый? Саха сирин усталаах туоратыгар, арааhата, үөрэҕэ суох киhини, бука, эрэйдэнэн булуллара буолуо.
Ол да буоллар мин үөрэммит уйабын, уhаарыллыбыт, хатарыллыбыт кыhабын күндүтүк саныыбын. Билигин санаатахха, бу техникум бэйэтин истээччилэригэр үөрэх төрдүн билиини биэрэ сатаабыт эбит. Кыра оҕону үөрэтии ньымата (методиката) олус улахан суолталааҕын, олус уустугун, элбэх көрүҥнээҕин кини бигэтик өйдөппүт. Үөрэнээччилэрэ киэҥ интэриэстээх, киэҥ билиилээх-көрүүлээх буолалларыгар кыhанан, кинилэртэн араас идэлээх дьон үөскүүлллэрин кэскиллээбит эбит. Ол иhин бу техникум үөрэнэээччилэриттэн саха норуотун олоҕор биллэр-көстөр суолу хаалларар наука, искусство, литература, педагогика, культура биллиилээх үлэhиттэрэ, партийнай-общественнай деятеллэр үөскээн тахсыбыттар. Холобур, Саха АССР үтүөлээх артиhа Т.П.Местников, ССРС народнай артиhа В.В.Местников, философскай наука доктора, профессор А.Е.Мординов, историческай наука доктора, профессор И.М. Романов. Бөдөҥ лингвистар, профессор Л.Н.Харитонов, доцент Н.С, Григорьев; биллэр-көстөр методистар В.Д.Давыдова, Ф.С.Андросов, Н.Н.Павлов, доцент С.Ф.Попов, суруйааччылар — Амма Аччыгыйа, Эллэй, Күн Дьирибинэ, С.Ефремов, Н.Заболоцкай, А.Абаҕыыныскай, С.Васильев, биологическай наука доктора, профессор А.Д.Егоров, тыа хаhаайыстыбатын наукатын кандидата доцент С.Н.Попов. Оттон норуот учууталларын киhи өтөр ааҕан сиппэт үгүстэр. Соҕотох мин үөрэммит курспуттан үс киhи – А.Д.Баланов, М.Г.Носов, И.В. Неустроев 45-ии сыл учууталлаатылар. Бу техникуму бүтэрэн учуутал буолбут дьон үйэ аҥарын устатыгар элбэх киhини, бүтүн армияны иитэн-үөрэтэн таhаарбыттара чахчы. Кинилэр үөрэппит оҕолоруттан эмиэ учууталлар тахсыбыттара буолуо. Ол түмүгэр Саха сирэ билигин кэлимсэ үөрэхтээх дойду аатын ыллаҕа.
Оччотооҕуга Якутскайга орто үөрэх оскуолата үс эрэ этэ. Педагогическай техникум оҕолор ортолоругар, уопсайынан, бүтүн Якутскай да куорат үрдүнэн биллэр-көстөр культура биир киин тэрилтэтин курдук көстөрө. Куорат оҕолорун маҕыньыыт курдук тардан ылара. Биhиги биэчэрдэрбитигэр бэрт элбэх оҕолор ымсыынан кэлэллэрэ.
Якутскайга революция иннинэ учительскай семинариятыттан ураты духовнай семинария уонна Саха үгүс үөрэхтээхтэрэ, олор истэригэр А.Е. Кулаковскай, реальнай училищены бүтэрбиттэрэ. Оттон духовнай семинария аҕабыыттары уонна церковно-приходскай оскуолалар учууталларын бэлэмниирэ. Бу семинарияҕа грек омук тылын эмиэ үөрэтэллэрэ. Ол аата иитиллээччилэр классическай үөрэҕи ылаллара, учительскай семинария, педагогическай техникум таhаарбыт учууталларын иннинээҕи көлүөнэ учууталлар үксүгэр духовнай семинарияҕа үөрэммиттэрэ. Онон духовнай семинария Саха сиригэр сырдык тарҕаныытыгар биллэр-көстөр суолталаах.
Педагогическай техникум тэриллиитигэр нуучча прогрессивнай-демократическай педагогикатын традицията бары өттүнэн тирэх буолбута чахчы. Онон биhиги педагогическай техникуммут, дьиҥэр, үчүгэй традициялаах, үрдүк квалификациялаах, опыттаах учууталлардаах үөрэх саҥа үөскээбит тэрилтэтэ этэ. Бу барыта кини үлэтигэр үчүгэй өттүнэн сабыдыаллаабыта мөккүөрэ суох.
Бастатан биhиги, техникум директора, Александр Федорович Соболевы олус диэн ытыктыырбыт, таптыырбыт. Үтүөкэннээх педагог, олус кыhамньылаах, тэриирдээх салайааччы этэ. Барахсаным билиитин-көрүүтүн, холкутук сыhыаннастаҕа астыгын, үчүгэйин. Хаhан да киhи санаатын түhэрбэт этэ. «Ничего, потом все образуется», – диирэ.
Арай биирдэ күhүн, үөрэх иннинэ, мин кылааска киирэн кэллим. Александр Федорович баар. Кыhыны кыстаабыт улахан баҕайы түннүк араамаларын кыайан хостоон ылан сууйбакка тураллар. Мин хаптаҕай биилээх сүгэни куукунаттан булан аҕалан, эрчимнээхтик олуйа тарда-тарда, түннүктэрин барытын өр гыммакка хостоон биэрдим. Онуоха Александр Федорович эттэ:
– Сивцев, молодец! Хорошо владеет топором!
Бу тыллар билиҥҥээҥҥэ диэри миэхэ күндү наҕараада курдук иhиллэллэр.
Учууталлартан Владислав Петрович Геллис, дьэ, көрүҥнүүн, таҥастыын-саптыын кэрэ киhи этэ! Кылаас аанын аhаат, биhигини туох эмэ диэн күллэрбитинэн, үөрпүтүнэн киирэр! Пушкин, Лермонтов гениальнай айымньыларын кини олорчутун нойосуус билэр быhыылааҕа. Бу үөрэтэрэ-өйдөтөрө үчүгэйин. «Үчүгэйдик» диэн этии киниэхэ кыра. Кини уруогун кэрэтик ыытара. Кэрэтик!..
Ольга Петровна Широкова! Барахсаным сайаҕаhын-сайдамын. Бу мичилийдэҕэ, саҥардаҕа истиҥин. Кини естествознаниены үөрэтэрэ. Кини уруога – бэйэтэ бырааhынньык буолара.
Семчевскай диэн физиканы биэрэр. «Граждане!» – диэн баран, кини уруогун саҕалыыр. Аҕам соҕус, хап-хара бытыктаах, сөҥ куоластаах. Дьэ, билэр да билэр, лоп курдук, астык-бастык ыраас наука төрдө онно баара.
Математиканы Дьяконов Дмитрий Евтрофиевич үөрэтэр. Дьэ, чаҕааран биир туhунан эриэккэс киhи. Үөрэниэ да суох киhини үөрэтиэх курдук, эрчимнээхтик, кэрэхсэбиллээхтик уруогун ыытар.
Иван Антонович Рогожин нуучча тылын методикатын биэрэр. Наркомпрос аппараатыгар өр инспекторынан үлэлээбитэ.
Оччотооҕуга үөрэтии араас методын «көрдүүр бириэмэ». «Дальтон план», «Метод проектов», «Комплексный метод» диэннэр бэйэ-бэйэлэрин солбуйан испиттэрэ. Ол гынан баран олоххо кыайан киирбэттэрэ. Хата, оскуолаларыгар уруккуттан олоҕурбут методтар сөптөөхтөрө көстүбүтэ. Екатерина Алексеевна Кротова – Саха сиригэр дошкольнай үөрэҕи маҥнай төрүттээччи. Любовь Федоровна Корнилова курдук, сахаттан дошкольнай үөрэх бастакы пионердарын барыларын салайбыт ийэлэрэ.
Григорий Андреевич Попов – олохтоох краевед, историк. Саха сирэ бэйэтэ историялааҕын, культуралааҕын биhиги аан бастаан бу нуучча киhититтэн истибиппит. Бу дойдуга сахалартан краеведтар, этнографтар, фольклористар, историктар үөскээн тахсыыларыгар Г.А. Попов өҥөтө хайаан да баар буолуохтаах. Кини республиканскай музей иhинэн краеведение куруhуогун тэрийбитэ. Онно техникумтан, 2-с да ступень оскуола оҕолоруттан үгүс саха ыччаттара сылдьаллара. Олор истэригэр Сэhэн Боло, Эргис эмиэ бааллара. Ол музейга Н.Н. Москвин диэн бэйэтэ сибэтиэй курдук үтүө майгыннаах, бэрт киэҥ билиилээх урукку семинария учуутала юннаттар станцияларын салайара. Мин киниттэн билбитим Саха сиригэр «Алдан виноградын» курдук, араас эгэлгэ күндү оттор үүнэллэрин.
Учууталларбыт Г.А.Попов, Н.Н.Москвин, музей директора М.И.Ковынин көҕүлээhиннэринэн биhиги П.А.Ойуунускай тэрийбит «Саха кэскилэ» диэн научнай общество муньаҕын, лекциятын көтүппэккэ истэр буоларбыт. Онно биhиги аан бастаан эрэ билбиппит олохтоох нуучча үөрэхтээхтэрин ортолоругар Саха сирин чинчийэн үөрэтиигэ хайдах курдук бэриниилээх энтузиастар баалларын. Холобур, ытыктабыллаах, уhулуччу биhиэхэ өҥөлөөх библиограф Н.Н.Грибановскайы, археолог Е.Д.Стрелову, этнораф-художниктары – И.В. Попову, М.М.Носовы, зоолог Н.Е.Воробьеваны уонна да атыттары.
Якутскайдааҕы педагогическай техникумҥа краеведение дьиссипилиинэтэ балай эмэ бочуоттаах миэстэни ылар этэ. Тоҕо диэтэххэ олохтоох кыраайы үөрэтии нуучча норуотун прогрессивнай дьоннорун ортотугар былыр былыргыттан олоҕурбут традиция.
Биhиги техникуммут директора А.Ф.Соболев сүүмэрдээн мунньубут үрдүк квалификациялаах, реальнай училищеҕа, семинарияларга үлэлээбит, баай опыттаах преподавателлэр дөксө да үгүстэрэ. Олортон мин манна дөксө эбии ахтыахпын сөп: С.Н.Лебедеви, А.Я.Тарабукин ботанигы, А.П.Атласова враhы, Л.Н.Грибановская пианистканы. Кинилэр бүттүүн кэриэтэ нуучча үрдүк культуралаах дьоно этилэр. Сахалартан арай А.Е.Кулаковскай, А.А. Иванов-Күндэ бааллара. Биллэрин курдук, бу икки киhи саха норуотун культуратын бөдөҥ деятеллэрэ этилэр. Саха советскай литературатын бастакы көлүөнэлэрэ иитиллэн тахсыытыгар Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Күндэ үтүө сабыдыаллара бэрт сүҥкэн.
Подтехникум ити курдук сүүмэрдэммит учууталлардаах кэмигэр үөрэммиппин мин бэйэм дьолбунан ааҕабын.
Саха норуотугар үөрэх тарҕаныытыгар олохтоох нууччалар прогрессивнай араҥалара, ордук чуолаан, учуутал аймах төhөлөөх улахан өҥөнү оҥорбутун биhиги дөксө ситэ үөрэтэ, сыаналыы, чөмчөтө иликпит. Бу бэйэтэ биир боччумнаах научнай үлэ темата. Маны ким, хаhан оҥорорун күүтэ саныыбын.
Холобурга ылан көрүөҕүҥ, Якутскайдааҕы духовнай семинарияны. Саха тылын бастакы грамматикатын Хитров (ол аата Дионисий аккыырай) оҥорон турар. Протоиерей Дмитриан Попов политссыльнай Э.К.Пекарскайы кытта «Словарь якутского языка» диэн сүүнэ суолталаах үлэни биhиэхэ хаалларбыта. Якутскайдааҕы (билигин А.С. Пушкин аатынан) публичнай библиотеканы төрүттээбит киhинэн Иаков епископ көстөр. Кини бу библиотека аан бастакы төрдүн 1886 сыллаахха бэйэтин 200 кинигэтин биэрэн, библиотекарь хамнаhын төлөөн туран олохтообут. Кэнники даҕаны бэйэтин көмөлтөтүн уураппатах. Тэриллибит сылын бүтүүтүгэр библиотека кинигэтин ахсаана 570 экземплярга тиийэ охсубут. Маннык публичнай библиотеканы тэрийэригэр бу аккыырай ханнык соругу туруорбутун кини кэриэс суругуттан көрүөххэ сөп:
«Г. библиотекарь! Препровождаю два альбома в бибиотеку на год… Альбомы отданы мною на год для развлечения жителей, развития изящного вкуса, обогащения ума и облагораживания нравов. Служа образованию публики, можете, по уговору, назначить, особые дни и часы для рассмотрения сих альбомов, которые я собрал из массы картин в обеих столицах с великим трудом и тщанием, употребив до 300 руб. Эта великолепная панорама, коею любовался великий Князь Алексей Александрович, особенно если смотреть на картины в увеличительное стекло. Через эту услугу якутской публике, не видавшей изящных произведений, и Вы приобретете известность и общую благодарность. Письмо сие сохраните в бибиотеке на память будущим цивилизаторам, как исторический документ, свидетельствующий о нашем начинании просветительском на пользу общую.
Епископ Якутский Иаков».
Якутскайга духовнай семинария 1858 сыллаахха тэриллибит. Оттон реальнай училище – 1890 сыллаахха. Мин билэрбинэн, Саха сирин культуратын араас үлэhиттэрэ, учууталлара, оскуола инспектордара Якутскайдааҕы духовнай семинарияны (сорохторо салгыы Казанскай духовнай семинарияны) бүтэрбит дьон этилэр. Холобур, сахалартан: Семен Донской, Федор Корнилов, Адам Скрябин, Георгий Сивцев, Иван Николаевич Винокуров, Иван Колодезников; Алексей Кузьмин, Иван Галактионов, Василий Леонтьев уо.д.а. Нууччалартан: Г.А. Попов, Н.Н. Москвин, Пант. Вас. Попов, Д.Е.Дьяконов, Митр.Митр. Попов, Яков Аркадьевич Попов, Андриан Расторгуев, Мих. Иокимович Ковынин, Ст.Ст.Габышев, Сем.Ник. Лебедев, Ив.Ив.Винокуров уонна да үгүс атыттар. Бу дьон бары – Саха сирин олохтоохторо. Кинилэр бары учууталлар – сорохторо миигин үөрэппитэ, сорохторо мин учууталлыырбар наркомпрос инспектордара этилэр. Саха норуотун культурата үрдүүрүгэр улахан өҥөлөөх маннык нуучча прогрессивнай интеллигенциятын иитэн таhаарбыт Якутскайдааҕы реальнай училище, духовнай семинария, учительскай семинария үлэлэрин чинчийэн билии, дьоно ортотугар кинилэргэ сөптөөх өйдөбүлү үөскэтии – историктар (олор истэригэр биhиги кинилэргэ үөрэммит да дьон) бочуоттаах сорукпут буолуохтаах. Оннук үлэ нуучча норуотун прогрессивнай культуратын үтүө сабыдыалын дөксө биирдэ дуоспуруннаан көрдөрүөхтээх.
Техникумҥа биhиэхэ нуучча икки, саха икки культурата, тыла тэҥҥэ туттуллаллара. Учууталларбыт үгүстэрэ сахалыы да, нууччалыы да билэллэрэ.
Педагогическай техникумҥа эркиммит хаhыатын нууччалыы тылынан таhаарарбыт. Бэл мин онно, техникуму бүтэрэр оҕолорго анаан, нууччалыы тылынан уhун хоhоону (оданы) суруйбутум тахсыбытын өйдүүбүн. Биhиэхэ кыргыттар эмиэ хоhоон суруйаллара. Екатерина Ильинична Попова (билигин бочуоттаах пенсионерка учительница) техникумҥа үөрэнэ сылдьан, саха национальнай труппатыгар артистыыр да этэ, хоhоон да суруйара. Елена Антипина эмиэ хоhоон суруйара. Оттон А.Д.Неустроева кэпсээнньит этэ.
Ахтан ааспытым курдук, педагогическай техникум оҕолоро сахаҕа театральнай искусство сайдыытыгар мөккүөрэ суох улахан үлэни оҥоорторо. Национальнай труппа бастакы спектаклыгар – Н.Д.Неустроев «Куhаҕан тыын» диэн пьесатыгар – Т.П.Местников, Н.П.Слепцов, С.Д.Федоров сүрүн оруоллары толорбуттара. Нацтруппа артистарынан үксүгэр Якутскайдааҕы педагогическай техникум истэээччилэр үлэлииллэрэ: Т.П.Местников, Алексей Кычкин, Николай Алексеевич Кычкин, Күн Дьирибинэ – С.А.Саввин, Николай Гоголев, Никита Слепцов, В.В.Местников, Герасим Дягилев, Анна Неустроева, Лиза Филатова, Василий Эверстов, Василий Баишев уо.д.а. Күн Дьирибинэ, Николай Гоголев, Никита Слепцов уhулуччу талааннаах артистар этэ. Оттон Степан Павлович Ефремов, Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа драматург буоланнар, кинилэр айымньыларыгар бүтүн көлүөнэ саха артистара иитиллибиттэрэ.
Үөрэнээччилэри, биhигини, «истээччилэр» диэн ааттыыллара. Сорох учууталлар, биhиэхэ кылааска киирэн баран, «Граждане!» биитэр, «Господа!» диэн уруоктарын (лекцияларын диэххэ сөп) саҕалыыллара. Быhата, биhиэхэ оҕолор дии санаан сыhыаннаспакка, уопсастыба достойнай чилиэттэрин биир туhунан бэйэтэ дуоспурун дьон курдук, өрө көтөҕө, уопсастыба иннигэр эппиэппитин улаатыннара сыhыаннаhаллара. Бу үчүгэй, туhалаах этэ, оҕоҕо достоинствоны иитэрэ, бэйэ бас-баттах туттубакка, бастаах-көстөөх буоларыгар көмөлөhөрө, үлэҕэ айымньылаахтык сыhыаннаhарга иитэрэ.
Саха олоҕун оччотооҕу көрдөбүлүгэр сөп түбэhиннэрэн, үгүс өттүнэн бэлэмнээх, билиилээх, общественнай өттүнэн үөрэх-культура актыыбынай үлэhиттэрин иитэн-бэлэмнээн таhаарарга, бу педагогическай техникум сорук туруоруммут эбит. Бу соругун Якутскайдааҕы педагогическай техникум чиэстээхтик толорбута дии саныыбын мин.
Ким барыта икки университекка үөрэнэр. Бастакыта – олох университетыгар, иккиhинэн – үөрэх университетыгар. Мин олоҕум университета – саха былыргы уонна аныгы үйэтин икки ардынааҕы кэм. Оттон үөрэҕим университета – 1930 сыллардааҕы Якутскайдааҕы педагогическай техникум.
Д.К. СИВЦЕВ-Суорун ОМОЛЛООН.
1975 с.