Кыстыкка тахсар кэм бэйэтэ туспа үлэлээх, үйэлээх үгэстээх, кэрээбэт кэрэлээх. Ый 12 кэрдиилээх диэн билэн сылдьабыт.
Улуу Суорун киһиэхэ үс сүрүн идэни биэрбит. Уус идэтин, тыл хомуһунун уонна ойуун, ол аата эмчит, идэтин уус диэҥҥэ илиитинэн тутан-хабан үлэлиири барытын киллэриллэр. Тыл хомуһуна дьону кытта үлэлиир эйгэ идэтигэр барûтыгар сыһыаннаах. Иччилээх тыллаах киһини эрэ дьон истэр-ылынар. Мээнэ саҥалаах киһини ким да аахайа барбат. Оттон эмчит диэн ураты айдарыы. Сэдэх идэ. Дьиҥнээх эмчит эрэ дьону абырыыр кыахтаах.
Кырдьык, туох баар идэни барытын бу үскэ араарыахха сөп эбит. Идэтин талар киһи бу үстэн биирин талыахтаах. Онон идэни сөпкө талар диэн улахан уустуга да суох курдук буолан тахсар. Бэйэҥ идэҥ биирин иһигэр сылдьан син хаһан эмэ талааҥҥын таба тайанаҥҥын үлэҕиттэн дьоллонуоҥ турдаҕа. Айыахха-тутуохха эрэ наада. Айыы киһитэ диэн ону этэллэр.
2 – 3 күн. Улуу Суоруну олордуу.
Улуу суорун – идэ уонна кыһыҥҥы дьиэ-уот таҥарата. Улуу Суорун олорбутун кэннэ Айыы дьиэтэ дьиэ-уот тускутун, идэ алгыһын оҥорор кыахтанар.
14 күн. Саҥа киллэрии. Үс саастаах оҕолорго дьоҕурдарын арыйарга анаан оҥоһуллар туом.
20 күн. Киһи мэҥэтигэр алгыс. Бу туом куту көтөҕүү курдук ыытыллар.
21 күн. Үүнүү алгыһа. Былыр бу кэмҥэ күһүҥҥү ыһыах ыытыллара. Үүнүү күнүгэр ылыллыбыт быйаҥҥа алгыс этиллэр.
Идэ Айыыта
Саха култууратын сүрүн бэлиэлэрэ – алаас балаҕан, сэргэ. Бэлиэ чопчулаах. Төгүрүк алаас. Төрөөбүт балаҕан. Тиэргэн сэргэтэ. Үүнэр ыйбыт тоҕо балаҕан ыйа дэммитэ буолуой? Маныаха үс сүрүн төрүөт баар. Дьыл кэлиитигэр сиэттэрэ саха ыала кыстыкка тахсар ыйа иһэр. Иккис төрүөт саҥа ыал үөскүүрүттэн ситимнээх. Бу ый – уруу кэмэ. Онон саҥа балаҕан туттар ый.
Бу ый бэлиэтэ – Суор ойуута
Суор диэн ытык көтөр. Итэҕэл үөрэҕинэн, бу ыйга сиргэ Улуу суорун диэн Айыы чугаһыыр. Айылҕа бу айар күүһүн аана – киһи тыҥата. Тыын диэн сүр. Сүр сүүрээннээх. Ол сүүрээн устун киһэхэ идэ киирэр. Идэ айылҕаттан, ол аата Айыылартан бэриллэр. Идэни Улуу Суорун биэрэр. Кини киһиэхэ үс сүрүн идэни биэрбит.
Саха сиэрэ-майгыта: Үлэҕэ такайыы
Оҕону, үчүгэйи оҥордоҕуна эбэтэр кыра да ситиһиилэннэҕинэ, хайгыыр куолу. «Сээн» дэммэт оҕо хайҕанаач-чыга ымсыырар. Мантан ордугурҕааһын бэрт былдьаһыы омсолоох көстүүтэ саҕаланар. Тулалыыр эйгэҕэ туох буола турарын оҕо өйдүүрүн курдук, төрөппүт судургу тылынан быһаара сылдьыахтаах.
Оҕо төрөппүттэрин, тулалыыр дьонун үтүктэн улаатар. Онон оҕо баарыгар хас биирдии улахан киһи сиэрдээхтик саҥарыахтаах, дьайыахтаах.
Өбүгэлэрбит оҕону үлэнэн иитэллэрэ. Төрөппүт оҕотун бэйэтиттэн араарбакка илдьэ сылдьан үлэҕэ такайара. Кыра сааһыттан оҕо дьиэ ис үлэтиттэн саҕалаан чопчу толорор тус эбээһинэстэнэрэ (ыам кэмигэр тымтык тутуута, түннүк мууһун кырыатын ыраастааьын уо.д.а.). Онон оҕо эппиэтинэстээх, үлэни таптыыр, бэйэ бэйэҕэ көмөлөһөр сиэргэ иитиллэрэ. Арыычча улаатыытыгар уол оҕо муус-мас киллэрэрэ, кыралаан балаҕан иһинээҕи үлэҕэ, иискэ-күүскэ сыстан барара.
Итэҕэл Улуу Суорун
Хас биирдии киһи олоҕун сүрүн туһаайыытынан идэлэнии буолар. Идэлээх буолан, киһи туһа оҥорор, онон олоҕун оҥостор.
Саха итэҕэлигэр Улуу Суорун дьоҥҥо дьиэ уотун уонна идэни биэрэр таҥара быһыытынан биллэрэ. Сахаҕа киһи идэтэ сүнньүнэн үс суоллаах:
— тыл идэтэ;
— уус идэтэ;
— ойуун идэтэ.
Улуу Суоруну өбүгэбит хара аттаах, хара таҥастаах, сырдык эттээх киһи быһыытынан көрөрө.
Үһүйээн быһыытынан, кини быстаары гыммыт дьоҥҥо суор буолан кэлэн, уот биэрэн тыыннаах хаалалларыгар көмөлөһөр. Ойуун эттэниитэ эмиэ Улуу Суоруну кытта ситимнээх.
Билигин Айыы үөрэҕэр Айыы 5-с халлаана – Улуу Суорун халлаана. Манна киһини оҕо эрдэҕиттэн ханнык эмэ идэни баһылыырга өйүн-санаатын салайыы, киһи мустар күүһүн идэни ыларга туһаайыы, идэни дириҥник баһылааһын тустарынан өбүгэ билиитэ, билиҥҥи билии, онно туһаныллар сиэр-туом этиллэр.
Хаартыска: