«Хоту Тент» хампаанньа Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын сакааһынан 1000 утуйар мөһөөччүгү тигэн, бастакы баартыйаны байыаннай чаастарга тириэртилэр. Утуйар мөһөөччүктэртэн ураты саллааттар кэтэр таҥастарын: «защитнай» көстүүмнэри, кээнчэлэри, үтүлүктэри тигэллэр. Сакааһы түргэнник толорор сыалтан хампаанньа орто үөрэх тэрилтэлэрин кытары сөбүлэҥ түһэрсэн, устудьуоннары быраактыкаҕа ылар.
Афанасий Махатыров, «Хоту Тент» хампаанньа дириэктэрэ:
— 1000 утуйар мөһөөччүгү оҥорон туттарыахтаахпыт диэн бастакы сорудахпыт этэ. Ону барытын толорон, билигин 70-80-чаны эрэ туттарарбыт хаалла. Ол аата 900-тэн тахса мөһөөччүгү тигэн туттардыбыт. Түргэнник киирбит сакааһы туттарбыппыт иһин, аны иккис сорудах киирэн эрэр. Манна утуйар мөһөөччүктэртэн ураты саллааттарга наадалаах защитнай көстүүмнэри оҥоруохтаахпыт. Биһиэхэ улахан көмөнү устудьуоннар оҥордулар. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын кытары тута сөбүлэҥ түһэрсэн, устудьуоннар манна производственнай быраактыкаларын аастылар. Кэнники өттүгэр биһиэхэ үлэҕэ кэлэр оҕолор баар буоллахтарына, үөрэ-көтө ылабыт. Билигин сервис колледжын устудьуоннарын кэтэһэбит. Уонна бу күннэргэ ЯИПК устудьуоннарын эмиэ күүтэбит.
Тигэр сыахха билигин иистэнньэҥнэр киирбит сакааһынан утуйар мөһөөччүктэри тигэ сылдьаллар. Холобура, күҥҥэ биирдии иистэнньэҥ 3-5 утуйар мөһөөччүгү тигиэн сөп.
Светлана Гаврильева, старшай иистэнньэҥ:
— Билигин сакааһынан утуйар мөһөөччүктэри тигэ сылдьабыт. Биир иистэнньэҥ күҥҥэ, холобура, 3-5 утуйар мөһөөччүгү үһү тигиэн сөп. Мөһөөччүк сылааһы тутар, инновационнай матырыйаалтан тигиллэр. Уонна тигэргэ арыый чэпчэтэн, технологиятын хас сырыы аайы уларытан иһэбит. Утуйар мөһөөччүктэртэн ураты балааккалары тикпиппит уонна анал сакаас киирдэҕинэ, онон үлэлиибит. Холобур, кээнчэлэри, үтүлүктэри эмиэ тигэбит. Балааккаҕа эмиэ элбэх сакаас ылабыт.
Салгыы видеоҕа көрөбүт:
Анна СЛЕПЦОВА.
Петр МАТВЕЕВ.
keskil14.ru