С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатыгар “Дарханнар” бырайыак үлэлээбитэ хаһыс да сыла. Бу бырайыагы оскуолабыт эр дьон педагогтара үлэлэтэллэр.
Олунньу 16-18 күннэригэр VII-XI кылаас уолаттара буоламмыт, уопсайа 150 уол байыаннай-патриотическай сборга түмсэн аастыбыт.
Үс күн устата биһиги араас дьаһалларга режимынан сырыттыбыт. 4 отделениенан арахсан, араас тэрээһиннэргэ бастыыр иһин кииристибит. 1 отделение хамандыыра – Юра Старостин (Х кылаас), 2 отделение хамандыыра – Айсен Заболоцкий (ХI кылаас), 3 отделение хамандыыра – Айтал Никифоров (Х кылаас), 4 отделение хамандыыра – Дьулуур Петров (ХI кылаас). Уолаттар бары да дьиҥнээх, күүстээх хамандыыр буолалларын туоһулаатылар.
Үгэс буолбут “Добун” оонньууларга биирдиилээн бастыыр иһин кыахпытын холостубут. Бу күрэхтэһии кроссфит көрүҥнэрин киллэрэн тэриллэр. Хас биирдии көрүҥҥэ атын атын уол кыахтааҕа бэлиэтэннэ. Ол гынан баран уопсай баалынан барыбытын хотон ХI кылаас үөрэнээччитэ Саша Баин муҥутуур кыайыылааҕынан таҕыста. Интеллектуальнай өттүгэр история олимпиадата ыытылынна. Манна миэстэлэр кылааһынан таҕыстылар. Кыайыылаахтарынан VII кылаастарга Айдын Петров, VIII кылаастарга Сайаан Осипов, IX кылаастарга Никита Спиридонов, Х кылаастарга Бэргэн Лукин, ХI кылаастарга Вова Оконешников ааттаннылар. Отделениеларынан “Основы военной службы” диэн дьарыкка кытынныбыт. Манна строевой хаамыыга, бэйэни көмүскэнии ньымаларыгар үөрэннибит. История учуутала В.В. Перевалов “Уроки мужества” ыытта. Чурапчыбыт биир томторугар турар биллиилээх тренер Д.П. Коркин аатын сүгэр музейга марш-бросоктаан кэллибит. Үксүбүт бу музейга сылдьыбыта эрээри, бу күн олох атын сонун харахпытынан көрдүбүт. Маны таһынан киэһээтин салайааччыларбыт араас спортивнай күрэхтэри ыытан биир да мүнүүтэ иллэҥ буолбакка бириэмэбитин туһалаахтык атаардыбыт.
Сбор түмүгүнэн кыайыылааҕынан 3 отделение ааттанна (хамандыыр Айтал Никифоров, салайааччы В.К.Дьяконов) уонна грамотанан, көһө сылдьар Кубогынан наҕараадаланнылар.
Остолобуойбут повардарын минньигэс астарын күҥҥэ үстэ тото-хана аһаатыбыт. Утуйуох иннинэ сухой паек быһыытынан фрукта, минньигэс ас сиэтибит.
Маннык сбор буолара аныгы бириэмэҕэ саамай сөптөөх дии саныыбыт, уол оҕо телефон, телевизор, компьютер иннигэр олорон бириэмэтин атаарара олох сыыһа. Эт-хаан сайдарыгар, патриотическай өй-санаа уһуктарыгар маннык тэрээһиннэр олус наадалаахтар.
Түгэнинэн туһанан, оскуолабыт дириэктэригэр Надежда Васильевна Уароваҕа, “Дарханнар” түмсүү салайааччытыгар Дмитрий Петрович Соловьевка, директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччытыгар Ольга Афанасьевна Дьячковскаяҕа, оскуолабыт бары эр дьонун коллективыгар, иитэр үлэ отделын үлэһиттэригэр уонна саамай минньигэс астаах повардарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Саха сирин бары улуустарыгар олорор биир саастыылаах уолаттарбытыгар Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн эҕэрдэлиибит!
Костя СЕДАЛИЩЕВ, ХI “а” кылаас ,
Никита СПИРИДОНОВ, Богдан СТЕПАНОВ, IX “в” кылаас,
С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.