Арай биирдэ икки булчут тыаҕа бултуу барбыттар. Тиийэн аарыма тайаҕы бултаабыттар. Наһаа үөрбүттэр уонна ким ытан өлөрбүтүн мөккүспүттэр. Мөккүһэн баран этиспиттэр. Уоттарын оттон баран Баай Байанайдарыгар махтаммакка, аал уоттарын аһаппакка бэйэлэрэ эрэ аһаан-сиэн баран утуйан хаалбыттар. Сарсыарда туран төрүөттэрин ууруна барбыттар. Күндү түүлээҕи хото бултуур инибит диэн эрэх-турах санаммыттар.
Биирдэстэрэ: «Мин кэргэммэр киистээн тиийиэх буолтум»,- диэбит. Онуоха доҕоро: «Күөскүн эрдэ өрүнүмэ!»-диэбит. Кинилэр иккиэн итинник кэпсэтэ аҥардаах, этиһэ –этиһэ тыаҕа тахсан төрүөт ууруммуттар. Маны барытын Баай Барыылаах Байанай барахсан истэ-көрө олорон, ити дьон бултаан баран үөрбэккэ этиһэллэриттэн, бултуйан баран махатамматтарыттан, бултуу иликтэринэ бултаабыттыы сананалларыттан, тыаҕа айманалларыттан олус хомойбут. Бу туох да сиэри-туому тутуспат булчуттарга кыыһырбыт уонна туох баар булдун-алдын кыйдаан үүрэн кэбиспит. Онон булчуттар тугу да бултаабакка мэлийбиттэр.
Кураанаҕы кууспут булчуттар тоҕо бултуйбаттарын толкуйдуу сатаабыттар. Тугу сыыспыттарын сыымайдаан-сыымайдаан син төбөлөрүн сыспыттар. Кэмниэ-кэнэҕэс, хомнуо хойут сыыһаларын билинэн, аал уот оттунан, алаадьынан күндүлээн алҕастарын ааттаспыттар. Оҕолорун, ыччаттарын сиэри-туому тутуһуннара үөрэппиттэр.
Баай Байанай кыраттан да үөрүнньэҥ буолан, сыыһаларын көннөстүбүт булчуттарын бырастыы гынан, үүрбүт булдун төттөрү аҕалан, суолларыгар тосхоппут. Булчуттар бултуйар буолбуттар, умнубакка Байанайдарыгар махтанан аал уоттарын аһатан, кыраттан да үөрэн нус –бааччы олорбуттар.
Аполлон Винокуров, 5 кылаас, 14№-дээх «Эдэр корреспондент» эдкорпост,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.