Биһиги оскуолабытыгар Байанай ыйыгар аналлаах дьоро киэһэ, үгэс быһыытынан, ыытыллар. Онно кылаастарынан араас күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Сылын ахсын «Саамай улахан балык», «Саамай улахан сордоҥ», «Саамай улахан сыалыһар», «Саамай кыра балык», «Тоҥ-шоу» уонна булт-алт тэрилин туһунан видеороликтар куонкурустар буолаллар. Оттон быйыл «Тыыннаах хартыына» диэн саҥа куонкурус сэҥээриини тарта.
Бу киэһэ өссө биир интэриэһинэй тэрээһининэн куобаҕы сүлүү уонна үргэммит хааһы астааһыҥҥа маастар кылаастары көрдөрүү буолла. Куобаҕы сүлэргэ хайаан да үөһэ ыйаан туран сүлэллэр эбит. Атаҕыттан саҕалаан аргыый аҕай сытыы быһаҕынан сүлэллэр. Кулгааҕын тириитин кытта тэҥҥэ сүлэллэр, оттон кутуругун ылбаттар эбит. Былыр куобах тириитинэн суорҕан тигэллэригэр 70-ча куобах тириитэ наада үһү. Кулгааҕын эмиэ туһаналлар эбит. Атаҕын суокка оннугар тутталлара. Онон куобах барыта туһаҕа барар эбит. Маны барытын биһиэхэ технология учуутала Варвара Иннокентьевна Винокурова кэпсии-кэпсии көрдөрдө. Биһиги куобаҕы сүлүүнү саҥа көрдүбүт, сүлүү быраабылатын биллибит.
Байанай киэһэтин наһаа биһирээтибит. Өссө оҕолор ханнык эрэ харамай туһунан кэпсиир куонкурустара баара буоллар дии санаатыбыт.
Арылхан Винокуров, Мирослав Винокуров, 6 кылаас,
14№-дээх «Эдэр корреспондент» пост эдкора
«Тыыннаах хартыына» куонкурус
Байанай ыйыгар аналлаах «Тыыннаах хартыына» куонкуруска 1-11 кылаастар бары кылааһынан кытынныбыт. Онно усулуобуйа быһыытынан, кылаас булт, булчут тематыгар аналлаах хартыынаны үтүктэн көрдөрүөхтээҕэ уонна икки мүнүүтэлээх хартыынатын тыыннааҕымсытан хамсатыахтааҕа. Манна олус интэриэһинэй үлэлэри көрдүбүт. Ол гынан баран, сорох үлэлэр саҕалара чуолкайдык, улаханнык иһиллибэтэ хомолтолоох баҕайы этэ. Саамай интэриэһинэй хартыынаны 11 кылаастар уһулбуттар, дии санаатым. Онно ох саалаах үс буойун-булчуттар ытарга бэлэм тураллара көстөр, оттон тыыннааҕымсыппыттарыгар эһэлэрэ уолугар уонна сиэнигэр урукку булка сылдьан түбэспит мүлчүргэннээх сырыытын кэпсиир. Ол олордохторуна эмискэ тыас тыаһаабытыгар бары сааларын ылан бэлэм тураллар. Биһиги уолаттар ону наһаа биһирээтибит.
Эрхаан Созонов, Арылхан Винокуров, 6 кылаас,
14№-дээх «Эдэр корреспондент» пост эдкора
Балыктан бүлүүдэлэр
Байанай киэһэтигэр кылааһынан балыктан астанар бүлүүдэ куонкурустара буоллулар. Ол курдук, 5-11 кылаастар балыктан астанар биир үгэс буолбут бүлүүдэни уонна эмиэ балыктан ураты бүлүүдэни астыахтаахтара. Дьэ, манна араас бүлүүдэ тардылынна. Киһи хараҕа халтырыйар, сыҥааҕын уута сүүрэр кэрэ көстүүлээх, кылаас иһин толорон кэбиһэр дыргыл сыттаах, бииртэн биир ураты ас мааныта.
Биһиги кылааспыт ураты бүлүүдэтин миин ийэм астаабыта. Онно сордоҥу уонна балыгы иһигэр туолбалаан, искэҕин тарталеткаларга ууран, оҕуруот аһынан киэргэтэн астаабыппыт. Оттон үгэс буолбут бүлүүдэбитигэр Люба Еремеева эбэтэ сордоҥ иһин, этин, искэҕин сыаҕа ыһааран астаабыта. Биһиэхэ ону саламаат диэн ааттыыллар. Атын кылаастар балык рулетын, искэх алаадьытын, хачыры, туустаах ыыһаммыт балыгы, индигирка салааты, сордоҥ кэтилиэтин, ыһаарыламмыт балыгы, балык паштетын, фольгаҕа буспут оҕуруот астаах балыгы. «Саҕынньахтаах былык» салаатын уо.д.а. астаан аҕалбыттара. Бу куонкуруска ураты бүлүүдэҕэ биһиги кылааспыт бастаата. Оттон үгэс буолбут баллык бүлүүдэтигэр хачырдаах, туустаах балыктаах 8 кылаастар бастаатылар.
Онон балыктан араас да эгэлгэ аһы астыахха сөп эбит диэн сөхтүбүт.
Элеонора Сухомясова, 6 кылаас,
14№-дээх «Эдэр корреспондент» пост эдкора
Тоҥ-шоу
Сылын аайы Байанай киэһэтигэр 8-11 кылаас уолаттарыгар уонна кыргыттарыгар анаан тоҥ балыгы хатырктааһыҥҥа. Кыһыыга уонна иһиккэ уурууга күрэхтэһии ыытыллар. Манна кылаастан биирдии уол уонна кыыс тус туспа кытталлар.
Дьүүллүүр сүбэ бириэмэни эрэ буолбакка, хатырыктаабыт балыктара төһө ырааһын, кыһыллыбыт тоноҕос төһө аҕыйах астааҕын уонна иһиккэ ууруллар кыһыырдара төһө устуруускалыы кыһыллыбыттарын эмиэ көрөр. Маны таһынан, хатырыктаабыт миэстэ ырааһа, астааччы туттара-хаптара, баартыга, балыгы кыһарыгар анал бэрчээккитэ, тирээпкэтэ учуоттуур. Быйылгы кыайыылаахтарынан уолаттарга 11 кылаас үөрэнээччитэ Вова Винокуров, оттон кыргыттарга 8 кылаас үөрэнээччитэ Ирма Винокурова буоллулар.
Кыттааччылар астаан бүттэхтэринэ, дьүүллүүр сүбэ сыаналааһынын кэнниттэн көрөөччүлэри тоҥ балыгынан күндүлүүллэр. Онон бары үөрэ-көтө тото-хана сип-сибиэһэй тоҥ балыгы амсайабыт.
Байанай киэһэтин саамай кэтэһиилээх уонна интэриэһинэй тэрээһинин бары наһаа сөбүлүүбүт.
Игнат Винокуров, 6 кылаас,
14№-дээх «Эдэр корреспондент» пост эдкора