Кулун тутар 13 күнүгэр биһиги оскуолабытыгар улуустааҕы бадминтон күрэҕэ буолан ааста. Уопсайа 15 хамаанда күрэхтэстэ. Паарынан оонньууга 1 кыыс 1 уол, соҕотох оонньууга эмиэ 1 кыыс, 1 уол диэн арахсан күрэхтэстилэр. Таатта улууһуттан кэлбит оҕолор бадминтоҥҥа олус үчүгэй маастар-кылаас көрдөрдүлэр.
Биһиги оскуолабытыттан Валера Борисов соҕотох оонньууга кыра оскуолаларга II миэстэни ылары ситистэ. Мин бэйэм соҕотох оонньооммун кыргыттарга кыра оскуолаларга IV миэстэ буоллум. Онтон пааранан оонньууга Коля Бандеров, Вилена Кириллина IV миэстэни ситистилэр.
Бадминтон күрэҕэр бастакыбытын кытынныбыт. Үчүгэй түмүгү көрдөрдүбүт дии саныыбын. Мин эмиэ бастакыбын оонньооммун олус астынным, элбэҕи биллим. Спорт бу көрүҥэр киһи этэ-сиинэ олус улахан оруолу оонньуур эбит. Барыта олус үчүгэйдик ааста. Оҕолору кытта билсэн, бииргэ алтыһан, үөрэн-көтөн, бэйэ-бэйэбититтэн үөрэнэн элбэҕи билэн тарҕастыбыт. Инникитин өссө үчүгэйдик дьарыктанан, маннык күрэххэ өссө кыттар санаалаахпыт.
Света ЗАРОВНЯЕВА, X кылаас, Хайахсыт, Чурапчы