Чампарыын Саар диэн ыраахтааҕы бүтүн импиэрийэни баһылаан олорбута. Бу ыраахтааҕы Додор хоруол диэн уолугар бэйэтин импиэрийэтин иһиттэн сөптөөх дьахтары булан, ойох ылан биэрбэтэх. Бары бөлүһүөктэрин мунньан сүбэлэтэ сатаабыт да, ким да сөптөөх дьахтар онно баар диэн сүбэлээбэтэх.
Биир сарсыарда эрдэ баҕайы, бэрт куһаҕан таҥастаах, икки хараҕын ириҥэтэ бүөлээбит, арбайбыт баттахтаах кырдьаҕас бааһынай оҕонньоро Чампарыын Саарга киирэн эппит:
— Эн оҕоҕор сөптөөх дьахтар баар буолуохтаах мантан тус илин сатыы киһи иккитэ төрөөн эргиллэр ыраах сиригэр. Онно Күөх ыраахтааҕы кыыһа баар. Ону бэрт түргэнник аҕалыа этэ… Арай мантан арҕаа диэки бэрт улахан таас хайа баар, ол үрдүгэр көтөн айанныыр тимир аттаах, түүн үөһүн саҕана төрөөбүт, чүөмпэҕэ сүрэхтэммит, төҥүргэскэ үҥпүт Түҥнэри Холоруктай диэн улахан бухатыыр киһи олорор. Ол киһи бэрт аҕыйах хонугунан онно бара сылдьыа этэ, — диэбит.
Чампарыын Саар үөрэн өттүгүн охсуна түспүт. Бухатыырга киһи ыытан, ыҥыттаран ылбыт уонна тэрийэн, оҥорон, Күөх ыраахтааҕыга сурук ыыппыт. Бухатыыр аҕыйах хонон тиийбит. Чампарыын Саар суруйбут суругун Күөх ыраахтааҕыга биэрбит.
Күөх ыраахтааҕы бэркэ сөбүлээн, кыыһын тэрийэн, оҥорон, бухатыырга мэҥэһиннэрэн ыыппыт. Бухатыыр Чампарыын Саарга кэлбитигэр, сыбаайба, үөрүү бөҕө буолбут. Бэрт сотору бириэмэнэн Чампарыын Саар өлөн хаалбыт. Хоруонатын уола Додор хоруол кэппит.
Додор хоруол ойоҕо эрин сөбүлээбэт. Мудириис ыраахтааҕыга барыан баҕарар буолбут. Биирдэ дьахтар улаханнык ыарытар, туох да эмэ эмп буолбат. Дьахтар эригэр этэр: “Арай мин тиллиэм этэ: мантан тус илин биир күннүктээх сиргэ аҕыс салаалаах Аал Луук маска мохсоҕол кыыл сымыыттаан сытыарар, ону аҕалларгын, тиллиэм этэ. Түргэнник сылдьар гына чэпчэки таҥаста таҥнан бар”, — диир эрин.
Додор хоруол куйаҕын кэппэт, туох да сэби ылбат. Чараас таҥаһы таҥнан, бэркэ тиэтэйэн-саарайан барбыт.
Аал Луук маска тиийэн, өрө сүүрэн тахсан, сымыыты сиэбигэр укта туран көрбүтэ, Мудириис аармыйата сааларын өрө тутан баран, хара ыарҕа курдук халыҥ киһи саба сырсан иһэллэр эбит.
Додор хоруол Аал Луук мастан ыстанан кээспит да, куоратын диэки сүүрбүт. Мудириис бухатыыра Үрүҥ Уолантай, Додор хоруолу ситэ-ситиминэ, үҥүүнэн көхсүн хараҕар тирээн илдьибит. Дьиэтин таһыгар кэлэн, үҥүүнэн көхсүн хараҕар тобулу түһэн өлөрбүт.
Додор хоруол импиэрийэтин Мудириис бас билэн, ыраахтааҕылаан олорор. Додор хоруолтан уол хаалбытын, ийэтэ өлөрөөрү гыммытын, аҕата Мудириис өлөртөрбөтөх: “Ол кэриэтин туспа тимир ампаарга хаайан иитиэххэ”, — диир. Уолу тимир ампаарга хаайан иитэллэр.
Биирдэ аатыгар ийэтэ уолугар бэрэски оҥорон ыыппыт. Ньээҥкэһит эмээхсининэн. Эмээхсин ийэтэ арааһы булкуйан астаабытын билбит. Ол иһин уолугар аҕалан көрдөрөн баран, биир бэрэскини ыкка быраҕан биэрбитигэр, ыт сиэбит. Онтон аҕыйахтык сарылаан баран, өлөн хаалбыт. Эмээхсин уолун: “Күрээ, эйигин син биир өлөрүөхтэрэ”, — диэбитин, уол сөбүлээбит. Эмээхсин мөһөөччүккэ суухары өйүөлээн баран, уолга эппит: “Дьэ, тукаам, эн удьуордарыҥ бары бухатыыр дьон этилэр. Эн да күүстээх көрүҥнээх, быһыйга былааннаах киһигин. Онон хойут киһи буолар күннээх буоллаххына, сиргэр-дойдугар эргиллэн, өстөөхтөргүн өлөрөр, саастаахтаргын самнарар буоллаххына, Бабаа Кэрэлиэбис диэн буолаар. Аҕаҥ эйигин инньэ диэн ааттаабыта”.
Хараҕыттан уу-хаар баһан, ытамньыйа-ытамньыйа, уолу уураан-сыллаан, бырастыылаһан баран, ыытан кээһэр.
Уол атах балай баран испит. Ол сылдьан, муора кытыытыгар тиийбитэ, атыыһыттар ааллара кэлэн турар эбит. Уолу мотуруостар тутан ылан, атыыһыттарга киллэрэн биэрбиттэр.
Уол үнкүүһүтэ, ырыаһыта, көрө-нара туох да олус буолбут. Атыыһыттар наар онон саатаан айаннаабыттар. “Ким оҕотоҕун?” — диэтэхтэри-нэ, “Мин, дьадаҥы бааһынай оҕото буолам-мын, отонноон сии сылдьаммын, мунан хаалбытым”, — диир.
Атыыһыттар күн ыраахтааҕы куоратын таһыгар кэлэн тохтообуттар. Күн ыраахтааҕы биир саллааты ыыппыт. “Туох наадалаах дьонуй, билэн таҕыс”, — диэн. Саллаат уол үнкүүлүүрүн, ыллыырын көрөн, киирэр соругун умнан, үс хонон хаалбыт. Үс хонон баран өйдөнөн, наадатын ситэн тахсыбыт. Күн ыраахтааҕы олус кыыһырбыт, саллаатын хаайыыга бырахтарбыт уонна биир күбүөрүнээтэри ыыппыт. “Туох ааттаах оҕо кэлбитий, киирэн көрөн таҕыс”, —диэн.
Күбүөрүнээтэр уол көрүн көрөн, тоҕус хонон хаалбыт уонна нэһиилэ өйдөнөн тахсыбыт. Ыраахтааҕы, күбүөрүнээтэри мөҥөн-мөҥөн баран, хаайыыга бырахтарбыт.
Бэйэтэ көрө киирэн баран, уол көрүн көрөн, уон икки хонон хаалбыт. Онтон өйдөнөн: “Уолгутун миэхэ аҕалыҥ, мин тугу баҕарар биэрэбин”, — диэбит.
— Биир күүл көмүһү дойдугар сүүрбэ сыл атыыһыттыырга биэрэбит, — дэспиттэр.
Ыраахтааҕы сөбүлээн, уолу ылан тахсыбыт, Ыраахтааҕы уолу үнкүүһүт, ырыаһыт уонна сибиинньэ көрөөччү гыммыт. Уол бу сылдьан күн ыраахтааҕы кыыһын билсибит. Ол да буоллар, аатын-сураҕын, төрдүн-төбөтүн кэпсээбэтэх.
Биирдэ ыраахтааҕыга муора иччитэ, Уот Уһутаакы бухатыыр, илдьиттээбит: “Аны тоҕус хонон баран, эн кыыскын ыла тахсабын, биэрэр да, биэрбэт да буолларгын», — диэн.
Ыраахтааҕы, Уот Уһутаакы тахсар күнүгэр аармыйатын мунньан, муора кытыытыгар тоһуйбут. Муора уута уотунан кытыаста түспүт да, үс киһи тахсан кэлбиттэр: биирдэрэ үс бастаах, иккиһэ алта бастаах, үсүһэ тоҕус бастаах. Тобуктарыгар диэри соҕотох атахтаах, тобуктарыттан аллара икки салаа буолбут. Түөстэригэр тыла тахсыбыт, тоҥонохторугар диэри соҕотох тоҥонохторуттан икки салаа буолбут илиилээх дьон тахсаннар, күн ыраахтааҕы аармыйатын бырдах курдук ныһыйбыттар.
Бэрт аҕыйах киһи хаалбытын кэннэ, илин диэкиттэн, таас хайаттан Бабаа Кэрэлиэбис сыгынахтаах тиити соспутунан таҥнары сүүрэн түһэн, үс абааһы уолун кытта охсуһан, икки кыратын өлөрбүт, улаханнара куотан хаалбыт. Бабаа Кэрэлиэбис хайатын өрө сүүрэн тахсан бара турбут, уонна саҥата-иҥэтэ суох, сибиинньэлэрин кытта утуйан хаалбыт.
Ыраахтааҕы: “Мин таҥараттан ыйаахтаах киһи буоламмын, үөһэттэн түһэн көмөлөстөҕө”, — диир. Сарсыннытыгар, тахсыбыт кэмнэригэр, аармыйатын муора кытыытыгар күүттэрбит.
Уол кыыска туох баар төрдүн-төбөтүн, аатын- суолун кэпсээн биэрбит. Кыыс эһэтин атын уонна туттар сэбин уолга ыйан биэрбит.
Уол куорат арҕаа өттүгэр эргийэ турар тимир ампаартан куйах кэппит, үнүү-батас ылбыт. Уотунан тыбыыра турар аты сиэтэн таһааран мииммитэ, күн тахсыар диэри быһа мөҥөн тахсыбыт.
Тоҕус бастаах Уот Уһутаакы тахсан, ыраахтааҕы аармыйатын быһан эрдэҕинэ, тус арҕааттан үрүн көмүс куйахтаах, бухатыырыскай аттаах киһи сүүрдэн кэлэн, Уот Уһутаакыны тоҕус баһын быһа охсон баран, ыраахтааҕыга сүүрдэн тахсан эппит: “Мин сир курдук сирдээх, дойду курдук дойдулаах, Додор Хоруол уола Бабаа Кэрэлиэбис диэн бухатыыр эйиэхэ уол буолан сылдьабын, ону билэҕин дуо? Эйигин өлөр өлүүттэн быыһаатым, онон кыыскын миэхэ ойох аҕал”,— диир.
Ыраахтааҕы олус үөрбүт уонна сөбүлээбит. Чугаһы чуораанынан, ырааҕы барабаанынан ыҥыран, сыбаайба оҥорбут.
Бабаа Кэрэлиэбис: Дойдубар-сирбэр барабын”, — диэбитин, ыраахтааҕы бэркэ сөбүлээн, тэрийэн ыыппыт.
Бабаа Кэрэлиэбис дьахтарынаан кыһынын кырыатынан билэн, сайынын самыырынан билэн айаннаан-симэлээн, төрөөбүт куоратыгар тиийбит. Куорат бүтүннүү хара былааҕы анньынан турар эбит. Биир кырдьаҕас оҕонньорго хоммут. Бэйэтин омук улахан луохтуурабын диэбит дьиэлээхтэргэ. “Бу тоҕо куораккыт санаарҕаата?” — диэбит. Онуоха дьиэлээх оҕонньор эппит: “Биһиги ыраахтааҕыбыт Мудириис хараҕар өлөн бэрт. Харахтаах-сирэйдээх да эрдэҕинэ, үтүө дьаһалы дьаһайбатаҕа. Додор Хоруол өлбүтүттэн ыла кыра норуот туохха да сатала суох хара батталга олоробут”, — диэбит.
Бабаа Кэрэлиэбис: “Дьэ, буоллаҕа. Ол буоллар, Мудирииска баран эт: “Омук луохтуура кэллэ”, — диэн, — диир.
Оҕонньор ыраахтааҕытыгар тиийэн эппитигэр, ыраахтааҕы сурук ыытар, кэлэн эмтээтин, тугу баҕарар биэриэм диэн.
Бабаа Кэрэлиэбис баран, Мудирииска киирбит. Дьэ, икки өттүттэн дорообо, дыраастый бөҕө буолбут.
Луохтуурдара эмтээри туран эппит: “Чэ, туох баар ааҥҥытын барытын хатааҥ”, — диэбит. Мудириистаах ааны барытын хатаан кэбиспиттэр. Биир хоско киллэрэн баран, Мудирииска уонна ийэтигэр эппит: “Эһиги өлөрө сатаабыт уолгут — Бабаа Кэрэлиэби диэн — мин буолабын”, — диэбит да, харахтарын тэһитэлээн, уҥуохтарын тоһуталаан, өлөртөөн кэбиспит.
Уонна урукку аҕатын импиэрийэтин бэйэтэ бас билэн олорбута эбитэ үһү.
Бу остуоруйаны бэйэм билэр остуоруйам буолан, бэйэм тылбынан суруйдум. Таатта оройуона, Баайаҕа нэһилиэгин киһитэ Дедюкин Иван Романович. 1938 сыл, атырдьах ыйын 12 күнэ.
НА СО ССФ архива, ф. 5, оп. 24, дь. 63, л. 1—7.
Саха остуоруйулара/ сост. Эргис Г.У. Якутск, НКИ “Бичик”, 1996.