Баатаҕай орто оскуолатын «Күн» түмсүү оҕолоро Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэлэрин ыыталлар. Олунньу 2-с күнүттэн 13-кэ диэри бу түмсүү оҕолоро оскуолабытыгар «Тыл — норуот кута-сүрэ, барҕа баайа, өйө-санаата уонна инники кэскилэ» диэн ааттаах сурук-бичик күнүгэр анаммыт сахалыы айар уруоктары тэрийдилэр.
Олунньу 5 күнүгэр «КҮН» түмсүү оҕолоро «Олоҥхо — өбүгэ баайа» — диэн тиэмэҕэ уруоктары ыыппыттара. Манна оҕолор Дьааҥы олоҥхоһуттарын сырдаппыттара уонна Д.А. Томская «Үчүгэй Үөдүйээн, Куһаҕан Ходьугур» олоҥхотун аахпыттара. Бу уруоктарга үөрэнээччилэр олоҥхо киһини иитэргэ тирэх буоларын өйдөөбүттэрэ.
Олунньу 6 күнүгэр түмсүү кыргыттара «Оһуор-ойуу оонньуута» — диэн тиэмэҕэ уруок ыыппыттара. Бу уруокка оҕолор «Оһуор-ойуу оонньуутун» кытта билсиспиттэрэ. Оонньууну оҕолор наһаа сэргээбиттэрэ, сөбүлээбиттэрэ. Бииртэн биир сымнаҕас матырыйаалтан кырыллан эрдэ бэлэмнэммит оһуор ойууларын дьүөрэлээн, туруортаан, толкуйдаан оҥорон бэйэлэрэ да астыммыттара. Бу оһуордары хайдах баҕарар уларытан, тупсаран сыһыарыахха сөбүн билбиттэрэ. Оннооҕор, ууга уган , ол эбэтэр илитэн баран араас оһуордары эмиэ толкуйдаан оҥоруохха сөп эбит диэни сэргии истибиттэрэ. Оһуор-бичик араастара, ханнык оҥоһукка туттулларынан ананан, туспа көрүҥнэргэ арахсаллар. От-мас , үүнээйи, сибэкки быһыытын көрдөрөр ойуулары таҥаска тигэллэр. Оттон мас оҥоһукка төгүрүк, үс муннук, түөрт муннук, сурааһын оһуордар туттуллаллар. Тимири ойуулуурга геометрическай уонна от-мас ойуулар дьүөрэлэһэллэрин туһунан кэпсэтии барбыта. Уруокпут түмүгэр Замиралова Ангелина, Шадрина Арлетта хомуска оонньоон барыбытын үөрдүбүттэрэ.
Олунньу 7 күнүгэр оҕолор бибилэтиэкэҕэ үөрэнээччилэри кытта биирдиилээн оонньуу нөҥүө төрөөбүт төрүт тылга уруок ыыппыттара. Бу дьарыкпытыгар 18-с сылын үлэлии сылдьар оскуолабыт бибилэтиэкэрэ Галина Герасимовна кыттыыны ылбыта. Киниэхэ оскуолабыт психологтара көмөлөспүттэрэ. Галина Герасимовна оҕолорго өйдөнүмтүө гына кэпсэтиһиигэ киһи санаатын истэр, учуоттуур, бэйэтин санаатын аһаҕастык этэр, кыһалҕатын ыйытан быһаарсар ньымаларын олохсутууга биирдиилээн кэпсэтиилэри ыыппыта. Ити кэпсэтиилэрин сахалыы оһуордары кырыйтаран оҥотторо олорон ыыппыта сонун буолар. «Күн» түмсүү оҕолоро эмиэ ити ньымаларга үөрэнэ таарыйа сүрдээх сэргэхтик кытыннылар. Психологтар араас өҥнөрүнэн оҕо ис туругун кэтии олорон сүбэ-ама биэрбиттэрэ. Кэпсэтиилэр барыта төрөөбүт төрүт тылбытынан ыытылыннылар. Төрөөбүт тылга харыстабыллаахтык, сиэрдээхтик сыһыаннаһар, бэйэтин омугунан, норуотунан киэн туттар санааларыҥ олохсутарга уруок барда. Уруок оскуолабыт бибилэтиэкэтигэр ыытыллан, оҕолорбут сахалыы кинигэлэри сэргээн, тутан-хабан ааҕан көрдөрдүлэр.
Олунньу 8 күнүгэр түмсүү кыргыттара уонна саха тылын, литературатын учуутала Дария Спиридоновна Колесова 3 «А» кылааска “Норуот тылынан уус уран айымньытын» көрүҥнэригэр оонньуу уруок ыыппыттара. Оҕоҕо төрөөбүт тылыгар кэрэхсэбили, тапталы, ытыктабылы үөскэтэр туһуттан уруок кэмигэр, кылаас таһынан үлэҕэ үгүстүк тыл оонньуутун, күрэҕин тэрийиэххэ, оҕо сэҥээрэр, кэрэхсэбиллээх айар сорудахтары толорторуохха сөп. Бу ньыма оҕо тылын — өһүн чочуйарга, толкуйун торумнуурга балай да көмөлөһөр. Биһиги оскуолабыт Саха тылын уонна литературатын учуутала Дария Спиридоновна Колесова бэйэтэ туспа ураты көрүүлээх, дьоҕурдаах, сатабыллаах, уоппуттаах учуутал. Кини хас биирдии уруоктара, тэрээһиннэрэ, түмсүүлэрэ туспа суоллаах- иистээх буолаллар. Уруок кэмигэр хас биирдии үөрэнээччи «Мин сахабын» диэн өйдөбүлү иҥэриннилэр, түргэн- тарҕан туттунуулаах, булугас өйдөөөх буоларга эрчилиннилэр. 8 «В» кылаас кыргыттара Амелия Жиркова уонна Амина Сивцева наһаа кыһаллан, кичэйэн, хас биирдии оҕоҕо болҕомто ууран туран олус бэрт уруогу ыыппыттара.
Олунньу 9 күнүгэр оҕолор аны 11-с кылаас үөрэнээччилэригэр “Саха остуоруйата — Саха норуотун тылынан уус — уран айымньытын саамай тарҕатыылаах, кэрэхсэбиллээх көрүҥэ» — диэн тиэмэҕэ уруок ыыппыттара. Манна 11-с кылаас үөрэнээччитэ Ваня Горохов остуоруйалары кэпсээбитэ. Остуоруйа толкуйдаммыт фантазията олус күүстээх, ис хоһоонунан, эгэлгэ сюжетынан, сиппит- хоппут уобарастарынан, уус — уран ойуулааһыннарынан олус баай уонна кэнчээри ыччаты үөрэтэр-иитэр суолталааҕынан. Бу остуоруйаларбытыгар туох барыта баар. Кинилэр бука бары иитэр- үөрэтэр, сиэр- туом тутуһар суолталаахтарын өйдүөх тустаахпыт.
Олунньу 10 күнүгэр оҕолор «Кинигэ — норуот баайа» диэн тиэмэҕэ кыра кылаастарга уруок ыыппыттара. Уруок саҕаланыытыгар Леонид Попов «Эйэ ырыата», Тихон Черёмкин «Төрөөбүт буор таптала», Семён Данилов «Күөрэгэй», » Чооруостар», Иннокентий Артамонов » «Күөх хонуу» хоһооннорун доргуччу ааҕан иһитиннэрбиттэрэ. Онтон салгыы Платон Алексеевич Ойуунускай айымньыларын билсиһиннэриитэ буолбута. Оҕолорго анаан суруйбут «Саһыл уонна балыксыт», «Омуннаах оҕо», «Өйдөөх оҕо», «Оҕо куйуурдуу турара» айымньыларын аахпыттара. Салгыы кинигэ быыстапкатын көрбүттэрэ. Виссарион Белинскэй «Үчүгэй бибилэтиэкэ — улахан баай» , Фёдор Достоевскай » Ааҕар киһи аахпат киһитээҕэр быдан билиилээх буолар» диэн бэргэн этиилэрин ырыппыттара.
Олунньу 12 кунугэр Баатаҕай орто оскуолатын бибилэтиэкэтигэр Семён Андреевич Новгородовка анаммыт тэрээһиннэр ыытылыбыттара. Бу күн, оҕолорго оскуолабыт бибилэтиэкэрдэрэ Юнна Павловна Неустроева, Галина Герасимовна Семенова үөрэнээччилэргэ «Төрөөбүт тылбытын төрүттээччилэри төһө билэҕин? » диэн ааттаах, дириҥ ис хоһоонноох викторина ыыппыттара. Оҕолор викторинаҕа олус көхтөөхтүк кыттыбыттара. Бу тэрээһиннэргэ оҕолор өйтөн сахалыы араас тиэмэлэргэ хоһооннору аахпыттара.
Бүгүн, олунньу 13 күнүгэр оскуолабытыгар сарсыардаттан саҕалаан сурук-бичик күнүгэр анаммыт бырааһынньыкпыт өрө көтөҕүүлээхтик саҕаланна. Дьүрүһуйэр хомус тыаһа лыҥкынаата, сахалыы ырыа-тойук дьиэрэйдэ.
Оскуолабыт саха тылын уонна литературатын учуутала Дария Спиридоновна Колесова үөрэнээччилэргэ «Өркөн өй» диэн хамаанданан тыл оонньуутун курэҕин ыытта. Бырааһынньыкпытын алгыһынан арыйда Анна Николаевна Стручкова, кини үөрэнээччилэрэ доргуччу төрөөбүт тылга аналлаах хоһооннору аахтылар. Салгыы оһуохайдаатылар, добун суруктарынан наҕараадаланнылар.
Бу 13 күннээх тэрээһиммитигэр сүүрбүт-көппүт, көмөлөспүт, тэрийсибит «Күн» түмсүү оҕолоругар, төрөппүттэргэ, оскуолабыт директорыгар Л.Н.Григорьеваҕа, завучтарыгар Максимова Л.И, Слепцова С.И., Габышева С.В., учууталларыгар Колесова Д.С, Неустроева Ю.П, Стручкова А.Н., Семенова Г.Г., Чирикова А.Д., Говоровская О.В., Леушин А.А., Данилова С.Н., Рязанская В.Н., Ефимова Т.Е. барҕа махталбытын тириэрдэбит.
Ийэ тыллаах уонна суруктаах буоламмыт саха аатыран сырыттахпыт, бэҕэһээҥҥигэ махталлаах, бүгүҥҥүгэ эрэллээх, сарсыҥҥыга саргылаах, инникигэ кэскиллээх буолуоҕуҥ диэн алҕаатахпыт буолуохтун.
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн! 🎉 📚 📖 ҺӨҔҮҤ
А.Н. СТРУЧКОВА
Баатаҕай орто оскуолатын учуутала