Үөһэттэн, үрдүк куйаартан көрдөххө, арааһа, бу күөл улахан да улахан дракону (Луону) санатар дииллэр… Илэ көрдөххө, уҥуоргу өттө биллибэт, харылыы, дьалкыйа турар, омуна суох, муора муоранан устан дьалкыһытар. Бу—Байкал… Ытык Байкал.
Аан дойду дьоно, киэҥ Россияттан аатын ааттаан, сөрү диэн сөҕөн-махтайан, ытыгылаан, Байкалга дьулуһаллар. Бу диэн чопчу ким да билбэт, Байкал кистэлэҥин. Ол эрээри, үйэлэртэн кэлбит үһүйээннэр, номохтор элбэҕи өйдөтөллөр, араас санааны саҕаллар… Хаһан эрэ, түҥ былыр, Тенгиз диэн Луо күөллэри, уулары, муоралары, сири, дьону барыларын араҥаччылыыр аналлааҕа үһү. Эбэтэр, кынаттаах драконнар күөл үрдүнэн кыырайа көтөн, аллараа туох буоларын барытын кэтээн көрө, одуулуу, чуҥнуу сылдьаллара… Ыксал буоллаҕына, дьоҥҥо түһэн көмө буолаллара… Ити эҥээр олорбут Луолартан саамай улаханнарын ааттара Тенгиз уонна Ольтрек диэн эбиттэр. Тенгиз билигин—Байкал иччитэ буолан, күөл түгэҕэр бүгэн олорор.
Күөл, уу, халлаан, сир иччитигэр сүгүрүйүү Байкал кытылыгар олорор омуктарга сүппэт.
Ерд хайата
Ол чаҕылхай туоһута уонна холобура—Байкалтан чугас турар Ерд хайатыгар ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы Өрт оонньуулара.
Бу сайын, бэс ыйыгар, олус элбэхтик истибит Ерд хайабын, ытык Байкалы илэ көрдүм. Эмиэ элбэхтик истибит Луо туһунан үһүйээннэрим сүрүн дьоруойа Луо—тылын былтатан иннибэр субу эриллэ оонньуу турар эбит.
«Мин, Байкал, күндү оҕолорум, эһиги, төрөөбүт төрүт сиргитин таптыыргытын, хайгыыргытын хаһан да тохтотумаҥ. Бу сир баайа—барыта эһиэнэ»,—диир уонна маҥан таас анныгар утуйа барар.
Ерд хайата—нэлэмэн истиэби санатар, кыра хайалардаах сиргэ соҕотоҕун томтойон турар буолан, бэлиэ. Анаан-минээн ким эрэ көһөҥө таастары хомуйан аҕалан кыстаабытын санатар. Баҕар, айылҕа анаан оҥорбута буолуо диэччилэр эмиэ бааллар. Ким да билбэт.
Өрт оонньуулара саҕаланыан иннинэ, Ерд тула ойууннар таайлаҕан диэн сиэри толороллор.
Таайлаҕан Сир, Уу, Халлаан иччилэригэр сүгүрүйүү сиэрэ. Ерд хайа оройугар бастаан ойууннар, ол эрэ кэнниттэн атын кэмҥэ эр дьон, уолаттар тахсыахтарын сөп. Кыыс, дьахтар ити хайаҕа ыттара көҥүллэммэт, бобуулаах. Быйыл 13 ойуун таайлаҕаҥҥа кытынна.
Бүрээттэр былыргыттан хайаны ытыктыыллар. Барыта сэттэ ытык хайаҕа сүгүрүйэллэр эбит. Олортон биирдэстэрэ—Анга өрүс кытыытыгар турар Ерд хайата.
Сэргэ
Кырдьаҕас, баай устуоруйалаах, былыргы тыыннаах Иркутскайтан айаннаан, Баяндай, Ольхон оройуонугар үктэннэххинэ, атын хартыына: истиэп көҥүл тыына иилии эргийэр, өйгөр-санааҕар, сүрэххэр «мин маны хаһан эрэ көрбүтүм», «мин манна хаһан эрэ сылдьыбытым» диэх курдук, тугу эрэ сүтэрбиккин булбут курдук, дьикти иэйии кутуллар. Онуоха олохтоохтор тас көрүҥнэрэ биһигиттэн уратыта суоҕа, оттон үгэстэр уонна өйдөбүллэр (тыллар эмиэ) майгыннаһар өрүттэрэ илэ көстөр. Ольхон оройуонугар киирэр аартыкка сэргэ бөҕө кэккэлээбит.
Биһиэниттэн атына диэн, иинэҕэс уонна кылгас. Дьэрэкээн саламалары тэйгэччи баайбыттар. Байкал кытылыгар эмиэ сэргэлэр кэккэлииллэр.
Оттон Оонньуу ыытыллар түһүлгэтигэр Саха сирин делегациятыгар анаммыт ураһа, ону тэҥэ саха сэргэтэ бэлиэ гына дьондойон турар. Сэргэни «Киэргэ» ювелирнай фирма дириэктэрэ А.К. Павлов оҥорон, 2015 с. Саха сирин делегацията туруорбут. Онон дойдубут ситимэ манна баарыттан үөрэ санаатым.
«Кэскили» сэҥээрдилэр
VII төгүлүн ыытыллыбыт Өрт оонньууларын чэрчитинэн «Ердынские игры—содружество в пространстве Евразии» диэн научнай-айар кэмпириэнсийэ үс сиэксийэнэн ыытылынна.
Мин «Этническая история и культура Евразийских народов: перспективы сохранения и развития в современных условиях» сиэксийэни иһиттим. 83 саастаах оҕо хаһыатын айымньылаах үлэтин, чуолаан «Эдэр политолог муннуга» рубрика үлэтин сырдаттым. Ити рубрика устуоруйатын, оҕолорго ханнык тэрээһиннэри көҕүлээбиппитин, чуолаан, «Великие победы Александра Невского» диэн брейн-ринг, Төгүрүк остуол курдук улахан түгэннэри аҕынным. Көмүс Орданы кытта чугастык алтыспыт, Байкал чугаһыгар кэлэ сылдьыбыт улуу полководец Невскэй туһунан «Александр Невский в Срединном мире» испэктээкили 2015 с. Саха сирин биллиилээх режиссера Андрей Борисов Иркутскайга Н.П. Охлопков аатынан тыйаатырыгар ситиһиилээхтик туруорбута. Ону көрбүт, өйдүүр дьон кэмпириэнсийэҕэ бааллара.
Кэмпириэнсийэҕэ кыттыам диэн «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттары уонча эксэмпилээри илдьэ барбытым. Кэпсээн бүтүөхпэр диэри, ол хаһыаттарым бэйэбэр төттөрү кэлбэтилэр. Ончу хомойботум: «Чэ буоллун»,—диэтим. Арай саалаҕа олорооччулартан биирдэстэрэ: «Мин бу хаһыаттары уктан кэбистим. Оскуолаҕа, бибилэтиэкэҕэ оҕолорго көрдөрөрбөр, кэпсиирбэр наада»,—диэтэ. Билистибит. Галина Протасовна Хамарханова, Россия үтүөлээх учуутала, Ольхон оройуонун Бочуоттаах гражданина, Шара Тогот оскуолатын учуутала, олохтоох кыраайы үөрэтээччи эбит. Нуучча уонна бурят хааннаах. Ийэтинэн чугас аймаҕа—репрессияламмыт нуучча суруйааччыта Виктор Астафьев эбит.
Салгыыта бэчээттэниэ.
Жанна Леонтьева.
Ааптар түһэриилэрэ.