Сэтинньи ыйбыт тиийэн кэллэ – бүгүн Баай Барыылаах байанайбыт күнэ буолар. Күндү ааҕааччыларбытын, үтүөкэн үгэстээх, Сээркээн сэһэннээх, өттүк харалаах Баай Байанай бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибит.
Оҕолоор, эһиги билэҕит дуо, «Байанай» диэн кимин?
Байанай диэн — ойуур иччитэ, булт таҥарата. Байанай киһилии майгылаах, үөрүнньэҥ, бэринньэҥ, оҕо курдук оонньуулаах — омуннаах, ону тэҥэ хомойумтуо, өһүргэс буолар. Кини ойуур кыылларын, көтөрдөрүн харыстыыр. Ойуурга куһаҕан санаалаах, кыыллары барытын харыстаабакка өлөрө сылдьар булчут кэллэҕинэ кыыллары, көтөрдөрү ыраах куоттаран, күрэтэн кэбиһэр эбит. Ол иһин ойуур кыылларын-көтөрдөрүн Байанай оҕолоро диэн ааттыыллар.
Байанай ыйыгар бултуохтааххын. Балаҕан уонна алтынньы ыйдарга киис, тииҥ, андаатар, саһыл уо.д.а түүлээх кыыллар сыгынньах сылдьаллар, онтон сэтинньигэ биирдэ түүлэрэ ситэр, ол кэннэ биирдэ бултанар. Ол иһин булт барыта көҥүллэнэр. Ону таһынан Күөх Боллох диэн күөл байанайын аһатан баран, үгүс дьон муҥхалыыр идэлээх. Бу курдук сэтинньи ый буолла даҕаны биһиги аҕаларбыт, эһээлэрбит «Баай Барыылаах байанай бэрис, оту – маһы алдьатыам суоҕа, наадыйарбын эрэ ылыам» — диэн алҕаан баран ыраах бултуу- алтыы бараллар.
Онтон «Булчут» диэн кимий?
Булчут диэн булугас-талыгас, мындыр өйдөөх, кыанар үлэһит, аһыныгас, көмүскэс, сиэрдээх үтүө майгылаах киһи. Булт үөрэҕэ, булт дьарыга уол оҕоҕо тугунан да солбуллубат үөрэх буолар. Саха булчута бултаан дьиэ кэргэнин иитэр – аһатар, таҥыннарар.
Ааҕааччыларбытыгар булт быраабылатын билиһиннэрэбит:
1. Атын киһи бултун тыытыа суохтаахпыт, холобура туһахха иҥнибити, буллахпытына үөһээ ыйаан кэбиһиэхтээхпит, суор-тураах сиэбэтин курдук.
2. Уол оҕону 14 сааһыттан булка илдьэ сылдьыахха сөп, бэйэтин ыытан кэбиспэккэ, улахан киһини кытта.
3. Байанайы аһатарга арыгыны биэриэ суохтааххын, хайаан даҕаны арыылаах алаадьыннан аһатаҕын.
4. Кыһыл кинигэҕэ киирбит кыыллары өлөрүө суохтаахпыт.
5. Ханнык баҕар кыыл анал көҥүллээх эрэ бултанарын өйдүөхтээхпит.
Бу курдук, кылгастык Байанай диэн кимин билиһиннэрдибит, инникитин бултуу-алтыы бараргытыгар бу сиэри-туому тутуһуоххут диэн эрэнэбит. Өрүү Байанайдаах буолуҥ! Аар тайҕабытын, тулалыыр айылҕабытын, кыыллары аһынар, харыстыыр буола улаатыҥ! Оччоҕо эрэ көтөр – сүүрэр үксүө, Баай Байанайбыт араас булдунан күндүлүү туруо!
Ааптар: Зинаида Григорьева
Фото: Алексей Степанов архыыбыттан
1
Барыгытын БАЙАНАЙ ыйынын эҕэрдэ.