Былыр биир сүрдээх суостаах күбүөрүнээтэр олорбут. Кини аттыгар биир үс уоллаах бааһынай олорбут үһү. Бааһынай икки уолунаан күбүөрүнээтэргэ хамначчытынан киирбит. Икки улаханын, үлэтин кыайбатахтарын иһин, күбүөрүнээтэр дэлби накаастаан өлөртөөбүт.
Бааһынай тэҥнэһиэ дуо, саамай кыра уолун Уйбааны ыыппыт. Уйбаан баран үлэлиир. Кини сүрдээх күүстээх киһи эбит, күбүөрүнээтэргэ өр олорбут. Онтон биирдэ күбүөрүнээтэр эппит:
— Нохоо, үс оҕуһунан бүгүн маста тиэйэн кэл, — диэн.
Уйбаан үс оҕуһунан мас тиэйэ тыаҕа тахсар. Тиэйбит маһын оҕустара кыайбатахтар, онон сүнньүлэрин быһыта түһэн өлөн хаалыталаабыттар. Ону үс оҕуһу, үс сыарҕаҕа тиэйэн баран, үһүөннэрин соһон дьиэтигэр киллэрэр.
Маны күбүөрүнээтэр көрөр да, дьулайан саҥарбат. Бытыгын өрө имэринэ-имэринэ, дьиэтигэр киирэр.
Уйбаан, маһын олбуор оттотугар сүөкээн баран, эмиэ дьиэҕэ киирэр.
Сарсыныгар күбүөрүнээтэр: “Аны отто тиэй”, — диэн үс аты биэрэр.
Уйбаан баран, үс атыгар тиэйэр. Тиэйэн баран, дьиэтигэр төннөөрү гынар. Аттар кыайбаттар да, сүнньүлэрин быһыта түһэн эмиэ өлөллөр. Ону үһүөннэрин үс сыарҕаҕа тиэйэр уонна бэйэтэ соһон, дьиэтигэр кэлэн, отун олбуор иһигэр тоҕор.
Маны эмиэ күбүөрүнээтэр билэр да кыһаммат. Аһаан баран, Уйбаан үс аты, үс оҕуһу, барыта алта көлөнү, аҕатын аахха сүгэн илдьэн биэрэр. “Сиэн”, — диэн баран, тойонун аахха төннөн кэлэн, күүлэҕэ утуйа тахсар. Ол сытан иһиттэҕинэ, арай күбүөрүнээтэр этэр:
— Эмээхсиэн, дьэ хайдах гынабыт? Ити киһибит күүһэ-уоҕа сүрдээх киһи буолла уонна алта көлөбүтүн өлөрдө. Онон арай сүбэһиппэр барыыһыкпын, — диир.
— Дьэ, баран кэл! — диир ойоҕо.
Күбүөрүнээтэр сүбэһитигэр барар, ол кэнниттэн Уйбаан эккирэтэн барар. Дьэ, маҥнайгы сүбэһиттэригэр тиийэллэр. Уйбаан, түннүк анныгар баран, тугу кэпсэтэллэрин истэр.
Күбүөрүнээтэр саҥата этэр:
— Дьэ, сүбэһитиэм, табыллыбакка, сүбэлэтэ кэллим. Онон дьэ сүбэлээ-амалаа, — диэн.
— Дьэ, тугу сүбэлэтэҕин?
— Дьэ, сүбэһитиэм, миэхэ бааһынай уола Уйбаан хамныччыт буолбута. Алта көлөбүн өлөрдө. Ону хайдах өлөр сүбэтин булабыт.
— Ээ, оттон ол сүбэтэ дөбөҥ.
— Оччоҕо сүбэлээ, абыраа, дьоллоо!
— Дьэ, буурдук гын: бу тус илин диэки баран истэххэ, төрүүр кыыл үстэ төрөөн, көтөр кыыл үстэ көтөн тиийэр сиригэр, халын чачынньыар ойуур иһигэр кугас хардан эһэ кыылга ыытан, онно тырыта тыыттаран өлөрүөххэ.
— Ону туох диэн ыытабын?
— Ээ, оттон эттэҕин дии: “Мин урут булчут этим, онно кугас ыттаах этим, ону сүтэрбитим”, — диэтэххинэ барыа буоллаҕа дии.
Уйбаан, истэн баран, дьиэтигэр урут кэлэн утуйан хаалар.
Сарсыарда турдулар, чэйдэрин иһэ-иһэ, атыыһыт эттэ:
— Дьэ, Уйбаан, эн миэхэ бэрт үчүгэйдик сырыттын, онон биир соруйардаахпын. Мантан тус илин диэки, төрүүр кыыл үстэ төрөөн, көтөр кыыл үстэ көтөн тиийэр сиригэр, кыра иһирик ойуур баар буолуо. Мин былыр булчут этим, онно бултуу сылдьан, биир кугас булчут ыттаахпын сүтэрбитим, ону булан аҕалан кулу, — диир.
Уйбаан “ээх” да , “эһээ” да диэбэккэ, үүннээх көнтөһү бас быатын ылан баран, бара турда. Өр гыныа дуо, остуоруйа омуннаах, кэпсээн эбиилээх, Уйбаан били сиргэ тиийэр. Тиийэн аҕыйахтык хаамарын кытта, эһэтэ бу тиийэн кэлэр. Түүтүн адаарыппыт, тииһин килэппит, ырдьыгыныы-ырдьыгыныы, уун-утары иһэр эбит. Уйбаан ыстанан тиийэн, эһэни сабырҕаҕыттан ылар. Онтон үүнүн, баһын быатын кэтэрдэр да, миинэн баран, дьиэтин диэки бара турда.
Дьиэтигэр кэлэн баран, эһэтин сэргэҕэ баайда уонна дьиэҕэ көтөн түстэ. Кииртэ, дьоно аһыы олороллор эбит. Күбүөрүнээтэр, Уйбааны көрөөт, уҥан хаалар. Онтон өйдөммүтүн кэннэ, Уйбаан этэр.
— Хайа тоҕо уҥнуҥ?
— Дьэ, кэлбитиҥ түргэнэ бэрт.
— Дьэ, тахсан ыккын тут, аҕаллым.
— Дьэ, үчүгэй, — диэн баран, тахсан көрөөт, төттөрү киирэр.
Киэһээтигэр утуйуу буолла. Уйбаан куолутунан эмиэ күүлэҕэ сытта. Ол сытан иһиттэҕинэ, дьоно сүбэлэһэллэр.
— Хайа, эмээхсин, отто сүбэһиппэр баран көрүөм дуу? Бу киһибит сатаммат киһи буолла ээ!
— Дьэ, баран көр, туох эмэ тахсаарай!
Оҕонньор эмиэ барда, Уйбаан эккирэтэн баран, отто түннүк анныгар эмиэ тугу кэпсэтэллэрин иһиллээн олордо. Күбүөрүнээтэр киирэн дорооболоһор, ону-маны кэпсэтэр, онтон, дьэ, эттэ:
— Дьэ, сүбэһитиэм, сүбэлэтэ кэллим.
— Ол тугу, хайдах буоллуҥ?
— Мин бааһынай уола Уйбаан диэн киһини хамначчыт гыммытым, төрүт сүгүннээмээри гынна. Үс оҕуһунан мас тиэйтэрэ ыыппыппын, оҕустарым кыайбакка өлбүттэр. Ону ол үс оҕуһу тиэйэн, үс сыарҕа маһы бэйэтэ тардан киирдэ. Үс атынан от тиэйтэрэ ыыппыппын, эмиэ ол курдук дьаабылаата. Ол иһин маҥнайгы сүбэһиппэр сырыппыппын уонна эһэҕэ туттаран сиэтээри гыммыппытын, эһэбитин миинэн кэллэ. Онон улахан күүстээх киһи буолла, ону хайдах кыайабыт? — диэтэ.
— Ээ, оттон ол сүбэтэ дөбөҥ. Мантан тус арҕаа диэки баран истэххэ, төрүүр кыыл үстэ төрөөн тиийэр сиригэр, абааһы кыыһыгар сиэттэххэ, ол киһи кинини тыыннаахтыы ыыппат киһи буолуо, барбыт киһиттэн ким да эргийбэтэх дойдута.
— Онно туох диэн ыытабын?
— Оттон эттэҕин дии: “Былыр булчут киһи этим, ол сылдьан биир кыыстаахпын сүтэрбитим, ону булан аҕалан кулу”, — диэн көр.
Уйбаан, истэн баран, утуйан хаалла. Сарсыарда туран аһаан бүтэрин саҕана, күбүөрүнээтэр эттэ:
— Дьэ, тукаам, Уйбаан! Эн мин соруктарбы үчүгэйдик толордун. Аны биир соруктаахпын. Самантан тус арҕаа, төрүүр кыыл үстэ төрөөн тиийэр сиригэр, биир кыра тумул тыа кэтэҕэр былыргы мин отуум, дьиэ, баар буолуо. Ол тыаҕа булчут сылдьан, биир кыыстаахпын сүтэрбитим, ону булан аҕалбаккын ээ.
Уйбаан „ээх“ да, „ээй“ да диэбэккэ эрэ таҕыста да, тус арҕаа диэки, эһэтин миинэн баран, типтэрэ турда.
Остуоруйа омуннаах, кэпсээн эбиилээх, начаас үлүгэр айаннаан тиийдэ.
Арай ойуур иһигэр, тумул кэтэҕэр, куһаҕан балаҕан аттыгар абааһы кыыһа тумсунан мас мастыы турар эбит. Онтон Уйбааны көрөн баран, икки илиитинэн өттүгүн таһыйа-таһыйа эккирээтэ:”Дьэ, доҕорум, Уйбаан, ойох ыла кэллиҥ дуо?” — диэтэ.
Уйбаан тиийдэ да, абааһы кыыһын тумсуттан тутан баран, дэлби таһыйда. Онтон абааһы кыыһа эттэ: “Кэбис, таһыйыма, ааттаһабын, көрдөһөбүн. Эн тугу этэҕин да, ону мин толоруом”, — диэн андаҕайда. Уйбаан абааһы кыыһын сыарҕа гынна, эһэтин ат гынна да, көтүтэ турда.
Дьиэтигэр кэлэн баран, абааһы кыыһын бу курдук кигэр: “Дьэ, мин күбүөрүнээтэри таһаарыам. Ол көрөн баран киирэн истэҕинэ, эмэһэтин көп этиттэн куһуок холобурдааҕын тоҕо тардан ылан сиэр”, — диэтэ. Абааһы кыыһа үөрдэ.
Дьиэҕэ көтөн түстэ, абааһы кыыһын күүлэҕэ туруоран кэбистэ. Күбүөрүнээтэр көрөөт, уҥан хаалла. Өйдөммүтүн кэннэ, Уйбаан:
— Тоҕо уҥнуҥ? — диэтэ.
— Кэлбитин түргэнэ бэрт, — диэтэ күбүөрүнээтэр.
— Дьэ, тахсан, кыыскын ыл.
— Үчүгэй, аҕаллыҥ дуо? — диэн баран, күүлэ аанын аһан көрөөт, төттөрү киирэн истэҕинэ, абааһы кыыһа күбүөрүнээтэр көп этиттэн икки куһуок холобурдааҕы ойо тардан ылан сиэн кэбистэ.
Күбүөрүнээтэр бааһыран ыалдьа сытта. Уйбаан абааһы кыыһын уонна эһэни: “Талбыккытыын аһааҥ, мин ыҥырдахпына кэлээриҥ”, — диэн баран ыыталаан кэбистэ.
Күбүөрүнээтэр тиллэн баран, үһүс сүбэһитигэр барда. Ону Уйбаан эмиэ батыһан тиийэн, ортоку түннүк анныгар олорон эрэн, иһиллээн олорбут.
— Дьэ, сүбэһитиэм, сүбэлэтэ кэллим.
— Тугу сүбэлэтэҕин, оттон икки сүбэһиттэриҥ ханна барбыттарай?
— Мин бааһынай уола Уйбаан диэн киһини хамначчыт гыммытым, онтукабын өлөрөөрү гынабын да, кыаттарбата. Маннай эһэҕэ ыыппыппын, эһэбин миинэн кэллэ. Онтон абааһы кыыһыгар ыыппыппын, эһэтигэр сыарҕа гынан аҕалан баран, кигэн эмэһэм көп этиттэн икки куһуок холобурдааҕы быһа таттаран сиэттэ, онон ыалдьа сыттым. Дьэ, хайдах гынабыт?
— Эһээ! Оттон ол сүбэтэ дөбөҥ. “Самантан тус соҕуруу диэки умайа турар уот байҕал ортотугар баар булгунньах аҥарын абааһы уолуттан ылан кэл”, — диэ. Оччоҕо ол киһи кинини, хата, ыыппат киһи буолуохтаах.
Уйбаан дьиэтигэр баран утуйда. Сарсыарда туран, суунан аһыы олордоҕуна, күбүөрүнээтэр эттэ: “Дьэ, Уйбаан, эн миэхэ бэрт үчүгэйдик сырыттыҥ, онон махтанабын. Аны биир соруйардаахпын. Самантан тус соҕууруу диэки баран истэххэ, умайа турар уот байҕал ортотунааҕы булгунньаҕы аҥарын ылан кэл”, — диэтэ.
Уйбаан „ээх“ даа, „эһээ“ да диэбэккэ эрэ, абааһытын кыыһын сыарҕа гынан, эһэтин ат гынан баран, көтүтэ турда.
Баран истэ, баран истэ. Онтон, дьэ, байҕал кытыытыгар тиийдэ. Онно биир буор балаҕан баара, уота өр буола-буола тахсар уонна биир дьахтар саҥата этэр:
— Бу балтыбын Күөкэлики Куону умайа турар уот байҕал иччитэ Уһун Убаҕастай бухатыыр ойох ылла күүһүнэн. Ону туохтаах буолан тугум быыһыай. Арай бааһынай уола Уйбаан диэн киһи буутун этэ буһан, холун этэ хойдон, ытык этэ ыадайан кэллэр, арай кини эрэ тулуһуо этэ, — диир үһү.
Уйбаан көтөн түһэр. Ону-маны кэпсэппит уонна абааһытын кыыһын илдьэ, уот байҕал ортотунааҕы булгунньахха көтөн түстэ.
Булгунньах үөһэ өттө аһаҕас эбит. Онон биир дьахтар саҥата эмиэ этэр:
— Бэҕэһээ күн бу байҕал иччитэ миигин күүһүнэн ойох ылла. Кимнээх буоламмын кимим быыһыай, туохтаах буоламмын тугум толуйуой? Арай бааһынай уола Уйбаан диэн киһи баар сурахтааҕа. Ол киһи кэллэр хайаһыа эбитэ буолла, — диэн.
Уйбаан булгунньах иһигэр көтөн түһэр.
Дьэ, үөрүү-көтүү, кэпсэтии буолар. Онтон Уйбаан булгунньаҕы икки саһаан дириҥ, икки саһаан туоралаах, икки саһаан усталаах гына умуһах хаһар уонна ол иһигэр уот оттор. Умуһаҕы саба урукку кырыһын уурар уонна тимир биллэҕэ уурар. Бэйэтэ орон анныгар саһан хаалар. Абааһытын кыыһын оһох аттыгар үөһэ быаҕа ыйаан кээһэр.
Сотору абааһы уола киирэн кэлэр уонна этэр:
— Туох, туох кэнтик-мунтук сыта баарый? Арааһа, үөлээннээҕим бааһынай уола Уйбаан кэллэҕиҥ буолуо. Баарыын бэрт дьиктй аттаах-сыарҕалаах киһи иһэрэ. Дьэ, кэлбит буоллаххына, таҕыс, саһыма. Оонньуох, иккиэн да тэҥ соҕус күүстээх дьон буолуохпут. Эн төрөөтөххүнэ, аан дойду үстэ сылгылыы кистии-кистии, түҥнэри эргийбит сурахтааҕа. Оттон мин төрүүрбэр бу булгунньаҕым үстэ оҕустуу мөҕүрүү-мөҕүрүү, түҥнэри эргийбит үһү. Онон, дьэ, кэл, охсуһуох, — диэн.
Уйбаан орон анныттан күллэ-күлбүтүнэн тахсан кэллэ уонна:
— Дьэ, оонньуох. Туох оонньуурдааххыный, дьиэлээх киһи бастаан көрдөр, — диир.
Абааһы уола этэр:
— Дьэ, мин, часкыйа түһэн баран, чиэс маспар хатана түһүөм уонна эн түөскэр түһүөм. Онтон эн миэхэ түһээр, — диэн.
— Сөп, — Уйбаан сиргэ сытар. Абааһы уола кылана түһэн баран, чиэс маска ыстанан тахсар. Онтон Уйбаан түөһүгэр түһэр да, Уйбаан олох билбэт. Онтон, дьэ, Уйбаан чиэс маска тахсар, абааһы уола сиргэ сытар. Уйбаан чиэс мастан абааһы уолун түөһүгэр ыстанан кэбиһэр да, абааһы уолун түөһүн бүтүннүү үнтү түһэн кэбиһэр. Ону анарааҥыта „һуук“ дии түһээт, силинэн сотор да, уруккутун курдук буолан хаалар.
Уйбаан, абааһы уола араас албастааҕын, киһиэхэ ылбычча кыайтаран биэриэ суоҕун билэр да, этэр:
— Дьэ, доҕоор, эн тугу билэн-көрөн тураҕыҥ? Көр эрэ оол, оһоҕун кэннигэр барахсан ардьайан үчүгэй да дьахтар турар.
Абааһы уола көрө түһээт, дьэ, икки илиитинэн өттүгүн таһына түһээт, ыстанан тиийэн уураары гынар. Онно биирдэрэ аллараа анньар да, иккиэн тутуспутунан сир кырсын тобулу түһэн, Уйбаан оттубут уотугар түһэллэр. Онно охсуһан- охсуһан баран, иккиэн убайан хаалаллар.
Уйбаан били абааһы уола ойох ылбыт дьахтарын эдьиийдэри илдьэ барар, абааһы ойоҕо буолбут дьахтары ойох ылар. Дьэ, эһэлэрин кытта үһүөн күбүөрүнээтэр дьиэтигэр кэлэллэр.
Бу күн кыраһа хаар түспүт, арай күбүөрүнээтэр суола сибилигин көһөн барбыт, Уйбаан эккирэтэр. Балай эмэ ыраах баран, арай сыыр анныгар тохтоон, чэйдии олороллор эбит. Күбүөрүнээтэр көрөөт, уҥан хаалбыт. Өйдөммүтүн кэннэ, Уйбаан ыйыппыт: /
— Тоҕо уҥнуҥ?
— Кэлбитин түргэнэ бэрт.
— Өлөрө ыыппытыҥ кыайан өлбөтүм, эн үс сорудаххын толордум. Урут икки убайбын накаастаан өлөрбүтүҥ курдук өлөрөбүн, — диир да, саабылалаах эбит, ону сулбу тардан ылаат, илиитин быһыта сынньар, онтон атаҕын быһыта сынньар. Күбүөрүнээтэр уҥа-уҥа тиллэр. Онтон Уйбаан, күбүөрүнээтэр баһын быһа охсон, ойоҕун, оҕотун онно эмиэ ол курдук накаастаан өлөрөр. Бэйэтэ кинилэр малларын, астарын илдьэ аҕатын аахха кэлэн, көнөн-тарайан олорор үһү.
Таатта оройуона, Тыараһа.нэһилиэгэ, Егор Пудович Жерготов суруйбута, 1938 с.
НА СО ССФ архива, ф. 5, оп. 24, дь. 12, л—12.
Саха остуоруйулара/ сост. Эргис Г.У. Якутск, НКИ “Бичик”, 1996.