Бүгүн биһиги Хаҥалас улууһун «Хачыкаат» нэһилиэгэ муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Сардаана Петровна Киприянованы кытта кэпсэтэбит.
— Үтүө күнүнэн, Сардаана Петровна! Биһиги нэһилиэкпит туһунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?
— Үтүө күнүнэн, Арина! Биһиги нэһилиэкпит улахан нэһилиэк буолар, үс дэриэбинэлээх – Хачыкаат бэйэтэ, Кыһыл Үрүйэ, уонна РДСУ учаастага. Нэһилиэкпит тыһыынчаттан тахса киһилээх. Биһиги историябытын олус дириҥ, ону үөрэтэ сылдьабыт.
— Нэһилиэкпит историятыттан кэпсээ эрэ.
— Хомойуох иһин, нэһилиэкпит төрүттэммит сыла биллибэт. Гаврил Михайлович Герасимов диэн биһиги ытыктыыр учууталбыт, кыраайы үөрэтээччи тыыннаах эрдэҕинэ, ити боппуруоһу үөрэтэ сатаабыта, архивка эҥин үлэлээн. Быйыл Национальнай архыыбы кытта дуогабар түһэрсэммит, олох бүгүн бу сибиэһэй справканы тутан турабын. Бу — Хачыкаат нэһилиэгин историятын төрүттэммитин туһунан үөрэтиигэ бастакы хардыы буолар. Бу справкаҕа сурулларынан, биһиги кипчактартан төрүттээх эбиппит. Интэриэһинэй баҕайы историяны суруйан ыыппыттар. Олорор хочобут – Самартай. Манна сурулларынан, «Самир» — монгольскай «лиственница» диэн тылтан таһаарбыттар.
— Нэһилиэкпитигэр билигин саамай суолталаах туох үлэ бара турарый?
— Хачыкаат нэһилиэгин СПБ-га холбуурга үлэ үһүс түһүмэҕэ бара турар. Ол аата дэриэбинэ иһигэр лиинийэ тарда сылдьаллар.
Бу пилотнай бырайыак буолар. Ил Дархаммыт биһигини бу пилотнай бырайыакка киллэрэн, СПБ диэн «сжиженнай” гаас ситимигэр холбонобут. Сыалбыт диэн — хас биирдии ыал холбонорун ситиһии. Кыһыл Үрүйэ, РДСУ учаастак 100 % кииннэммит хочуолунайга холбонон тураллар. Хачыкаат эмиэ холбонуохтаах.
— Кэпсээниҥ иһин махтал!
Арина Габышева, Нария Антипина, IX кылаас.
Кыһыл Үрүйэ оскуолата, Хаҥалас.