Оскуолабытыгар – УРАТЫ КҮН. Бүгүн сарсыардаттан нэһилиэктэртэн элбэх оҕо баһаатайдарын кытта улуустааҕы “Сыл бастыҥ баһаатайа-2019” күрэххэ кэллилэр.
Биир үйэ тухары…
Баһаатай идэтэ пионерскай хамсааһыны кытта ыкса сибээстээх. Ол курдук, Россияҕа пионерскай тэрилтэ 1922 сыллаахха Москваҕа тэриллэн, Бүтүн Сойууска оҕо хамсааһына тэнийбитэ. Комсомолтан тахсыбыт баһаатайдар, этэрээттэри тэрийэн, киэҥ далааһыннаахтык үлэлэтэн барбыттара. Саха сиригэр 1924 сыллаахха олунньу 17 күнүгэр Спартак аатынан бастакы пионерскай этэрээт тэриллибитэ.
Сылаҥҥа бастакы пионерскай тэрилтэ 1925 сыллаахха тэриллибит. Эмпэҕэ Сивцев Павел Иванович дьиэтигэр аһыллыбыт оскуолаҕа. Бастакы пионердарынан буолбуттар: бастыҥ үөрэнээччилэр Макаров Егор Никифорович, Сивцев Дмитрий Васильевич, Башарин Георгий Петрович. Мантан саҕаламмыта баһаатайдар көҕүлээһиннэринэн баай историялаах оҕо тэрилтэтин хамсааһына.
Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ оскуолаларга баһаатайдар оҕону сайыннарыыга, иитиигэ анаан былааннаахтык үлэлэһэллэр. Кинилэр биһиги, үүнэн эрэр көлүөнэ, сиэрдээх, олоххо бэлэмнээх буоларбытыгар кыһаллаллар, бэйэлэрин курдук эрчимнээх, тулуурдаах, дьулуурдаах оҥорон таһаараллар. Кинилэргэ айылҕа психолог, педагог, артыыс, спортсмен да буолан ылар кыаҕы биэрэр, итиэннэ хас биирдиибитигэр ийэ, аҕа, табаарыс, дьүөгэ да буолар аналлаах.
Түһүмэхтэринэн
Барыта 6 кыттааччы “Сыл бастыҥ баһаатайа-2019» ааты ылар иһин күрэхтэстэ.
Бастакы түһүмэххэ баһаатайдар маастарыстыбаларын көрдөрөр аһаҕас дьарыктарыгар сылдьан, оскуолабыт оҕолоро элбэҕи биллилэр, сайыннылар. Холобура, оскуолаҕа форма кэтиитин туһунан диспукка санааларын атастастылар (А.Д Трофимова, Улахан Күөл); театрга кэтэхтэн айаҥҥа уонна актер маастарыстыбатыгар үөрэттэ Бахсыттан В.П. Слепцова; шарик хайдах айыллыбытын уонна шариктан түргэнник фигуралары оҥортордо Дириҥтэн С.А. Кирсанова; оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэри былааннаан хайдах ыытар уопутуттан үллэһиннэ интэринээт-оскуолаттан С.Д. Лаврова; “Чуркэс” (“Чурапчы кэскилэ”) эмблемэтин айан оҥоттордо Сылаҥтан С.Г. Иванова; Мырылаттан Р.А. Тимофеева “Крестики-нолики” оонньуунан оҕолор билиилэрин, сатабылларын араас сорудахтарынан бэрэбиэркэлээтэ.
Иккис түһүмэх бэйэни билиһиннэрии. Үһүс түһүмэх – үлэлэрин сырдатыы.
Төрдүс түһүмэххэ баһаатайдар араас балаһыанньаттан сөптөөх методиканы, ньыманы туһанан, бэриллибит ситуацияны быһаарыыга хоруйдаатылар. Бу уустук түһүмэххэ кыттааччылар олус үчүгэй эппиэттэри биэрэн, көрөөччүлэр да, экспертэр да биһирэбиллэрин ыллылар.
Идиэйэнэн “умайыктанар” дьоммут
Слепцова Вероника Петровна, Улахан Күөл А.А. Макаров аатынан орто оскуолатын баһаатайа:
—Баһаатай куонкуруһа 1991 сылтан ыытыллар. Мин маннык күрэххэ иккиһин кыттабын. Былырыын өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сыл бастыҥ баһаатайыгар” биһигиттэн Лукина Лидия Ивановна кыттан, номинация ылбыта. Баһаатай оҕолору өрүү инники сирдээччи, кэрэҕэ уһуйааччы, оҕолордуун тэҥҥэ сылдьан, үөрэх кэннэ бириэмэлэрин сөптөөхтүк уонна туһалаахтык атааралларын салайар киһинэн буолар.
Собакин Айтал, Мырыла орто оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ:
— Биһиги баһаатайбыт Роза Александровна Тимофеева хаһан баҕарар санаабытын олус сэргээн истэр, барыбытыгар олус болҕомтолоохтук, эйэҕэстик сыһыаннаһар. Тэрээһиннэрбитин биир сүбэнэн ыытабыт, буолбутун кэннэ ырытабыт, сыыһаларбытын ыйабыт. Араас саастаах оҕолор этэрээттэринэн хайдыһан күрэхтэһэбит, манна улахан оҕолор кыраларга кыһаллабыт, кинилэргэ сүбэһит, эрэллээх доҕор буолабыт. Байыаннай-патриотическай “Тэйэр” кулууптаахпыт, араас бырайыактарынан үлэлиибит.
Трофимова Вероника, Улахан Күөл оскуолатын III кылааһын үөрэнээччитэ:
—Биһиги “Дьулуур” оҕо тэрилтэбитигэр араас хайысхаларынан олус иллээхтик үлэлиибит. Баһаатайбыт Аграфена Дмитриевна Трофимова куруутун үөрэ-көтө сылдьар, элбэх талааннаах. Үрдүкү кылаас оҕолорун кытта элбэх үлэлэри ыыппыттара. Мин сылаас кэмҥэ айылҕаҕа ыытыллыбыт күрэхтэһиилэри уонна Саҥа дьылы ордук өйдөөн хааллым.
Попова Саргы, Сылаҥ оскуолатын IX кылааһын үөрэнээччитэ:
—Биһиги баһаатайбыт Сахаяна Григорьевна Иванова быйыл күһүн саҥа кэлбитэ. Кини бэһиэлэй, оҕолору бэйэтигэр тардар. Мээнэҕэ буолуо дуо, биһиги саамай сөбүлээн мустар сирбит – оҕо тэрилтэтин хоһо. Манна биһиги, активтар, ыытар үлэбитин былаанныыбыт, оформлениетын оҥоробут, сценарийын суруйабыт. Бу маннык түгэннэргэ, дьэ, араас идиэйэлэр киирэллэр, ону хайаан да Сахаяна Григорьевналыын сүбэлэһэбит. Баһаатайбар улахан үрдэллэри дабайан, ситиһиилээх буоларыгар баҕарабын.
Яковлева Раина, интэринээт-оскуола Х «б» кылааһын үөрэнээччитэ:
—Биһиги баһаатайбыт Сахая Дмитриевна Лаврова өрүү араас идиэйэнэн “умайа” сылдьар киһи. Кини олус эрчимнээх, көхтөөх, биһигини кытта наар бииргэ сылдьар. Биһиэхэ “Трансформатор” диэн баһаатайдары иитэн таһаарар бырайыак былааннаахтык үлэлиир. Манна араас үтүө хамсааһыннары (тимуровскай үлэ, волонтердар, “Үтүө санаа полката”, о.д.а.), араас диспуттары, күрэхтэһиилэри (чөл олоҕу тарҕатар сыаллаах), көрсүһүүлэри уонна да атын элбэх үлэ көрүҥүн ыытабыт.
“Сыл бастыҥ баһаатайа-2019» ким буолла?
«Үөрэнээччилэр биһирэбиллэрэ» – Иванова Сахаяна Григорьевна, Сылаҥ нэһилиэгин профессор Г.П. Башарин аатынан орто оскуолата.
«Оригинальность и профессионализм» – Трофимова Аграфена Дмитриевна, Улахан Күөл нэһилиэгин А.А. Макаров аатынан оскуолата.
«Творчество и мастерство» – Кирсанова Сардаана Алексеевна, Дириҥ нэһилиэгин Федосеев-Доосо аатынан орто оскуолата.
III миэстэ – Тимофеева Роза Александровна, Мырыла нэһилиэгин Васильев аатынан орто оскуолата.
II миэстэ – Слепцова Вероника Петровна, Бахсы нэһилиэгин Барашков аатынан орто оскуолата.
«Сыл бастыҥ баһаатайа-2019» аат иҥэрилиннэ Лаврова Сахая Дмитриевнаҕа –Чурапчы Д.П. Коркин аатынан интэринээт-оскуолатын баһаатайыгар.
Кыайыылаах кэпсиир
Сахая Дмитриевна Лаврова:
-Бу куонкурус олус элбэҕи биэрдэ: бары кыттааччыларга да, оҕолорго да. Өссө чугастык билистибит, сомоҕолостубут, үлэбитигэр бэйэ-бэйэбититтэн элбэх уопуту, идиэйэни ыллыбыт. Маннык күрэхтэһиилэр үлэбит түмүгүн көрдөрөллөр. Мин кыайыыбар айар бөлөҕүм – оҕолорум уонна коллегаларым – көмөлөһөн, өйөөн, «ыалдьан», сүрүн тирэх буоллулар. Маннык тутуспутунан, аны улууспут чиэһин көмүскүүргэ үлэлэһиэхпит.
Хаартыскаларга: 1. С.А. Кирсанова “История шара” кэпсиир. 2. Уурукку баһаатайдар. 3. А.Д. Трофимова “Прямой эфир” маастар-кылааһа. 5. В.П. Слепцова «В театре» маастар-кылааһа. 6. Дьүүллүүр сүбэ. 7. А.Д. Трофимова, В.П. Слепцова, С.А. Кирсанова, С.Д. Лаврова, Р.А. Тимофеева.
Макарова Саша, Протодьяконова Сайаана,
Никитин Павел, Ноговицын Вова.
«Кыраһа» пресс-киин эдэр кэрэспэдьиэннэрэ.
Сылаҥ, Чурапчы.