Атырдьах ыйын 8 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Горнай улууһун Бэс Күөл нэһилиэгин ойуур баһаарыгар эмсэҕэлээбит олохтоохторугар өйөбүл миэрэлэригэр илии баттаабыта. Ол иһигэр бу дьиэ кэргэттэргэ хас биирдиилэригэр 30-туу тыһыынча солкуобай бастакы көмө харчыны биэрэри уонна аҕыйах кэм иһигэр өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар саҥа дьиэ-уот тутар дьаһалы ыйбыта.
Бүгүҥҥүттэн баһаарга дьиэтэ-уота суох хаалбыт ыаллар бастакы көмөнү туттулар. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ суотуттан 30-туу тыһыынча хас биирдии дьиэ кэргэн чилиэнэ тутуохтаах. Маннык көмөнү 177 киһи ылыахтаах.