- Организмы уунан хааччыйар туһуттан элбэхтик уута иһэ сырыт;
- Организмҥа туус уонна микроэлеменнар аҕыйыылларын таһаарбат туһугар минераллаах, ол аата щелочтаах ууну, үүтү, суораты, быырпаҕы ис. Ол оннугар гаастаах утахтары иһимэ;
- Киһи куртаҕа чэпчэкитик буһарар уонна битэмииннээх бородуукталарынан аһаа;
- Оҕуруот астарын үчүгэйдик сууйан баран сиэҥ;
- Эт-сиин элэйэр ноҕуруускатын аҕыйата сатаа;
- Олус күүстээх буруоҕа тыынар уорганнары харыстыыр мааскалары, респиратордары уо.д.а. туһан;
- Таһырдьа тахсаргар маарылаттан хас да бүк туттуллубут мааската оҥоһун, ону сөп буола-буола инчэт;
- Түннүк уонна аан хайаҕастарын инчэҕэй тирээпкэнэн сото сырыт, кондиционеры холбоо, салгын ыраастыыр тэрил баар буоллаҕына, дьиэҕэ ону туһан;
- Тыынар уорганы харыстанар тэриллэри ордук кырдьаҕас дьон, тыынар уорганнара эмсэҕэлиир уонна аллергиялаах оҕолор уонна улахан дьон туһаныахтаахтар;
- Дьиэҕэ мунньуллубут буортулаах веществолары суох оҥорорго күн аайы сииктээх тэрээпкэнэн сууйа-сото сырыт;
- Итии салгын охсуутуттан уонна тириигэ киһи хараҕар көстүбэт буруо иҥиититтэн сэрэнэр туһуттан күҥҥэ хаста да душтан;
- Таһырдьа наадата суоххар тахсыма, дьиэҕэ олорон ону-маны туһалааҕы гыммыта буол;
- Доруобуйаҥ мөлтөөбүт курдугун биллэххинэ (сэниэҥ суох, мэйииҥ эргийэр, тыынаргар ыарахан, сөтөллөр, утуйбат буоллаххына) суһал көмөнү ыҥырыҥ.
Доруобуйаҕытын харыстана сылдьыҥ!