Дьонум мин бырааппын күөмчүлүүллэр дуу дии санаатым. Хаһан да киэһэ күүлэйдэтэ ыыппаттар, наар бырааттарбын көрдөрөн тахсаллар. Сайыҥҥы сынньалаҥмар биир күн сынньаммакка үлэлиибин: оттоһобун, сир астаһабын, өрөмүөн оҥорсобун, о.д.а үлэ элбэх.
Атын оҕолор оннооҕор соҕуруу күүлэйдээн кэлэллэр. Саатар, миэхэ ымсыырбыт таҥаспын ылан биэрбэттэр. Наар харчыбыт суох аатырар. Эгэ айфон биэриэхтэр үһү дуо?
Мин оҕолор курдук сынньанар, маанытык таҥнар-симэнэр, туох да хаарчаҕа-соруйуута суох бэйэм сөбүлүүрбүн гынар бырааптаахпын буолбаат?
Милана.
***
СӨ Оҕо быраабыгар боломуочуйалаах аппаратын старшай референэ Нюргуяна Алкивиадовна Иванова:
—Мин өйдөөбүппүнэн, эн суругуҥ төрөппүт кырыктаах сыһыанын туһунан буолбатах. Көннөрү эн дьонуҥ баҕаҕын толорор, муораҕа сынньата ыытар, маанытык таҥыннарар кыахтара суох эбит.
Ханнык баҕарар дьиэ кэргэн суруллубатах сокуоннардаах, олохсуйбут быраабылалардаах, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр үгэстэрдээх. Аны туран, хас биирдии ыалга дьиэ кэргэн киһитэ барыта, оҕотуттан саҕалаан оҕонньоругар тиийэ, тус эбээһинэстээх буолар. Биллэн турар, ол эбээһинэһи үллэстии биир тэҥник түҥэтиллэрэ ордук. Ол гынан баран, үксүн оннук табыллыбат. Тоҕо диэтэххэ, элбэх оҕолоох ыалга төрөппүттэрэ мэлдьи үлэлээн тахсаллар, иллэҥэ суохтар, онон бырааттары-балтылары көрүү-харайыы, дьиэ иирбэ-таарба үлэтин толоруу барыта улахан оҕоҕо сүктэриллэр.
Ол сиэринэн, эн эмиэ улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлиир эбиккин. Ону эн сор-муҥ курдук ылынама. Бэйэҥ көмөҕүнэн ийэлээх аҕаҕар туһалыыргын, дьиэ кэргэниҥ уйгутун уһансаргын, бигэ туруктаах буоларыгар кылааккын киллэрэргин умнума. Ол улахан ситиһии, өйөбүл, тирэх. Сотору бырааттарыҥ улаатыахтара, көмөлөһүөхтэрэ. Оччоҕо үлэҕит өссө таһаарыылаах буолуоҕа.
Доҕотторгор тэҥнэһэ сатаан, бэйэҕин көйгө курдук сананыма, сэнэнимэ. Төттөрүтүн эн кинилэрдээҕэр олоххо быдан бэлэмнээххин, сатабыллааххын, уопуттааххын. Ол инники олоххор улаханнык туһалыа. Кэлин бэйэҥ махтаныаҥ дьоҥҥор — барытын сатыыргар, үчүгэй хаһаайка аатыраргар, олоххо бэлэмнээх гына ииппиттэригэр.