Хас биирдии улаатан эрэр оҕо туох эрэ дьарыктаах, интэриэстээх буолар. Тугу эрэ оҥоруон, айыан-тутуон баҕарар. Үөһээ Бүлүү Кырыкый диэн нэһилиэгэр Арина Федорова диэн кыыс олорор. Кини эн саастыылааҕын. Быйыл 9 кылаас буолла. 2021 сылтан торт астаан атыылыыр. Бэйэтэ эбии үп-харчы киллэринэн дохуот оҥостор, баҕа санаатын сыыйа туоларыгар кыһаллар.
— Арина, аан бастаан торт астыыры хайдах саҕалаабыккыный?
— Ийэм бырааһынньыктарга торт астыырын ымсыыра көрөр этим. Онтон ийэм үөрэтэн, сүбэлээн билигин бэйэм оҥорон атыылыыбын.
—Хайдах торду астыыгыный?
— Дьон урукку кэми санатар минньигэс амтаннаах торт диэн боростуой бисквитнайы ылаллар. Арыыттан оҥоһуллубут кремнааҕы ордороллор. Оҥорорго да судургу.
—Торт оҥорорго туох нааданый? Саамай туттар ингридиенын?
— Миэхэ, холобур, арыы уонна сымыыт. Арыыны эрдэ ылан хаһаанабын. Ол иһин, куруук баар. Онтон сымыыт өрүс суола суох буолла да атыыга олох кэлбэт. Биһиги нэһилиэкпит өрүс уҥуор баар. Ол иһин, хаар уулунна да сир тоҥуор диэри кэлэрэ уустук. Вездеход соколлар эрэ сылдьаллар, ол эрэн проезд сыаната олус ыарахан буолан, мээнэ айаннаабаттар. Сөмөлүөт биирдэ эмит көтөр… Көмөлөһөөччүм — миксер. Миксербын олус харыстыыбын.
—Эһиги эҥэр сымыыт сыаната төһөнүй?
— Чааһынай маҕаһыынарга 1 устууката 16 солкуобай. Биир тортка 5 устуука сымыыт туттуллар.
—Оччоҕуна суол суох кэмигэр сакааһы хайдах оҥороҕунуй?
— Олох сабыылаах кэмигэр продуктам бүттэҕинэ сакаас ылан бүтэбин. Үксүн өрөбүллэргэ уонна бырааһынньык өрөбүллэригэр сакаас ыла сатыыбын. Күн ахсын буолбатах.
—Дьон хайдах эйигин буларый?
— Билигин үксүн дьон билэр буолан бэйэлэрэ сибээскэ тахсаллар. Сороҕор ватсапка биллэрии ыытабын.
—Хамнаскын хайдах былаанныыгын?
— Бастаан продуктабын хааччынабын, онтон барыспын мунньан баҕа санааларбын толоро сатыыбын. Саамай улахан баҕа санаабын айфон төлөпүөнү уонна наушнигын ылынным.
—Үчүгэйиин! Төрөппүттэргиттэн көмө көрдөөбөккө бэйэн атыыластаҕын?
-Оннук! Бэйэм буларга-таларга үөрэнэ сатыыбын.
—Инникитин туох былааннааххыный?
— Бу сөбүлүүр дьарыкпынан быйыл оскуолабар уонна улууспар буолбут “Мин дьарыгым – мин дохуодум” диэн ааттаах бырайыагынан НПК-ҕа кыттан кыайылаах тахсыбытым. Маннык дьарыктанан наһаа элбэххэ үөрэнним. Өссө хайдах оҥоруохха сөбүй, туох саҥаны киллэрэрбин толкуйдуубун. Атыылаһааччы тугу баҕарарын билэргэ дьулуһабын. Үлэни сыаналыыр буоллум, харчы хайдах кэлэрин биллим.
—Бэйэҥ курдук тугу эрэ дьарыктаныан баҕарар саастылаахтаргар тугу баҕарыаҥ этэй?
— Мин санаабар, баҕа санаа туолуута барыта күүстээх үлэттэн турар. Сүрэхтээх буолуҥ уонна бириэмэҕитин сөпкө сааһылыы үөрэниҥ. Оччоҕо барыта сатанар. Саҕалаабыт дьыалаҕыт хамсыыр.
Нюргуяна Захарова