Баҕа санаа диэн тугу эрэ олус күүскэ баҕарыы, туохха эрэ дьулуһуу. Ким эрэ үчүгэй дьиэлэниэн баҕарар. Ким эрэ төрөппүттэрэ, эбэлэрэ-эһэлэрэ ыалдьыбатын баҕарар. Ким эрэ атын сир-дойду айылҕатын көрүөн баҕарар, ким эрэ Дисней лендкэ сылдьыан баҕарыа.
Оттон мин баҕа санаам Аан дойдуну барытын көрүөхпүн, билиэхпин баҕарабын. Дьиҥэр, сир наһаа улахан буолбатах эрээри, араас климаттаах, үүнээйилээх, кыыллардаах, култууралаах, абыычайдаах норуоттар олороллор.
Бу баҕа санаабын толорорбор мин хас да омук тылын билиэхпин наада. Элбэҕи ааҕан, билэн, атын омуктары кытта сатаан кэпсэтэр элэккэй буолуохтаахпын. Ол эрээри саамай сүрүнэ бэйэм төрөөбүт тылбын, култуурабын үчүгэйдик баһылаабыт буолуохтаахпын. Оччоҕо биирдэ атын омуктары кытта тэҥҥэ кэпсэтэр аан дойду гражданина буолуохпун сөп.
Хаһан эрэ мин баҕа санаам туолуо диэн эрэллээхпин. Билэрбит курдук, Саҥа Дьыл киһи баҕа санаата туолар бырааһынньыга. Онон оҕолоор, эһиги баҕа санааҕыт туолуо диэн эрэнэбин.
Саҥа Дьылынан, саҥа дьолунан!
Настя Куличкина.
Баҕа санаа диэн киhи туола илик баҕата. Киһи барыта кыра да, улахан да баҕа санаалаах буолар. Уонна ону толорорго дьулуһар. Кини ол баҕа санаата сайдарыгар көмөлөһөр, тугу эрэ саҥаны арыйарга уонна саҥа кыахтары арыйар.
Баҕа санаа киһини кынаттыыр, олоҕун ис хоһооно байар. Күннээҕи баҕа санаа диэн үчүгэйдик үөрэнии, элбэх доҕоттордонуу, соло кэмин туһалаахтык атаарыы.
Онтон улахан ыра санаа — үрдүк үөрэххэ үөрэнии, үлэһит буолуу, араас дойдулары билии-көрүү. Оҕолоор, баҕа санаалаах буоларгытыгар баҕарабын!
Нарыйа Романова.
Хас биирдии киһиэхэ сааһыттан тутулуга суох баҕа санаалаах. Баҕа санаа кэрэҕэ, сырдыкка, үтүөҕэ тардыһарга үөрэтэр истиҥ санаа. Холобур, мин бэйэм баҕа санаам дьадаҥы оҕолорго уонна кыылларга ас, бэлэх биэриэхпин баҕарабын. Сир үрдүгэр ханнык да оҕо аччыктаабакка, дьоллоохтук сылдьарыгар баҕарыам этэ. Киһи үөрэ-көтө сырыттаҕына, баҕа санаалара туолаллар, хаһан да санааны түһэрбэккэ инникигэ дьулуһуохха наада.
Элбэхтик билиигин-көрүүгүн сайыннаран, киһи быһыытынан үчүгэй сиэрдээх-майгылаах сырыттахха дьон-сэргэ ытыктабылын ылыаҥ, үрлүктэн үрдүк ситиһиилэри дабайыаҥ! Сотору саргылаах Саҥа дьыл буолар. Күндү Сахабыт сирин оҕолорун эҕэрдэлиэхпин баҕарабын, доруобай,буолуҥ уонна 4-5 үөрэниҥ. Кэлэн иһэр саҥа дьылынан!
Христина Яковлева.
Баҕа санаа диэн тугуй? Баҕа санаа диэн киһи олус күүскэ баҕарара буолар. Баҕа санаа туохха нааданый? Киһи баҕа санаата суох буоллаҕына ситиһиитэ суох буолар. Ханнык эрэ киһи элбэх хаччы баҕарар. Онтон ким эрэ саҥа дьиэ баҕарара буолуо.
Бу санаа киһиэхэ элбэх сатабылы, билиини аҕалар. Тоҕо диэтэххэ, баҕа санаа туоларыгар киһи элбэхтик үлэлиир, сайдар. Оттон мин баҕа санаам араас кыыллары иитиэхпин баҕарабын. Ол баҕа санаам хаһан эрэ туолуоҕа диэн эрэнэбин. Оттон Сахам сирин оҕолоругар баҕарыам этэ үчүгэйдик 5-4 сыаналарга үөрэнниннэр, үчүгэй доруобуйаны, уйгуну-быйаҥы! Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин!
Симона Павлова.
Киһи баҕа санаалаах буоллаҕына, элбэххэ үөрэнэр, сыалын-соругун ситиһэр. Сахаларга өс хоһооно баар: баҕалаах баҕанаҕа ыттар диэн. Биһиги улааттахпыт аайы баҕа санаабыт тэҥҥэ улаатан иһэр. Мин баҕа санааларым олоххо киирэллэрин курдук элбэхтик кинигэ ааҕабын, билиибин дириҥэтэн эбии дьарыктанабын.
Бу барыта бары өттүнэн билиини кэҥэтэргэ көмөлөһөр. Сотору Саҥа дьыл буолара чугаһаата. Сахам сирин дьонун эһигини эҕэрдэлиэхпин баҕарабын, доруобуйаҕыт алмаас курдук күүстээх буоллун, элбэх үп-харчы кэллин, оҕолоох, сиэннээх буоллаххытына, мэлдьи үөрдэ, көмөлөһө сырыттыннар. Чысхаан элбэх бэлэх биэрдин! Кэлэн иһэр Саҥа дьылынан, саҥа дьолунан!
Аэлита Окоемова.
“Арыллыы” суруналыыстыка куруһуогун үөрэнээччилэрэ, Дьокуускай.