Дьэ, баҕа баһылык диэн олорбут. Көлөтө буоллаҕына, көлгөмө буоллаҕына, уу кыыла, от-мас төрдө аһылыктаах күтэр кыыл көлгөмнөөх буолан үөскээбит.
Ол сылдьан кини, дьэ, туран, биирдэ улахан күтэри тутан ылан, муннуттан үүттээн, ат гынан миинэн, көлө оҥостон, ырыаланан-тойуктанан, ыаһаҕыран-сэһэннэнэн, айгыстан бөҕө сылдьыбыт, үс дойдуну үрдүнэн хаамтаран, аан дойдуну барытын кэрийтэрэн. Ол сылдьан, маннык диэн ырыалаах буола испит:
— Дьэ дуо, мин киһи
Баҕа баһылык буоламмын,
Хараҥа далай тойонтон,
Көс уулаах дьэбэрэкэ тойоннуттан
Көҥүл ыламмын,
Күн дэлэгэй сиригэр күүлэйдиир санаа булунаммын,
Икки хос тиистэммит,
Улуукан күтэри көлөнөммүн,
Үс кырыылаах
Манчаары от батастанаммын,
Ох саа оҥостоммун,
Сөкү төрдүн буламмын,
Токуччу баайаммын,
Кылааннаах сэп оҥостон,
Ох гына ыта оонньуу испитим,
Манчаарылааҕы баһынан,
Тыымпыны улаҕа өттүнэн,
Күөрэлээҕи илин өттүнэн,
Күүлэй бөҕөтүн күүлэйдээтим.
Төлкөлөөх алааһым соҕуруу баһыгар
Хараҥа чүөмпэ таһыгар тиийэн,
Күтэр кыылым богдорус гынна,
Онтон таралыс гынна,
Тас иэмминэн ыыппыта.
Онтон бэттэх
Мин тас иэним дьураалаах,
Харалаах, өссө кыһыллаах.
Онон баҕа оннук ойууланан турар, күн уота сиэн диэн буолар.
Якутские народные сказки /Сост. Илларионов В.В., Дьяконова Ю.Н., Мухоплева С.Д. и др. — Новосибирск: Наука, 2008.